«ҺӨҔҮҤ-2022» тэрээһин хаамыыта - Блоги Якутии

2 года назад 534

«ҺӨҔҮҤ-2022» тэрээһин хаамыыта

«ҺӨҔҮҤ-2022» – диэн саха тылын сайдыытын өйүүр, үс чаастан турар культурнай программа. Хас биирдии чааһын билиһиннэрэн постары таһаартыахпыт. Маҥнай ыйытыыга хоруйдуохха: тоҕо ҺӨҔҮҤ диэн ааттаннай?

Бүттүүн цифровой технология баһылаан, сахалыы буукубалар уонна дьуптуоннар сүтэр кутталланнылар. Тыл туһугар ыалдьар көхтөөх дьон онтон сылтаан долгуйбуттара быданнаата. Дьон-сэргэ электроннай сурукка сахалыы «һ», «ө», «ҕ», «ү», «ҥ» буукубалары эбэтэр дьупутоннары туттуон оннугар, атын араас бэлиэлэри эбэтэр сыыппаралары туһанара үксээтэ. Бэйэбит «һ», «ө», «ҕ», «ү», «ҥ» диэн дорҕооннорбут кириллицаҕа олоҕуран хаалбыт, саха тылын дьиҥ уратытын көрдөрөллөр.

Хомойуох иһин, сахалыы дьиҥ буукубаларбытын сыыйа-баайы сүтэрэр, симэлитэр кутталлаахпыт. Ол иһин, «Культура Якутии» айар бөлөх «Архетип» диэн арт-бөлөхтүүн кыттыһан, искусство уонна аныгы технология ньыматын туһанан бу кыһалҕаҕа болҕомто тардардыы сананна. Сотору СӨ Национальнай библиотекатын аттыгар «ҺӨҔҮҤ» диэн арт-тутуу баар буолуоҕа. Бу идиэйэ саҕыллыаҕыттан, СӨ Национальнай библиотеката уонна СӨ Инновацияны сайыннарар Фондата өйүүллэр. Манна эбии, икки грант сүүйүлүннэ: Президентский фонд культурных инициатив уонна Ил Дархан грана.

Тэрээһин көҕүлээччитэ, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, поэт Елизавета Мигалкина өйдөбүнньүк бэлиэ суолтатын туһунан санаата:

«ҺӨҔҮҤ» диэн тыл дьүөрэлэһиитэ сахалыы «Сөҕүҥ» диэн тылы кытары ситимнэнэр, ис хоһооно «саха тылын кэрэтин сөҕүҥ» диэн санааны саҕар. Тылбыт баайын уонна дириҥин холобур курдук көрдөрөрдүү А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй «Ортоку олук алгыһа» айымньытыттан быһа тардыыны көрөҕүт. 

Худуоһунньуктар айар бөлөхтөрө, арт-тутуу ааптардара Александра Неустроева, Анна Саввина, Людмила Федорова
Уус Роман Терентьев

«ҺӨҔҮҤ-2022» арт-объект презентацията балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүгэр ыытыллыаҕа.

Атын куораттарга, тас дойдуларга турбут өйдөбүнньүктэри көрүөҕүҥ.

Болгарияҕа кириллицаҕа анаммыт тэлгэһэ
Армянскай алфавит паарката 2005 сыллаахха туттуллубут. 39 бэлиэлээх алфавит 1600 сылыгар анаан.
Кызыл куоракка тыва омук бэлиэлэрэ
Коми омук ӧ бэлиэтэ, Сыктывкар куорат
Анбур финно-угорскай сурукка анаммыт сквер

Добавить комментарий