3 года назад 489
Сахалыы бэнидиэнньик
Үнүр биир сахалыы пост ааҕан баран, маннааҕы
#сахалыы
үгэһи сөхсүтэн биэрэргэ сананным.
Онон бүгүн наһаа уһуну-киэни толкуйдуу барбакка эрэ, өй сынньар таабырыннары таайтарарга сананным. Туох дии саныыгыт?
Алын сүһүөхтэргэ анаммыт учебникка баар этэ, онтон ыллым. Онон наһаа ыарахана суох таабырыннар. Билэр буоллаххытына, эппиэтин этимэҥ)) билбэт дьон таайа түстүннэр)
#ииндиигинда
Чэ, бардыбыт!
1. Икки уһуктаах, икки төгүрүктээх, ортотугар тоһоҕолоох баар үһү
2. Икки титириги илдьэ сылдьар баар үһү
3. Бииргэ мииниллэр икки ат баар үһү
4. Сүүс киһи суола биир үһү
5. Биир оҕонньор үҥэ-үҥэ түһэр үһү
6. Аҕыс тиистээх адаар мас баар үһү
7. Үс көмүс курдаах икки аҕас-балыс курдарын курданаат, биир буолтар үһү
Барытын таайыаххыт диэн эрэнэбин)