"Өксөкүлээх суолунан" этнографическай цикл. 2 биэрии - Блоги Якутии

2 года назад 330

“Өксөкүлээх суолунан” этнографическай цикл. 2 биэрии

“Өксөкүлээх суолунан” диэн Кэбээйи улууһугар эбээн омук культуратын үөрэтэр сырыыбытыттан таһаарыылары салҕыыбыт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Сэбээн Күөл олохтооҕо, иис алыбын ийэтиттэн удьуордаабыт 78 саастаах Елена Федоровна Протопопова. Елена Федоровна тикпит таҥаһын оһуорун-бичигин суолтатын, тигиитин ньымаларын тула кэпсэтэбит. Биэриигэ Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун үрдүкү научнай үлэһитэ Евдокия Алексеева ырытыыта киирдэ.

Төрут таҥас-сап омук историятын, олорор сирин-дойдутун туһунан кэпсиир культура тиэкиһэ диэххэ сөп. Үгэһи илдьэ сылдьар, тэнитэр маастардар сатабылларыгар сөҕүүбүт-махтайыыбыт муҥура суох. Хаартыскаларга Елена Протопопова выставкатыттан үлэлэр.

Цикл А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 150 сылын көрсө, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан диэн ананна. Биллэрин курдук, Өксөкүлээх Өлөксөй Саха сирин кэрийэн, ыраах хоту улуустарга тиийэ этнографическай, фольклорнай материалы хомуйбута. Устар бөлөх улуус баһылыгар Иван Левиҥҥэ, МУП “Себян им.П.А.Кейметинова” салайааччытыгар Людмила Бурцеваҕа махтанар.

Эбээн омук култууратын, историятын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан кинигэлэри бу сигэнэн булуохха сөп: https://new.nlrs.ru/collections/593.

Добавить комментарий