2 года назад 229
“Ойуур” испэктээк: 73 сыл буолан баран эргиллии
Ахсынньы 6 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын «Олоҥхо» саалатыгар нуучча улуу драматура Александр Островскай «Ойуур» испэктээгин премьератын иннинээҕи пресс-кэмпириэнсийэ буолан ааста.
Испэктээк Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтэ уонна Арассыыйатааҕы тыйаатыр диэйэтэллэрин сойууһа А.Н. Островскай төрөөбүтэ 200 сылынан олохтообут судаарыстыбаннай граннарын өйөбүллэринэн турда.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ Арассыыйа уонна СӨ норуодунай артыыһа, ССРС, РФ уонна СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Степанов, СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, режиссер Сергей Потапов, Арассыыйа тарбахха баттанар худуоһунньуга, испэктээк уотунан-күөһүнэн хааччыйар Стас Свистунович, бырайыак салайааччыта, театровед Надежда Осипова кыттыыны ыллылар.
Саха театрын түмэлин салайааччыта Ефим Степанов:
–Саха тыйаатырыгар Островскай айымньытын аан бастаан 1934 сыллаахха режиссер Спиридон Григорьев туруорбута. Онтон ыла, мин ааҕарбынан, Островскай 16-17 араас пьесата сахалыы саҥаран, тыйаатырбыт сыанатыгар таҕыста.
Нуучча улуу драматура Островскай пьесалара хас биирдии туруорбут режиссерга, оонньообут артыыска улахан оскуола буолаллара саарбаҕа суох. 1949 сыллаахха «Тыа» («Лес») испэктээги аан маҥнай ССРС норуодунай артыыһа Василий Местников туруорбут. Аатырбыт артыыстар Дмитрий Ходулов – Несчастливцевы, Петр Решетников – Счастливцевы, оттон Гурмыжская оруолун аан бастаан Дарья Слепцова оонньообуттар. Худуоһунньугунан кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт Агафон Лукин үлэлэспит. «Онтон Саха тыйаатырыгар кэнники сылларга «Сатабыллаах саһыл саҕалаах» («На всякого мудреца довольно простоты») диэн испэктээк турбута», – диэн чопчулаан биэрдэ Ефим Николаевич.
Режиссер Сергей Потапов Александр Островскай пьесаларыттан бу иккис туруоруута буоларын сэһэргээтэ. Бу иннигэр Казахстаҥҥа Нуучча тыйаатырыгар «Энньэтэ суох кыыс» («Бесприданица») диэн пьесаны туруорбутун аҕынна. «Островскай классическай тыйаатыр маастара. Оттон биһиги бу “Ойуур” туруоруубут олох атын. Саха көрөөччүтүгэр ордук тиийэр, болҕомтотун тардар гына ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-битиилээх буолан таҕыста», – диэн быһаарар Сергей Станиславович.
Режиссер бастаан Островскайдыын билсэригэр классик суруйааччыны ытыктаан, «Үс аҕас-балыс» («Три сестры») пьесаны бэйэтинэн туруорбутун көрөөччү соччо өйдөөбөтөх эбит… Ол иһин эмиэ классик суруйааччы Антон Чехов «Вишнялаах саадын» («Вишневый сад») Казахстаҥҥа туруоруутугар олоҕурбут көрүүтүн «тумнан» туран, аныгылыы ырыаны-тойугу киллэрбит. Ол түмүгэр испэктээк Евразиятааҕы тыйаатырдар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэригэр кыайыылааҕынан тахсыбыт.
«Ойуур» испэктээккэ сүрүн оруолларга Гурмыжская – Ильяна Павлова, Сордоохоп – Айсен Лугинов. Пьесаны СӨ үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов тылбаастаабыт. Уотунан-күөһүнэн хааччыйыыга Арассыыйаҕа ыҥырыыга сылдьар худуоһунньук Стас Свистунович көрдөһүүнү ылынан үлэлии кэллэ. Ону таһынан испэктээк муусукатын Горно-Алтайскайтан сылдьар Байару Такшина оҥордо.
Уот-күөс худуоһунньуга, «Көмүс мааска» театральнай бириэмийэ лауреата Стас Свистунович Сергей Потаповтыын Псков куоракка Михаил Булгаков «Зойкина квартира» диэн пьесатын туруорарга билсибиттэр. Сүрдээх кылгас кэм иһигэр бэрт сэргэх, дьон биһирэбилин ылар музыкальнай испэктээги көрөөччүгэ таһаарбыттарын истиҥник аҕыннылар. «Мин Саха Сиригэр бастакы кэлиим. Сергейгэ махтанабын. Премьера буолара кылгас кэм хаалла эрээри, барыта сатаныа диэн эрэнэбин», – диир ааттаах-суоллаах исписэлиис.
Бырайыагы сүрүннээччи, театровед Надежда Осипова бэйэтин этиитигэр Александр Островскай айымньыта Саха тыйаатырын сыанатыгар турара бэлиэ түгэн буоларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, ахсынньы 10 күнүнээҕи премьера улуу драматург Александр Островскай «Тыа» испэктээгэр сахалартан аан бастаан Сордоохоп оруолун оонньообут, саха көрөөччүтүн кутун туппут ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар.
«Премьера күнэ-дьыла биллибитин кэннэ биир дьикти түгэн буолла. Ол курдук, «Тыа» испэктээк 1949 сыллаахха эмиэ ахсынньы 10 күнүгэр сүрэхтэммит эбит! Национальнай архыыпка ону туоһулуур докумуон баар – испэктээк туруон иннинэ уус-уран сэбиэт ыыппыт мунньаҕын боротокуола.
Аны туран, 50 сыл анараа өттүгэр, 1973 сыллаахха суруйааччы 150 сыла бэлиэтэнэригэр, биллиилээх учуонай Георгий Башарин «Островский и Якутия» диэн кинигэтэ тахсыбыт. Кинигэ түмүктэниитигэр «Островскай пьесаларын сахалыы тылбааһын тарҕатыахха, кини айымньыларын туруоруохха наада» диэн туһаайыы оҥорбуттаах. Дьэ, ол этиитэ туолан иһэр», – диэн сиһилии быһаарар Надежда Осипова.
* * *
117 айар дьыл ахсынньытааҕы былаанынан, «Ойуур» испэктээк ахсынньы 10, 11 күннэригэр сүрэхтэнэр. Айымньыны уонна суруйааччыны дириҥник өйдүүргэ анаан испэктээк иннинэ сырдатар лиэксийэлэр былааннаннылар:
Ахсынньы 10 күнүгэр киэһэ 18:00 ч Саха тыйаатрын литератураҕа чааһын үлэһитэ, театровед Надежда Осипова «Островскай уонна Саха тыйаатыра».
Ахсынньы 11 күнүгэр киэһэ 17:00 ч. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологияҕа факультетын нуучча уонна тас дойдулар литератураларыгар кафедратын доцена, филологическай наука хандьыдаата Ольга Дедюхина «А.Н.Островскай “Ойуур” кэмиэдьийэтигэр “тыйаатыр иһигэр тыйаатыр” » .
Надежда Ильина,
П.А. Ойуунскай аатынан
Саха академическай тыйаатыра