6 лет назад 82
Панайотов кэнсиэрэ
мин солунум, кэм буолуо, хонон баран дорообо диэбит курдук, хойутаан тахсар.
Панайотовы соччо сэҥээрбэтэрбин даҕаны, дьүөгэм отой дьаарай фанат буолан, кэнсиэригэр барыбытын хомуйан илдьэ барбыта)
Александр Панайотов -
кэнсиэри Лиза Газизова уо.Эдуард Гаврильев (Эдик-Якут) ыыппыттара. Эдик илэ бэйэтинэн Москва куораттан көтөн кэлбит эбит дьи, бырааһынньыгы ыытаары) уол оҕото!
болуоссакка киһи-сүөһү бөҕөтө! дьон ардаҕы ардах диэбэккэ, кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕолуун-уруулуун кэлбиттэр аҕай)
сцена иннигэр күнүс скамейка туруоран кэбиспиттэрэ, дьон онно тахсан, туран эрэ көрбүттэрэ. онтукалара арыычча мэһэйдээх буолан биэрбитэ) кэннигэр турааччыларга сцена көстүбэт буолан, онтон сылтаан, этиһии бөҕө) кыратык тардыалааһыннаах, чут-чаат охсуһааһыннаах игин буола сыста))
иннэ гынан, кэбиис-кэбис, түөрт атах буолан кэннигэр куотан биэрбитим.
хата туох эрэ, колонка быһылаах, үрдүгэр тахсан абыранным)
наһаа соччо-бачча көстүбэтэр даҕаны…
тыыннаах Панайотову көрдөҕүм дьи)) айуу чэ)
киһибит үөрүү бөҕө, таҥнан-үллэн аҕай тахсыбыта) “что ж так холодно-то” – диэхтиир)
ол да буоллар, ыллаан-туойан, син ирдэ быһылаах.
уонна бүтэһигэр “Здравствуй, Якутск!” ырыаны ыллаабыта.
санаабар, Саинаны кэтэспитим) сүүрэн тахсыа диэн… хантан)
чэ, бу курдук. дьоллоох Дьоккууйскай куорат төрөөбүт күнүгэр Панайотов кэнсиэрэ этэҥҥэ ааста диэххэ сөп)
#сахалыы
#Дьокуускай
#сахалыыТатыйык