НВК-ҕа Дыгын оонньуулара/ Игры Дыгына на НВК - Блоги Якутии
Архив автора

3 года назад 309

НВК-ҕа Дыгын оонньуулара/ Игры Дыгына на НВК


Дьэ, ким көрдө? Төһө астынныгыт? Мин олох нервам быста сыста!


Прошу считать мой пост официальным обращением к НВК.






Вот, честное слово, не хотелось впадать в критиканство, но, епрст, раз в год транслируете Игры, неужели нельзя подготовиться заранее?


Например, сделать карточки игроков с полными данными? Фото, рост, вес, возраст и т.д.


Көрө олорон сырыы аайы “Бу кимий, да? Онтон бу кимий?” дии олорор  хайдах эрэ буолбатах дуо? Баҕар, ким эрэ быһа эфир ортотуттан игин көрөрө буолуо э, ким эрэ кэлэ-бара сылдьан көрөрө буолуо дии? Аны дьиэ-уот үлэтэ тохтоон хаалбат э, олох бара турар. Тоҕо ону учуоттаабаккытый??




Уонна, дьэ, хата ити комментатордар спортсменнары бэрткэ диэн билэр-билсэр, бииргэ алтыһар уолаттаргыт эбит дии. Онтон кинилэри соччо билбэт киһи эмиэ сылга биирдэ буолар Дыгын оонньууларын көрө олороро буолуо дии? Ким да ону өйүгэр оҕустаран көрбөт ду, хайдах ду? Оччотугар туохха наадалаах телевиденияный? Сырдаппат буоллаҕына? Биитэр, барытын билэр эрэ киһи көрүөхтээх дии саныыгыт ду?


Такое чувство как будто я пришла в гости в незнакомую компанию, где меня никто не ждал. “Спасибо” за это родной НВК!


Неужели там сидят и думают, что все зрители обязаны знать спортсменов в лицо, знать все их данные?


Неужели так сложно показывать на экране их имена каждый раз, когда спортсмены выступают? Людей не хватает? Или это технически невозможно? Ну, дык, подготовьтесь заранее, Евпатий, ты, Коловрат!


Аны ити комментатордарбыт ?‍♀️


Перейду к комментаторам. Почему они не объясняют что происходит на экране? Неужели так сложно объяснять по ходу дела правила игры? Кто-то где-то упал, чего-то коснулся там или что-то, но  что??? Что происходит на экране? Не все же зрители знают правила. Почему никто их не объясняет? Тогда уж отключите этих комментаторов с их личными разговорами! Пусть вещает один большой микрофон. Для кого-то же он вещает на весь стадион? Хотя зрителей нет.


С такими комментаторами, уверена, завтра вопросов будет еще больше, хапсаҕай можно даже не смотреть, наверное?


Я, конечно, очень рада за комментаторов, что они знают всех и вся на этом стадионе, понимают что происходит у них перед глазами (мне, например, непонятно почему кидают кубики?), честное слово, очень рада за вас, но, ребята, это же не ваша частная вечеринка, где вы в теме, и пусть весь мир подождет. Тугуй оччоҕуна? Мин эмиэ тоһоҕо Баасканы билэбин э, – диэбит курдук да? Туохпутуй ити аата?


Это же государственная вещательная компания, прямой эфир, репортаж для зрителей. Маннык буолла, оннук буолла диэн кэпсээн иһиэхтээх буоллаххыт дии!


Жеребьевка түмүгүн сып курдук компьютерга бэчээттээн киһи сатаан экрааҥҥа таһаарбат дуо? Кыаллыбат да? Киһи тиийбэт ду, техника сатаабат ду?


Предварительнай түмүктэри, холобур, эмиэ таһааран иһэллэрэ буоллар. Ханнык эрэ компьютер экраныгар да буоллун э, КВН-ҥа курдук, улаханнаах эбит. Син биир бэйэ эрэ дьоно көрөбүт дии. Онтукпут да кыаллыбат.


Аны ким хаһыс миэстэни былдьаһара эмиэ өйдөммөт даҕаны, биллибэт даҕаны! Ваще нерва! Ким туораабытын, ким уочарата кэлбитин барытын таайа олоруохха наада. Комментатор бастакытыгар тугу эрэ этэр даҕаны, ньамыгыратан, оҕуруону тохпут курдук, барытын кутан-кутан кэбиһэр, киһи сурунуохтааҕар өйдөөн да хаалбат гына. Бастаан сурунаарга санан баран, сиргэ силлээбитим))


НВК-лар ващШе ити комментатордары ылан кэбиһиҥ! Улахан микрофоҥҥа саҥарар киһи баар дии, онон сөп буолуо! Хос-хос саҥа бөҕөтө, тыас-уус много. Хата үтүө бэйэлээхтэр наушниктаах олорон бэйэлэрин эрэ саҥаларын истэллэрэ буолуо, а? Санааларыгар, барыта наһаа үчүгэйдик иһиллэрэ буолуо? Ону баара истэргэ наһаа да эрэйдээх! Кус-хаас саҥата, ньамалаһыы.


Оччотугар НВК-лар мөлтөхтүк көрөр-истэр дьону телевизорга чугаһаамаҥ, сатаан тугу да өйдүөххүт суоҕа диэн эрдэ сэрэтиҥ э -_-


Дьэ, хата өһүргэниэхтэрэ, норуот туһугар үлэлиибит диэн. Уонна бэйэбин көрүмэ дииллэр ини? Тохтоотоххут буолуо э, сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыан диэбиккэ дылы.


Бюджет харчытыгар үлэлиир НВК норуот туһугар үлэлиэхтээҕэ эбитэ буолуо дии?


Мин ити өссө реклааматын, видеорядтарын, уопсай трансляция тэтимин туох да диэбитим. Дьиҥэр, оператордар үлэлэрэ куһаҕана суох. Барсыаҕа, интэн ордук буолбата да буолуо.


Информация биэрэр үлэҕит олох мөлтөх. Журналист буолан бараҥҥыт дьоҥҥо толору информация биэриэхтээх буоллаххыт дии! Олох билбэт, быһаарсыбат дьон кытары өйдүүр гына. Тоҕо ол кыаллыбатый?


Завтра соревнования будут еще активнее, события будут еще стремительнее, но, боюсь, с такими комментаторами трансляция войдет в историю как провальная. И потомки, далекие от спорта, даже не поймут что делают на экране 12 (или сколько их там?) полуголых мужиков в трусах.


У меня все. Написано мной как есть – от души, в сердцах и без редакции. Если госканал работает абы как, что с меня-то брать?

Добавить комментарий