мин доҕорум Гамлет/мой друг Гамлет - Блоги Якутии
Архив автора

6 лет назад 78

мин доҕорум Гамлет/мой друг Гамлет


Слабонервным не читать! Много фото!


Настал черед поделиться своими впечатлениями, сугубо личными. И да, будет много фото! О-ооочень много)) Это одна из причин, почему я

вчера

остановилась. Поэтому понять-простить!


Не собираюсь претендовать на великие мысли, потому что я не поэт и не лирик, не театральный критик, не поклонница Потапова, если кто так думает. Нет. Я простой обыватель, который нежно любит театр – наш Сахатеатр.


Поэтому напишу лишь о том, что отозвалось в моей душе. Баҕар, олох да атыннык, сыыһа өйдөөбүт да буоллахпына – баалаамаҥ. Көннөрү ырытыы, кэпсэтии быһыытынан кыттыһыаххытын сөп бөҕө буоллаҕа дии) Уонна кэпсээммин, арба, син биир тардабын, хайыыр да кыах суох) Ону сатаан тулуйбат буоллаххытына – ааҕа да сатаамаҥ)


Итак, в зале погас свет и представление началось…






В полной темноте на сцену выходит Горацио. И начинает играть на хомусе. Хомустаан дьүрүһүтэн барар. Наһаа дьиибэ дии) саха буоларым быһыытынан, иннэ гынан, Шекспиры, хайдах эрэ, чугастык ылынным э, испэр тута киллэрдим, диэххэ сөп) Бэйи эрэ, көрүөххэ сөп эбит диэн)


Потапов биир абылаҥа итиннэ сытар быһылаах – ханна эрэ ыраах халыйа сытар муора кытылыгар турар биир судаарыстыба сэһэнин тута бэйэҕэр чугастык ылынаҕын) тоҕо диэтэргин, син биир олох туһунан сэһэн буоллаҕа дии.


А на заднем фоне у Горацио – падающие как снег, картинки голов и черепов КРС. Что это значит?


Вообще меня очень радует, когда режиссер или постановщик для придания атмосферы творчески использует в спектакле различные технические возможности сцены, экрана или какого-то другого оборудования. Есть в этом некий элемент магии, небольшого чуда) По крайней мере, для меня, как зрителя)


А почему именно головы КРС? Возможно, здесь отсылка на наши древние корни? Когда жизнь подчинялась только законам природы. Это ведь только потом пришли города, торговля, деньги, алчность…





Горацио – эдэр, элэккэй, ис кирбэх, көрдөөх-нардаах уол. Киһи эдэр сылдьан барыта да маннык буолуо ди?





Өлбүт Гамлет аҕата – Гамлет – үөр буолан дьоҥҥо көстөр. Бэрткэ толкуйдаабыттар, оннук буолбат дуо) сценаҕа күлүк буолан сүүрэ сылдьыахтааҕар.








Киэсэ Луукапсап Офелия аҕатын – Полонийы – оонньуур. Манна Офелия убайын Лаэрты

тылым тостоору гынна

тас дойдуга үөрэххэ атаара сылдьаллар) Уонна аҕа быһыытынан олус муударай тыллары этэн уолун алгыыр. Чахчы Шекспир иннэ диэн суруйбута буолуо дуо? Булан, ааҕарага буоллаҕа дии)


Көрүҥ эрэ, ити илиитигэр чыпчахай тутан турар) Түҥ былыргыттан кэлбит оҕо иититин боппуруоһугар туттуллар тэрил буоллаҕа))


Уопсайынан, Луковцев мин сөбүлүүр артыыстарбыттан биирдэстэрэ буолар.


Ыал аҕатын оонньуурун эрдэ да көрөр этим, ол да буоллар, бу манна тоҕо эрэ бэркиһии санаатым, дьэ, кэлэн өйбөр оҕустарбыт киһи курдук… Эмиэ саҥаны арыйыы курдук буолла миэхэ) Иннэ гынан, ытыһым итийиэр дылы ыбылы таһынным аҕай)))





Гамлет кырдьыгы биллэ… Олох кырдьыгын.





Мин санаабар, бу олус суолталаах сцена – киһи ис санаата, ис туруга тосту уларыйыыта. Санаан көрдөххө, бу эрэ, бэҕэһээ диэбиккэ дылы, үөрэ-көтө сылдьар уол оҕото аны кыргыһыы суолугар үктэнэр, иэстэһэргэ сананар… Алдьархай буолбатах да? Хараҕар хараҥа хатанар, санаатыгар хараҥа сыбанар.





– Ыт тырыта тыыттын!!! – диэбиттии. Иэдээн.





Кто из нас, разочаровавшись в каких-то своих юношеских идеалах, не испытывал мук страдания?!? Разве не сжигал вас изнутри огонь гнева и обиды на эту жизнь? На ее несправедливость? Разве только Гамлету, узнавшему об истинной причине смерти отца, суждено страдать на этой сцене? Нет же… Каждый из нас, в какой-то период своей жизни хоть раз-два, но был опален огнем той несправедливости, которая творится на Земле испокон веков… С тех пор как были придуманы деньги и власть. Место действия лишь усиливает внутренний конфликт. Кому много дано, с того многое и спросится.


Пропускаю сцену, где Полоний в угоду монархам передает видеокассету, свидетельствующую о встрече Гамлета с Офелией. На самом деле, таких способов передачи секретной и, якобы, нужной информации человечество придумало сто тыЩ пятьсот вариантов) Просто здесь Потапов использовал видеокассету. А скоро какой-нибудь режиссер будет использовать компьютерную голограмму) Если доживем – увидим)


Для меня данный момент – лишь ностальгическая отсылка к 90-м. И своеобразная передача атмосферы того времени, когда и сама видеокассета была ценна – сама по себе, как носитель информации, и информация, записанная на ней, обладала для нас истинной ценностью) И не дай Бог, если кто-то что-то перезапишет поверх нужной кассеты)))


Для вас же просто отмечу, что Луковцев прекрасно изобразил и показал работающий видеомагнитофон) Будет возможность, сходите на спектакль – сами все увидите и услышите)





Гамлет иирээки буолан кубулуна сылдьар.





Полоний чугаһаан баран:


– Тугу ааҕа олороҕунуй?





Онуоха Гамлет:


– Харчы! Харчы! Харчы!


Эппитим дии! Харчы туһунан баар буолуо диэн) Баар буолуохтаах этэ, ол иһин)








Еще одна сцена, отсылающая, нет, отбрасывающая даже нас к 90-м: пытки, выбивание нужной информации.








Встреча Офелии с Гамлетом. Какой я увидела эту сцену?


Мальчишка, который изо всех сил пытается скрыть, подавить, задавить в себе любовь к прекрасной и невинной девушке. Потому что она не знает и сотой доли всей правды! А ему надо довести свое дело до конца! А тут она со своей глупой любовью… Глупая! И любовь ее глупая! Прочь! Прочь!


Но ведь люблю? Люблю… Люблю! Ы-аааа!



Очень эмоциональная сцена… И так узнаваема. Как и милая Офелия – в своих робких попытках услышать от любимого человека это самое слово “люблю”. Во все времена, на всех континентах все девушки готовы на многое за одно лишь  слово “люблю”.


Некоторые вещи так неизменны.





А потом кто-то из этих девушек, гонимые разочарованием, ищут забытье в угаре. Неважно в каком…












И могут опять стать жертвами.





Вот на такой эмоциональной сцене и закончилось первое действие спектакля.


Знаете, друзья, до этого момента я почему-то никогда не рассматривала Айталину Лавернову как серьезную драматическую актрису. Не знаю как так сложилось… Может, ее роли прошли мимо меня? Или это ее первая серьезная роль такого масштаба? Кто знает, подскажите, пожалуйста, обывателю)


Ведь если так посмотреть: какая фактура! какой материал! Бери и лепи что хочешь! Но так ли на самом деле? Мне теперь это стало жутко интересно) Охота посмотреть на нее и в других ролях – как там она себя чувствует?


Видите, своего рода, тоже открытие для меня) Я теперь буду следить за ее ролями. Как раньше ходила на Никифорову, теперь буду ходит на Лавернову))





Ну, а если вы еще не устали, позвольте продолжить мне свой рассказ) Я же говорила, что будет много фото)


Итак, мы уже поняли всю подоплеку событий, кто, где, когда. Поэтому во второй части из среды домашней, наш Гамлет выходит во среду внешнюю. Посмотрим, что приготовил Потапов.








Наһаа утукайдар ди) Ол иһин хас да хаартыска туруорабын) Уопсайынан, эр дьон сомоҕолоһуулара, эр дьон доҕордоһуулара олус туспа энергэтикалаах диэн көрөбүн) Ис иһиттэн туох эрэ туспа ураты күүстээх – ол күүстэрэ сырдык да буолуон сөп, айар-тутар, эмиэ даҕаны хараҥаҕа кубулуйон сөп, оччоҕуна киһини тэпсэн да ааһыахтарын сөп.


Ити оһуоба элбэх эр киһи мустубут сиригэр наһаа биллээччи.





Дьүөгэбиттэн ыйытабын:


– Да, тоҕо “Маҥан хаар” ырыаны ыллыыллара буолуой, да, бу караоке курдук? Биһигини эмиэ ыллаһын диэбиттии…


Сатаан хоруйдаабата.


Ылан көрдөххө, 90-с сыллардааха добоччо элбэх сэргэх, кэрэ ырыалар айыллыбыттара, ылламмыттара. Тоҕо хаар?!?


Онтон кэлин толкуй бөҕөҕө түстүм: арааската, маҥан хаар хара сири сабарын курдук, уруккубут-былыргыбыт эмиэ өйдөбүлбүтүгэр хаарынан бүрүллэн, умнуллаан хаалар буоллаҕа дии. Ол иһин ааспыты умнубат туһаттан, биһиги уруккуну эргиллэн көрүөхтээхпит буоллаҕа ду? Биттэр, төттөрүтүн, өтөҕун хаардыы сылдьар диэбиккэ дылы, уруккуга-былыргыга төннүбэккэ, инниккигэ, сырдыкка талаһыахтаахпыт буоллаҕа ду? Туох эрэ саҥаҕа, ырааска…


Эмиэ даҕаны, саҥа олох саҕахтара көстөллөр, сырдык-ыраас диэбит курдук, эмиэ даҕаны, төттөрүтүн, утуйуу-умнуллуу, кыстыкка барыы

#ииндиигинда

)))


Онтон эһиги санааҕытыгар хайдах буолуой? Эспэхтээги көрдөххүтүнэ, ырыытыбар кыттыһаарын эрэ, баһаалыста)


Ол да буоллар, Саха сирэ түҥ былыргыттан хаарынан бүрүллэн сыттаҕа. Күн бүгүҥҥэ дылы)  Онон салҕыы баран иһиэҕин.



Гамлет уговаривает друга Горацио помочь ему в разоблачении Клавдия. Для этого он подкупает артистов передвижного театра, устраивающих представление для королевского двора.


План Гамлета сработал и Клавдий, барахсанушка, полностью себя выдает. Я думала, он будет посдержаннее, черт! Но увы…








Горацио доҕорун Гамлеты көрө олорор








Клавдий, син киһи эрэ буоллар, аньыытын-харатын билинэр эбит. Онон Гамлет кинини сатаан өлөрбөт.








Аны быыһыгар, бачча ыксалга, Полоний королеваны Гамлеты кытта көрүһүннэрэргэ сананар. Туох ааттаах сордоммут дьонноруй, диэхпэр дылы: ийэ о5отун кытта ылла да сатаан көрсүспэт буоллаҕа. Онтон эмиэ даҕаны, ылан көрдөххө, биһиги да олохпутугар хааччах бөҕөтө баар дии.








Саһан турар Полонийы Гамлет өлөрөн кэбиһэр.





Эмэх буолбут Эмиэрикэ киинэтигэр бу курдук илиилэрин сараталлар бытта?





Эмискэ Гертрудабыт ийэ буоларын санаан ылла быһылаах.











Ыраахтааҕы хамначчыттара Гамлеты, кырбаан да туран, тутан ылаллар уо.илдьэ бараллар.





Төбөтүн теннис мээчигин курдук ракеткаттан ракеткаҕа бырахсаллар. Киһи олоҕо оонньуурга тэҥнэстэҕэ.








– Этэҕин дуу, суох дуу?! Полоний ханна баарый?!


– Онно.








Гамлет кырбана сыттаҕына, доҕоро Горацио быыһыы кэлэр.





Дьэ, кыайдыбыт э, оҕолоор, диэн үөрүөх курдук буолан истэххэ, Боло Янг тахсан кэлэр!





Уонна Брюс Лиибытын уҥа-хаҥас быраҕаттаан барар.





Миэхэ бу сцена тоҕо эрэ плейстейшн оонньуутун санатта)) Тоҕо диэтэргин, абытай күүстээх кыргыһыы кэмигэр…


Арай… Уот бардыа-ааа! Оонньоон бүттүбүт. Сарсын кэлээрин, диэбит курдук, охсуһуу тохтооон хаалар) Олус күлүүлээх сцена) Баран көрөөрүҥ эрэ)








Кыыспыт Офелия харааччы иирэн хаалбыт.





Напоминает кадры из фильма “Звонок”.











Чем ближе дело шло к завершению, тем большую усталость я чувствовала. У меня всегда так – в фильмах я очень устаю от самых эпических битв и сражений. Не могу смотреть. Как будто защитный механизм)


Лаэрт, брат Офелии, вернулся на родину и, узнав о смерти отца, жаждет мщения.





Но тут же с ужасом узнает о печальной участи своей сестры.











Из рук могильщиков Гамлет принимает тот самый знаменитый череп “бедного Йорика”. Но тут у Потапова даже не череп, а рентгеновский снимок черепа.





Здесь у меня почему-то ассоциации  с Инстаграмом. Бедный Йорик в жизни был весел и игрив, а после смерти на него даже противно смотреть…





Бедная Офелия все же умерла. Мы с подругой до этого момента спорили на ее счет и я почему-то думала, что она выживет. Но, увы, проиграла.


Вся эта сцена похорон выглядит очень нелепо. И так неправдоподобно! Ведь Офелия не должна была умереть, не должна!


Зачем здесь мексиканец в пончо? Да еще с гитарой? Скажите, что это неправда!


Мне хотелось выбежать на сцену и с помощью Гамлета развязать Офелию, чтобы она очнулась… О, как же ты жесток, Уильям Шекспир!…








Я очень устала – от драк, смертей и дворцовых интриг. А после смерти Офелии даже бой, оформленный под компьютерную графику, не смог меня порадовать.


Хотя, безусловно, соглашусь – подача получилась очень креативная.





Но Шекспиру мало крови… Теперь умирает Гертруда, выпив отравленный бокал, приготовленный для Гамлета.





И выясняется главный зачинщик всей этой “техасской резьни”.








Гамлет ранен. Из последних сил он пытается подпевать другу “Маҥан хаар”… В доказательство их дружбы, которая не умрет, не должна умереть!



Но всё. Гамлет лишен голоса.


Гамлет тыына быһынна. Аны сатаан ырыа ыллаабат.





Король умер! Да здравствует король!


Столько трупов…


Дьэ, субу курдук) Потапов Гамлета.


Кылгастык туох диэхпиний, бырастыына саҕа суругу суруйан бараммын) Бу сэһэни Горацио суруйбут эбит дии санаатым.


Конечно, пьесу написал Шекспир) но глазами Горацио. С его уст. И главный персонаж здесь именно Горацио. У меня почему-то сложилось такое впечатление.


Что же касается эпохи, мне кажется, здесь это не столь важно. Классик, Уильям наш Шекспир, постарался раскрыть огромный, нет, даже огроменный пласт человеческого бытия. И всё это препарировать? Как? В общем, я поняла, что мне обязательно надо почитать “Гамлета”.


Уонна, оҕолоор, олох Гамлеты үтүктүмэҥ) Киһи үрдүгэр син биир киһи баар буолар. Ону өйдөөҥ кэбиһиҥ.


Тус бэйэм, Гамлет олоҕун көрөн баран, үнтү сылайан-элэйэн, бэйэм олохпуттан наһаа да үөрдэхпин ини! Кыра-хара киһи буола сылдьарым эмиэ да үчүгэйэ сүрдээх эбит)


Онон бары доруобай буолуҥ, дьоллоох буолуҥ!



#сахатеатр


#гамлет


#мойдругГамлет


#миндо

ҕорумГамлет

#Потапов


#СергейПотапов


#репортажТатьяны

Добавить комментарий