Иван Арбита хоһоонугар "Тыал". Видео - Блоги Якутии

1 год назад 300

Иван Арбита хоһоонугар “Тыал”. Видео

“ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” күрэх-быыстапка кыттыылааҕа Александра Захарова уонна “Сулусчаан” дизайн-студия оҥорбут клибын көрүҥ. Иван Арбита “Тыал” хоһоонугар “Собо” бөлөх музыкатыгар уонна толоруутугар. Суруга-бичигэ С.А.Новгородов алпаабытынан сурулунна.

Комментарии 1

Тыал

Түүн.
Саас.
Уон
Чаас.
Уу.
Тыа.
Баал.
Муус.
Чуу!
Тыал.
Таас –
Уус…
Тыал
Да
Тыал
Дии!
“Тыый
Да
Тыый, –
Диир
Тыа, –
Эн
Тыал,
Эн
Тыал,
Киэр
Буол!” –
Диир
Тыа.
Туох
Диир
Күөх
Уу?
Туох
Диир
Баай
Баал?
“Дьиэм
Суох
Дии
Бу”, –
Диир
Уу.
“Дьол
Суох,
Сор
Баар ”, –
Диир
Баал.
“Тыал,
Тыал
Бар
Дуу,
Кэл
Дуу…” –
Диир
Уу.
“Ой
Тыа,
Киэҥ
Дуол,
Киэр
Буол,
Киэр
Хаал!” –
Диир
Баал.
Туох,
Туох
Диир
Тыал?
“Дьол
Суох,
Сор
Суох, –
Диир
Тыал. –
Сүүр,
Күл,
Күүр –
Син
Биир
Суох
Суол,
Син
Биир
Суох
Сыал, –
Диир
Тыал. –
Биир
Баар –
Мин.
Баар
Күн
Саар.
Дьол,
Сор,
Киэҥ
Суол,
Киэҥ
Сыал!” –
Диир
Тыал.
Мин
Туос
Тыым
Туох
Диир?
“Син
Биир
Дьол
Суох, –
Диир. –
Дьиэ
Уот
Да
Суох,
Дьэ
Туох
Да
Суох…
Бэл
Суох
Биир
Тыл…
Күүс-
Уох,
Биир
Тыын
суох”, –
диир
тыым.
Мин
Туос
Тыым
Туох
Диир?
“Эн
Да
Бу
Түүн
Суох
Буол! “–
Диир
Тыым…
Туос
Тыым:
“Эн, –
Диир, –
Бу
Түүн
Өл!” –
Диир…

21.2.1938

Добавить комментарий