дьоллоох куорат Дьокуускай... - Блоги Якутии
Архив автора

7 лет назад 111

дьоллоох куорат Дьокуускай…


туох да диэбиттэрин иһин, куораппын олус таптыыбын) дьоно үтүө санаалаҕыттан киэн туттабын.






олохпут күнтэн-күн ыараан, ыгыллан иһэр, оол да буоллар, Дьоккуускайга үтүө санаалаах дьон син биир элбэх.


бу сарсыарда автобус кэтэһэ олордум. нөҥүө, утары өттүгэр көрдөхпүнэ, маршрутка син сылдьар эбит. биир автобус ааста.


чэ, ничаБо, кэтэһэ олоробун. остановка да диэхтээн, биир скамейка эрэ турар) онтукпут да олох суол кытыытыгар буолан, атаххын ууннахха, бачыыҥкан быылын суолга тэбиэххэ сөп)) оол иһин атахпын скамейка анныгар симэн баран олоробун. дьон бөҕө ааһар буолла5а дьи, хайаан атахпын уунан баран олоруохпунуй?


ону-маны толкуйдаан баһым иһэ бап-баллыгырас. арай пуховиктаах ыччат ааста: кыыһа-уола биллибэт. сааһыран истэҕим аайы дьону сатаан араарбатым бэргээн иһэр ду, хайдах ду)) урут, эдэр сылдьан, оннук дьонтон күлэр этим, хайаан кыыһын-уолун араарбаттарый диэн) билигин бэйэм оннук буолбуппун быһылаах.


оол ыччаты тоҕо өйдөөн көрдүм диэ – кэннигэр рюкзак кэтэ сылдьар. оол да буоллар, илиитигэр пакет тута сылдьарыттан күлэ санаатым. мин эмиэ оннук гыныам этэ диэн))


аны көрдөхпүнэ, пешеходнай переходка дьон бөҕө туораан иһэр. арай суол ортотугар биир кыыс халтарыйан, түөрт атах буолан тараллан охтон түстэ. айкууу!… этим тэҥҥэ доргуйбукка дылы буолла. айка да! арай кыыспыт туран, тэбэнэн баран, суолун ситэ туораабакка, төттөрү барда. одьэ, барахсан, хайаан маршрутун уларыппыта буолуой?


мин эмиэ ардыгар инник буолааччыбын э. сахсылла биэрдэхпинэ, умнубуппун санаан кэлэбин уо.баран испит траекториябын соһуччу уларытан кэбиһээччибин)) туохтан эрэ иҥнэн ду, охтон ду хааллахпына эмискэ “э, арба! онно барыахтаах этим ди!” диэн санаан ылабын) кини эмиэ оннук курдук буоллаҕа ду?…


аттыбынан саастах дьахтар ааста. сонун ымсыыра көрдум) былыргылыы быһыылаах, мин сөбүлүүрүм курдук – кубарыйбыт от – дьүһүннээх)) мин эмиэ маннык “винтажнай” сон ылынарым ду диэн толкуйга тустум)) аны тугу кытта кэтиэхпин сеп эбитэ буолла-ааар диэн толкуйга түстүм, таҥаспын сыымайдыы олордум)) этэбин дьи – баһым иһэ бап-баллыгырас)))


остановка5а дьон элбээн иһэр… утары иккис автобус ааста. биһиэнэ оол тухары тоҕо эрэ суох да суох…


ычча да!… хайдах эрэ тоҥон бардым игин) ыбылы соммор сууланан баран олоробун. син балайда да бириэмэ аастаҕа дьи, чаас аҥаарыттан ордук.


арай утары 4-5 киһилээх “толпа” иһэр. кыһаллыбаппын. соһуччу олортон биир төкүнүк сирэйдээх уол, көрдөхпүнэ, арай миигин кыҥаабытынан уун-утары хааман иһэр курдук. аныгылыы таҥастаах – пуховик уо.спортивнай ыстаан, үгэс курдук наушниктаах. дьэ, чахчы, доҕор, биһиэхэ иһэр эбит! наушнигын игин уһулла, мичээриттэн сирэйэ сырдаабыкка дылы буолла:


– автобус манан сылдьыбат э. онон сылдьар – диэт, кэккэлэһэ турар уулуссаны ыйда. уонна баран испит суолунан бара турда.


– о! а! – остановка дьоно биирдэ аймана түстүбүт)) күөс оргуйбутунуу, хам-бааччы турбут дьон бары эмискэ тиэтэйии-саарайы бөҕө буоллубут – суумка хомуйааһын, телефон уктааһын буолла)) уонна бары “сиэттиспитинэн” диэбиккэ дылы атын-атын остановкаларга тархастахпыт дьи)


онтон оол үтүө санаалаах уолга “махталбын” кэнниттэн эрэ хаһытыы хааллаҕым…


дьоллоох куорат Дьоккуускай!



#сахалыы


#Дьокуускай


#сахалыыТатыйык


#дьоллоохкуоратДьокуускай

Добавить комментарий