5 лет назад 119
“Уол оҕото” диэн киинэни, дьэ, көрдүм)
дьэ, доҕоттор, салгынынан тарҕанар ыарыыттан, короновирустан сылтаан дьон олоҕо тосту уларыйан, бэйэтэ салгыҥҥа кубулуйда диэххэ сөп) ол аата бары – таах даҕаны бары буолбатах, кыахтаах өттүлэрэ – үлэлэрэ-хамнастара, үөрэхтэрэ-дьаһахтара, барыта “виртуальнай”, “салгын” хайысхаҕа көһөн эрэр) ону ким эрэ биһириир, ким эрэ ыарырхатар, биирдэ сатаан эппэккин, сабыдыала дьоҥҥо араас.
онтон көрдөрөр-иһитиннэрэр хайысхаҕа үлэлиир дьоҥҥо маннык “салгын” олоххо туппуттара барыта туһаҕа тахсан, “баар хаалбат, мал холлубат” диэбиккэ дылы, бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын көрдөрөн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылалларыгар, дьону кытта алтыһалларыгар, туох да мэһэйдээбэт курдук эбит) ол курдук салгын нөҥүө сахалыы киинэлэри көрүөххэ сөп буолла) дьэ, дьикти олох)
онон мин ол салгын нөҥүө көрөргө “Уол оҕото” диэн киинэттэн саҕалаатым)
бастаан тута көрөн иһэн, хайдах эрэ ити Пивоваровтан
түөкүнтэн
дэлби кыйаханыах санаам киирэн, киинэни олох сатаан көрбөтүм. олох испэр киирбэтэ! иннэ гынан арааран кэбиспитим, хайдаҕый?:D
саатар ити Куоката ыйылаа да ыйылаа буолар дии)) дэлби ньиэрбинэйдээбитим, абарбытым)) ол иһин “э, сылдьыаххыт э, ыт сиэтин киинэҕитин”, – диэн баран арааран кэбиспитим))
онтон?
онтон утуйдаҕым дии)
онтон саҥа күн буолбута. санаам сайҕанан, сааһыланнаҕа дии) ол иһин аттар иккис төгүлүн түстүлэр)
Пивоваров диэн кимин-тугун умнан туран, олох билбэт киһим курдук туттан-хаптан, киинэни, дьэ, саҥалыы-ыраас харахпынан көрөн саҕалаатым)
дьэ, дьиктитэ диэн, киинэни көрө олорон, Дьоккуускай куораппыт хайа сирдэригэр уһуллубутун олох билбэтим)) ити киинэни уһулбут дьон оннук сыаллаах-соруктаах уһула сатаабыт буоллахтарына, ол сыалларын ситиспиттэр диэхпин сөп) атыннык эттэххэ, бу киинэҕэ көстүбүт түгэннэр хайа баҕарар сиргэ, хайа баҕарар куоракка буолуохтарын сөп диэххэ сөп) айка да)
ол гынан баран, мин куораппын сөбүлүүрүм бэрт буолан, куоратым биллэр-көстөр сирдэрин-уоттарын көрөн
мөкү да буоллун э
, харахпын сымнатыахпын баҕарар эбиппин) чэ, буоллун, ол хааллын.
уопсайынан, бу киинэҕэ, көр-күлүү быыһыгар, кыратык “Брат” игин диэбит курдук киинэлэр матыыптара көстөн ааһар ду диэхпин баҕардым))
тоҕо диэтэр “куорат-дэриэбинэ” икки ардыларыгар турар өйдөспөт суоллара көстөн ылар игин. ол да буоллар, “куорат-дэриэбинэ” үксэ уратылаахтарын да иһин, силбиһэр, майгыннаһар түгэннэрэ син биир баар э. ол эмиэ көстөн ааһар.
ити бастакынан.
иккиһинэн.
“үлэ ата – от хаата, үлэ киһитэ – ас хаата” диэбиккэ дылы, үп-харчы, ас-үөл үлэлээтэххэ эрэ кэлэрин бары да бэрткэ билэн олордохпут) үлэ буоллаҕа дии, киһини киһи оҥорор. онтон сөбүлүүр үлэҕин үлэлээн, онно өссө харчы ылар буоллаххына, букатын да дьол)
ол да буоллар, чэпчэки олоҕу эккирэтэр, дьону албынныыр, баайдарын уорар түөкүн дьон син биир баар буоллахтара дии, холобур ити Пивоваров курдук (тьууйсана, табыллыбатах да Пивоваров буолла!). чэ, онтон, этэргэ дылы, сордоҥ өллөҕүнэ – тииһэ хаалар, киһи өллөҕүнэ – аата хаалар. бэйэтин аатын хайдах ааттатыаҕын бэйэтэ таллаҕа дии.
чэ, наьаа өйдөөҕүмсүйбэккэ, киһи сиэринэн салҕыы кэпсээн иһиим. син биир улуу кинокритик буолбатахпын, киинэни уһулар дьон мин ньаллырхыырбын син биир улахаҥҥа ууруохтара суоҕа)) кинилэргэ анаан суруйа да санаммаппын) бэйэм курдук көрөөччүлэргэ анаан суруйан эрдэҕим. ол да буоллар, ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат. пхахаха! ол иһин ньаабырхыы олордоҕум бу)) уо.биирдэ баран эттэххэ, онтон мин курдук дьоҥҥо анаан киинэни уһуллулар ини?
онон мин бу киинэни хайаан да көрөөрүҥ диэн кыбыстыбакка этиэхпин сөп эбит. кырдьаҕас ыт сымыйанан үрбэт))
#ииндиигинда
артыыстар оруолларыгар кииримтиэлэрин! тыллара-өстөрө күлүүлээҕин) холобур, ити сорох киинэни киһи көрө олорон соньуйан, артыыс солута суоҕун бэлиэтии көрөр дии, оннук игин түгэн суох)
– сахалар киинэ уһулаллар да, ол? (с)
дьэ, уһулаллар эбит, доҕор)
э, арба, уо.Галина Тихонова көстөн ааһар э. мин ахтыы киэһэтигэр сылдьыахтаах этим… ити короновирустан сылтаан барытын тохтоппуттара дии.
чэ, салхыы баран иһиэххэ. киинэ криминал соҕус, онон көр-күлүү баар да буоллар, “тыал буолан киирбит, холурук буолан тахсыа”, диэбиккэ дылы ити тойон… чэ, бэйи, наьаа барытын кэпсээри гынным ду, кэбис, тохтуохха) наһаалаары гынным) көннөрү биири этэн кэбиһиэм: киһи үрдүгэр син биир киһи баар)
ол гынан баран, ити коттеджка сылдьыбыт формалаах киһи таах хаалла дии… шайтан…
эрдэ оператор үлэтин бэлиэтээн аһардарбын да, өссө тоһоҕолоон биэриэм этэ) киинэ сорох түгэннэригэр тус оператор үлэтэ үрдүк таһымнааҕа олох киинэни чаҕылхай оҥорор)) сорох түгэннэргэ быарым быста сыспыта)) тоһоҕолоон оператор үлэтэ ол түгэни тупсаран көрдөрбүтүттэн)
онтон… киинэ өссө биир саамай бэлиэтэ – саундтректара!
доҕор, дьэ, бу баар эбит, тыас-уус силбиһиннэриитигэр үрдүк таһымнаах үлэ! олох ЧУОККАЙ! Тарантино киинэтэ диэн сымыйа))) Кустурица ду)) кини да киинэлэригэр музыка элбэх бытта)
режиссер бу киинэтин омук киинэлэрин холобур оҥостон, уһула сатаабыта биллэр, ол да буоллар, сахалыы тыыннааҕа, сахалыы ырыалардааҕа олох туспа, ураты тыын биэрэр эбит)
онон мин тус бэйэм санаабар, бу киинэ саамай табыллыбыта диэн – тыаһа-ууһа, музыката эбит) хантан хостоон итинник ырыалары туруорбуттарай диэхпэр дылы))) киһи күлэн, олох уҥа сытар)) бу, билигин да санаан ыллахпына, ырдьайан барабын)) аны мантан ыла ити сорох ырыалары иһиттэҕим аайы бу киинэ түгэннэрин саныырым буолуо))
дьэ, киинэни уһулбут дьоҥҥо барҕа махтал буолуохтун! кыратык короновирус туһунан умнан, сылаас сайыны санаан, харахпытын сымнатан, кулгахпытын манньытан биэрбиккитигэр) БАРҔА МАХТАЛ!
онон бу киинэни көрө илик буоллахытына, хайаан да көрөөрүҥ! уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах. оннук эрэ буоллун!
#сахалыы
#сахалыыТатыйык
#фильмыТатьяны