Сааскы сынньалаҥҥа үөрэнээччилэр тугунан дьарыктаныахтарын сөбүй? - Блоги Якутии

2 года назад 452

Сааскы сынньалаҥҥа үөрэнээччилэр тугунан дьарыктаныахтарын сөбүй?

Кинигэ ааҕыахтарын уонна онон буктрейлер оҥоруохтарын сөп!

Сахалыы уус-уран айымньыны ааҕаргытыгар уонна ону рекламалыыр видеоролигы устан, «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» диэн куонкуруспутугар кыттаргытыгар ыҥырабыт. Үлэлэри ыам ыйын 13 күнүгэр диэри тутабыт. 

Буктрейлергытын ханнык баҕарар сөбүлээбит айымньыгытыгар оҥоруоххутун сөп. Киинэ киэбинэн дуу, ойуулук (анимация) курдук уруһуйдаан дуу, саҥалаах дуу, суругунан эрэ дуу – ол барыта бэйэҕит көҥүлгүт, көрүүгүт. Сүрүн соруккут – ол кинигэни ааҕалларын курдук кэрэхсэбиллээхтик көрөөччүгэ тиэрдиэхтээххит.

Бөлөҕүнэн да (дьиэ кэргэнинэн, үөрэнээччилэр кылааһынан, куруһуогунан, улахаттар доҕотторун кытта), биитэр соҕотохтуу да холонон көрүөххэ сөп. Оттон ханнык айымньыны таларгытын мунаахсыйар буоллаххытына, суруйааччылар, учуонайдар, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыылаах эспиэртиир бөлөх бэлэмнээбит «100 произведений писателей Якутии, рекомендованных для чтения» испииһэгин туһаныаххытын сөп. Бу испииһэги СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин бирикээһинэн 2015 сыллаахха оҥорбуттара. Онуоха дьон ордук туох туһунан ааҕыан баҕарарын учуоттаабыттара. Эрэкэмэндээссийэлэммит кинигэ үксэ электроннай бибилэтиэкэҕэ баар. Ону ааҕар туһуттан, бастатан туран, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин саайтыгар киирэн регистрацияланыах тустааххыт. Быһааран эттэххэ, “аһаҕас” диэн бэлиэтэммит кинигэлэри хантан баҕарар олорон ааҕыаххытын сөп, оттон “сабыылаахтары” бибилэтиэкэлэргэ эрэ тиийэн ааҕар кыахтааххыт.

Санатан этэбит: айымньы аатын уонна ааптарын буктрейларга хайаан да ыйаҕыт, киллэрэҕит;
титр суруга-бичигэ, диктор саҥата сахалыы тылынан буолуохтаах.

Буктрейлер күрэҕин балаһыанньатын бу сыылканан киирэн билсиҥ  https://new.nlrs.ru/news/9786.  

 «100 произведений писателей Якутии, рекомендованных для чтения» кэллиэксийэ  https://new.nlrs.ru/collections/14.

Күрэх тэрийээччилэрэ – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, “Саха Сирин култуурата” айар бөлөх. Кыайыылаахтары сыаналаах бириистэр күүтэллэр: техника, лааҕырга сынньанар путевкалар.

Буктрейлердар холобурдара:

Добавить комментарий