"Агент Мамбо" сырыттым - Блоги Якутии
Архив автора

6 лет назад 76

“Агент Мамбо” сырыттым


дьэ, уолбут Стёпа Порядин куһаҕан киинэ устубатаҕа буолуо диэн биир күн, ыбылы оҥостон баран, киинэҕэ бардыбыт…






кэтэһиилээх буолан буоллаҕа ду, хара маҥнайгыттан олус үчүгэйдик ылынным)


онтон киинэ аата тахсыбытыгар, букатын да хараҕым уута тохто сыста))) били урукку, оҕо сааһым саҕанааҕы киинэлэри санаан кэллим игин)

#ностальжи

.


уопсай киинэ уһуллуутун олус сөбүлээтим! чээн, ол мин улахан киинэҕэ сыһыана суох киһи буоллаҕым ди) көннөрү көрөөччү, “Суорат” бөлөх сүгүрүйээччитэ эрэ буоллаҕым) ол да буоллар, санаабын үллэстэбин: наһаа элбэх күлүүлээх түгэннэртэн дэлби күллүм-үөрдүм) арыт түгэннэргэ ытамньыйан да ылыах санаам киирдэ)

#ииндиигинда

. чэ, ол хааллын)


тапталлаах Дьоккуускайбыт биллэр-көстөр сирдэрин көрөн харахпын дэлби сымнаттым, Кангалаасстан саҕалаан Птичкаҕа тиийэ))) барытын көрбүт-кэрийбит сирдэрим буоллахтара)


уопсайынан, киинэни көрө олорон хайдах эрэ бэйэм онно, киинэ иһигэр баар курдук сананан ыллым игин)


артыыстар тустарынан эттэххэ, бары да сценаттан түспэт дьон мустан буоллаҕа, бэрткэ образтарыгар киирэн ооньоотулар. кроме Щуки. Бииктэр, прости, олох не верю… нууччалыы эттэххэ “слишком переигрывает” – играть злодея тоже надо уметь эбит) онтон, баҕар, комедия буолан буоллаҕа ду, арыый гротескнай соҕус буола сатаабыта эбитэ ду, билбэтим) аһары образ этэ. уопсайынан эттэххэ – испэр киллэрбэтим.


онтон ити Галя Виноград сөхтөрдө – бэртээхэй артыыска ити сылдьар эбит диэн) мин олус диэн кинини сөбүлээтим. сирэйин-хараҕын олоруута тугун кэрэтэй, туттара-хаптара тугун үчүгэйэй. үҥкүүһүт киһи диэх курдук, кадрга олох буолуохтаах курдук хамсанан, киирэр-тахсар. уопсайынан даҕаны, камера кинини сөбүлүүр эбит да диэххэ сөп) биһиги курдук дьон сүүстэ да оҥостон камераҕа ити курдук көстүбэппит буолуо))) мин баҕас явно)


аны Кытай кыыһа Чуньчаайы диэбиккэ дылы, ити кытайы оонньообут Миитэрэй уол бэрткэ да кытайдар саҥаларын үтүктэр э))) сырыы аайы истэбин да, сырыы аайы сөҕөбүн – хайдах инник үүт-үкчүнэн саҥаран үтүктүөххэ сөбүй диэн)) олох биирдэ эмит аттыгар олорон соруйан саҥардан көрбүт киһи баар ини)) э, шутка)


өссө биир сөбүлүүр артыыстарбыттан биирдэстэрэ – өттүк Леха. ити уолга куһаҕан да оруолу биэрбиттэр э) абытай да! киинэ тухары кожа курткатын олох устубата диэн хайдаҕый? оннук курткалаах бараахтаата ди…


онтон бу киинэҕэ саамай дьоллоох киһи – Трупак эбит диэн санааҕа кэллим, Алик Ноговицын оонньообут оруола. тоҕо диэ?


онтон оннук буолан тахсар дии. уолчаан олоҕун биир баар суох ыра санаатын ситиһэн ырыаларын таһаарар. аны эбиитин дьиҥнээх рэппер курдук олоҕо…


э, бэ, кэбис, киинэ туһунан спойлердаабаппын, туох буолбутун кэпсээбэппин)) бэйэҕит да көрдөххүт буолуо, көрө илик буоллаххытына, баран хайаан даҕаны көрөөрүн, сөп?


ps. онтон ити киинэҕэ Чурапчылары наһаа да куолуулаатылар э) ууга көрбүт курдук. премьера кэнниттэн, нөҥүө күн Чурапчыга улахан айдаан тахсыбыта алҕас ини, уолаттар?)


pps.

ответ Хардан82

. для того, чтобы все поняли – напишу на русском) поскольку это личный блог, мнение автора может не совпадать с вашим))


так вот, к счастью или к несчастью, фильм “Агент Мамбо” нельзя назвать высокохудожественным. и уж тем более, нагруженным какой-либо моралью. это лишь коммерческий проект, продукт своего времени. как бы цинично ни звучало, в конце концов, все упирается в деньги. ребята вложились, теперь нужно отбить. вот и все.


есть рестораны, где вы действительно сможете насладиться и обстановкой, и едой, а есть забегаловки, где вам нужно лишь утолить голод. так вот, сходить и посмеяться на один вечер – почему нет? тем более, что смех продлевает жизнь))


мое личное мнение, до “Кэскил” ему далеко. да, возможно, по сравнению с современными фильмами “Кэскил” сейчас выглядит немного наивно и нелепо, что уж говорить, но именно своей чистотой и наивностью он и подкупает, этим и завоевал нашу любовь. буквально на днях сын обронил, что пересмотрел в Youtube обе части “Кэскил”. пожалуй, я тоже последую его примеру)



#фильмыТатьяны

Добавить комментарий