кыһыҥҥы суол (фото-репортаж) - Блоги Якутии
Архив автора

7 лет назад 103

кыһыҥҥы суол (фото-репортаж)


суолга араас буолар. бэҕэһээ өрөбүл күн диэн киһилии сынньанаары, маҕаһыын кэрийээри гыммыппыт, олох даҕаны, айанныыр буолан хааллыбыт. ол хайдах диэтэххитинэ, билигин кэпсээн көрүөм.


сахалыы сиэринэн сэтинньи ый Байанай ыйа буолар, онон булчуттар лицензияларын сроктара бүтэн эрэрин баттаһан, күнү-дьылы эккирэтэн тыаҕа тахса сатыыллар. биир оннук табаарыспыт түүннэри тыаҕа ыстаммыт эбит.






хата, со5отох буолбатах, билэр уолун кытта. о, төһө эрэ үөрэн-көтөн хомуммуттара буолуой, э!


онтукпут баара, аара суолга дьоммут массыналара алдьанан хаалбыт эбит. сибээс хаппат сиригэр, оол гынан баран, киһи үөрүөх, оруобуна трасса кытыытыгар эбит.


иннэ гынан, навигатор даанайдарын билэн баран, иккис уол суолга куоластаан сибээс баар сиригэр барбыт уонна булчуттар кэпсэтэр бассаап бөлөҕөр оол даанайдарын көмө көрдөһүүлээх ыыппыт.


хас да чаас аастаҕа эбээт… өрөбүл күн буоллаҕа буолуо, тоҕо эрэ көрдөһүүлэрин ким да хардарбатах этэ… биһиги даҕаны, телефоммутугар наадыйбакка, аһаан-сиэн, дьиэ ис-тас үлэтин оҥоро сырыттахпыт ди.


уонна, дьэ, ол маҕаһыын кэрийэ бараары сылдьан, дьэ, телефоммутум көрдөхпүт ди. эрим уолаттар суруктарын ааҕаччытын, навигатор даанайдарынан көрбүтэ – Горнай суола эбит, Маҕарас уонна Бэрдьигэстээх икки ардыгар. атас туһугар атах тостор дииллэр. өр-өтөр буолбатыбыт “Барыахха! Мин массыынаны заправкалаан кэлиэм, эн өйүөтэ бэлэмнээ”, – диэн буолла.





сып-сап, туох ас баарынан, быстах аһыыр өйүө хомуллунна, термоска итии чэй кутулунна.


уопсайынан, үүтээн дьонун курдук олоробут – оол иһин биһиэнэ барыта “үүтэнскэйдии” диэн күлээччибин)





массыына малын бүтэһигин бэрэбиэркэлэнэн, туох баар наада буолуоҕу уктан баран айаҥҥа туруннубут.





хата халлааммыт туран биэрдэ, таһырдьа сылыйбыт аҕай, туман суох.





мин аара суолга фотоаппаратым настройкаларын үөрэтэ таарыйа араастаан түһэрэн хачыгыратыы…

















бу туох дьиибэ вышкаларай? билэҕит дуо?





бу трасса федеральнай суолларга киирсэринэн, А-331 диэн нүөмэр иҥэриллибит эбит. ону билигин, бу Горнай улууһун сиригэр Чувашия курдук ыраах сириттэн кэлэ сылдьар суол үлэһиттэрэ суолу оҥоро сылдьаллар эбит. оол иһин трасса устун онон-манан кыра вахтовай бөһүөлэктэр көстөллөр.





мин буоллаҕына, көрөргүт курдук, фотоаппараппынан оонньуу иһэбин)





бу трассаны улаханнык билбэппин. уопсайынан, Бүлүү эҥэр үйэбэр биирдэ эрэ бара сылдьыбыттааҕым, ону, баҕар, хаһаан эмит кэпсээн аһардыам.





көрөҕүт дуо, оол онно, ханна эрэ, Маҕарас турар буолуохтаах…

#ииндиигинда

. наһаа серьезнай буолбат буоллахпыт дьи)





кэллибит. харчуопкаттан табаарыспыт аргыһын ылыахтаахпыт…





дьэ, уонна айаннаатахпыт буоллаҕа.





бу таас суол сытыы батас курдук Горнай сиригэр батары киирэ турдаҕа…





биһиги ону батыһан баран истэхпит…





туох эрэ өтөҕө турар… сайылык игин буоллаҕа ду, билбэппин. мин испэр ыллыы иһэбин: һат! һат! айаннаа мин атым! һат! һат! айаннаа түргэнник!





эмиэ вышка кэллэ…





навигатортан харахпыт арахпат…








кини “этэринэн”, табаарыспыт чугаһаата… ханна эрэ онно…





навигатор этэринэн, бу туора салайыы кэнниттэн уолбут кэлиэхтээх…





оол турар… буруо-тараа бөҕө. арааската уот оттубут ду…





э, суох, суол оҥороччулар буруолара эбит.





уолбут, биһигини көрөн, утары таҕыста. хата, сырыылаах булчут буолан уо.ити суол да оҥорооччулар баар буолан киһибит тоҥмотох.





троһун туттаран баран арыый иннин диэки барарга сананныбыт, ханна эрэ эргийиэхпитин наада…





оол тураллар, Чебоксары курдук ыраах сиртэн кэлэн, суолбутун оҥоро сылдьар, уолаттар.





массыыналар суохтарына, дьонум начаас үлүгэрдик массыынаны эргитэ оҕустулар…











массыына безонасоһа алдьаммыт эбит. иннэ гынан, киһи сүрэҕин клапана үлэлээбэт буолбутун кэриэтэ буоллаҕа дьи – тимир көлүөһэлээх ат “коматознай состоянияҕа” киирбит диэххэ сөп буолуо.





аккумуляторын заряда олох кыра, кэмчилиэххэ наада буолуо…





уолаттар быа троһу хас да төгүл бүк тутан баран тимир троска иилэллэр.











кыайыахтаах!





дьэ, уонна аргыый а5айдык куораппыт диэки айаннаатахпыт буолла5а.





Чувашия хорсун уолаттарыгар сигнааллаан, илиибитинэн дайбааттаан, махталбытын биллэрэн аастыбыт.





күн киирэн эрэр…





сотору соҕус Маҕараска кэлэн, быстах чэйдиэххэйин диэн буолла…


уай, оол ким эрэ турар эбит ди) фотоаппараппар алхас Евгений Прокопьевы түһэрбит эбиппин ди) ханна эрэ гостуруолга баран иһэр быһылаах…





Ма5арас харчуопкатын муостата – илэ бэйэтинэн паркет) сөп диэ)





сылаас массыынаҕа олорон, дьэ, ирэ-хоро кэпсэтии буолла. уолаттар айахтара хам буолбат)





сотору соҕус эмиэ айаммытыгар түһүннүбүт.





халлаан хараҥаран барда… оол иһин мин хаартыскаҕа мээнэ түһэрбэппин.










утары эмиэ суол оҥорооччулары көрүстүбүт – суол биир өттүгэр номнуо гравий кутулла охсубут…





ону тэҥнээн, тарҕата сылдьаллар быһылаах. иннэ гынан, “встречканан” барабыт.





бу икки массынаны соруйан көрдөрөбүн – көрөҕүт, уоттара К буукуба курдук буолан көстөр ди)) ити табаарыспыт аата К буукубаттан саҕаланар) оол иһин көрдөрөбүн)





Кэҥкэмэ үрэҕи аастыбыт… куорат чугаһаата…





дьэ, дьэ, дьэ… Якутск-Сити уоттара көһүннэ)





ынырык түргэнник баран иһэр курдукпут да?)) ону баара, нэһиилэ 40-н баара ду, суоҕа ду) хаартыскам выдержкатынан оонньуубун…





дьооллоох куорат Дьоккуускай сырдык уоттарынан сыдьаайан көрсөр.


һу! хата дьиэбитигэр этэҥҥэ кэллибит)



#сахалыы


#Дьокуускай


#сахалыыТатыйык



#репортажТатьяны

Добавить комментарий