КЭСКИЛ-3 (премьерата) - Блоги Якутии
Архив автора

11 лет назад 153

КЭСКИЛ-3 (премьерата)


бэ5эьээ, дьэ кэтэьиилээх, Кэскилбит уьус чааьын сурэхтэниитигэр сырыттыбыт)


арай премьера премьера курдук) киьи-суеьу бе5е, Лена иьэ оргуйа олорор, тулам еттугэр бары хаартыска5а туьэрэн табырхатыы,  телевидение дьоно кэм улэлэрэ хара баьаам:






дьэ, билиэппитин уунан заалга ааьары гыммыппыт, арай остуол бе5е турар (били аныгылыы кофе-брейк диилэр этэ дуу?) – баьаалыста, кунду керееччу – итии чэйинэн, сылаас алаадьынан айах тута керустулэр.


биьиги онтон матыахпыт дуо – суегэйдээх алаадьыны сиэн мотуйдубут))


дьэ, ДетСАТттар эбиттэр, ээ, уолаттар! (алаадьы хаартыската суох, соло суох ону туьэрэ сылдьарга! ((:)





киинэ иннинэ уолаттар тахсан кыратык киинэ уьулбут дьону кытта билиьиннэрдилэр, убунэн-харчынан кемелеспут дьонно-сэргэ5э махтаннылар. кэпсээннэрэ кэм дьиибэлээх-дьээбэлээх, отой атах тэпсэн олорон кэпсэтэр курдуктар)


онтон культуурабыт миниистирэ Андрей Борисов тахсан кыратык уоттаах-куестээх тыл эттэ.


уонна, арба, саамай улахан сонун диэн – Республикабыт президиээнэ Егор Борисов сиэннэрин кытта бу премьера5а кэлэн олорор эбит.


ps. киинэ кэнниттэн дьон барыта президени кытта хаартыска5а туьээри эккирэтии бе5елер. мин сырсыбатым, хайдах эрэ аьынным э, син киьи-киьи курдук о5олорун-сиэннэрин кытта сынньана сырытта5а эбээт… уонна эбиитин сарсыныгар сарсыардаттан Таатта5а айаннаары сылдьарын бэрткэ билэн олоробун.


онтон киинэбит хайда5ый? киинэ бэртээхэй буо! яблочнай! :))))


киьи ытыыр да, ылыыр да тугэннэрэ бааллар, кулуулэх тугэннэрин отой “без быара” кердум)


наьаа барытын кэпсээбэппин, бэйэ5ит кинотеаатырга баран кереерун-истээрин.


киинэ аптаах-алыптаах буоларын ессе тегул эппинэн-хааммынан биллим… биьиги сахалар айыл5а о5олоро буоллахпыт эбээт) кене да дьоммут)


холобур, хайа саха хапса5айы керерун себулээбэт буолой? этин эрэ миэхэ)


Кэскил хапса5ай туьулгэтигэр туста сырытта5ына, отой онно кини аттыгар окко олорор курдук сананным дьи))) уолчаан Татариновы суулларан туьэрбитигэр – оо! истиэххит этэ! – заал барыта биир киьи курдук уеруутуттэн ытыс таьынна диэн хайда5ый?!? :))) сорох киьи бэйэтэ да ейдеебекке хаалла быьылаах)


pps. оол курдук мин о5олорум соро5ор телевизор кере олорон таьынан киьини уердээччилэр э.


дьэ, биьиги дьиэ кэргэннэ бэртээхэй дьоро киэьээ буолан ааста. киэьээни быьа “махтал!” эрэ тыллар иьиллиннилэр)





ДетСАТттар маладьыасстар! Кэскилгэ прокаакка уьун-киэн суолу ба5арабын!


мин киинэни себулээтим. онтон эн? Кэскилгэ бара5ын дуо?



#сахалыы


#сахалыыТатыйык


#репортажТатьяны


#фильмыТатьяны


#житиЕ_моЕ

Добавить комментарий