Болҕойуҥ, буктрейлер күрэҕэр кыттыҥ! - Блоги Якутии

2 года назад 1893

Болҕойуҥ, буктрейлер күрэҕэр кыттыҥ!

КҮРЭХ БАЛАҺЫАННЬАТА

1. Уопсай оҥкул

1.1. Бу балаһыанньаҕа «ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы» буктрейлер күрэҕэ ыытыллар бэрээдэгэ, болдьоҕо чуо ыйыллар.

1.2. Тэрийээччилэр: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ, «Саха Сирин култуурата» айар холбоһук. 

1.3. Тутуһуллар сүрүн бириинсибэ – күрэхтэһээччилэр бары тэҥ усулуобуйаҕа кытталлар, дьүүллүүр сүбэ чиэһинэйдик сыаналыыр, барыта балаһыанньаҕа бигэргэммит бэрээдэгинэн барар.

1.4. Куонкурус хаамыытын туһунан сонуннар Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар уонна “Блоги Якутии” былаһааккатыгар, “Ил Түмэн” хаһыакка уонна “Сахапарламент” саайка, “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук социальнай ситимнэригэр, тэрийээччилэр телеграм-ханаалларыгар сырдатыллыахтара.

1.5. Куонкурус сүрүн өйдөбүлэ –“буктрейлер” диэн омуктуу тыл. Буктрейлер диэн айымньы саамай сүрүн санаатын тиэрдэр уонна чаҕылхай түгэннэрин көрдөрөр ролик буолар. Кинигэни киинэ дуу, ойуулук дуу курдук оҥорон билиһиннэрии. Сүрүн соруга – тустаах айымньыны киһи сэҥээрэн ааҕыан баҕарарын ситиһии, умсугутуу, интэриэһин тардыы. Маныаха видеолары, араас иллюстрациялары, хаартыскалары, графиканы, о.д.а. көрдөрөр-иһитиннэрэр (аудиовизуальнай) ньымалары туһаныаххытын сөп.

2. Сыала уонна соруга
2.1. Куонкурус сыала: аныгы ыччакка саха литературатын буктрейлер көмөтүнэн  билиһиннэрии.  

2.2. Соруктара:

-кэнчээри уонна эдэр ыччаты ааҕыы абылаҥар угуйуу, интэриэстэрин уһугуннарыы;

-оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор, үөрэнээччилэр, устудьуоннар, үлэлиир ыччат айар дьоҕурдарын сайыннарыы;

-ыччат бибилэтиэкэҕэ көхтөөхтүк сылдьарын хааччыйар сонун суоллары тобулуу;

-буктрейллердары түмэн, кэллиэксийэ оҥоруу, ону ааҕыыны көҕүлүүр аахсыйаларга туһаныы;

-уус-уран айымньыны ааҕыыны муодаҕа киллэрии; ааҕар киһи олох бары эйгэтигэр холкутук быһаарсар, бэйэтин сэнэппэт, билиитинэн-өйүнэн элбэҕи ситиһиэн сөбүн, мунчаардар ыйытыыларга хоруйу кинигэ биэриэн сөбүн, үчүгэй сүбэһит буоларын өйдөтүү.

3.  Ыытыллар бэрээдэгэ уонна болдьоҕо

3.1. Куонкуруска 35-ригэр диэри саастаах ким баҕалаах холонон көрүөн сөп: киинэни устар, таҥар идэтийии ирдэниллибэт.

3.2. Биирдиилээн да кыттыахтарын сөп, кэлэктиибинэн даҕаны (дьыссаакка эбэтэр алын сүһүөх кылааска үөрэнэр оҕолоох дьиэ кэргэттэр, айар холбоһуктар, кылааһынан, пресс-киин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ, о.д.а.). 

3.3. Үлэлэри сааһынан  маннык арааран сыаналыыбыт:

– «Дьиэ кэргэн» (оскуола иннинээҕи саастаах биитэр I-IV кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытта);

– «Үөрэнээччи»: (V-XI кылаастар: пресс-кииннэр, айар холбоһуктар, үрдүкү кылаас сүбэтэ, о.д.а);

– «Эдэр ыччат» (19-35 саастаах үөрэнэр биитэр үлэлиир ыччат);

3.4. Кыттааччылар ханнык баҕарар уус-уран айымньыга буктрейлер оҥороллоро көҥүл. Өскөтүн саха литературатын үчүгэйдик билбэт дуу, биитэр итиччэ элбэхтэн биири талан ылары ыарырҕатар дуу буоллаххытына, эһиэхэ анаан кылгас ис хоһоонун сырдатар синопсистаах испииһэк бэлэмнээтибит, бу сыылкаларынан киирэн көрүҥ.

3.5. Куонкурус 2023 сыл олунньу 13 күнүттэн ыам ыйын 27 күнүгэр диэри маннык түһүмэхтэринэн ыытыллар:

-олунньу 13 күнүгэр куонкуруһу биллэрии;

-кулун тутар 1 күнүттэн ыам ыйын 13 күнүгэр диэри үлэлэри тутуу;

-ыам ыйын 14 күнүттэн ыам ыйын 24 күнүгэр диэри киирбит үлэлэри сыаналааһын;

-ыам ыйын 20 күнүттэн ыам ыйын  25 күнүгэр диэри «Көрөөччү биһирэбилэ» ааты ылар иһин онлайн-куоластааһын;

-ыам ыйын 27 күнүгэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Библионочь» аахсыйа чэрчитинэн, Национальной бибилэтиэкэҕэ наҕараадалааһын буолуоҕа; 

3.6. Куонкуруска кыттыы босхо;

3.7. Кыттааччы толорор:

-сайаапканы. Былааҥкатын ити “скачать” диэни баттаан, бэйэҕитигэр ылыҥ .

-үлэҕитин Яндекс.Диск, Облако Mail.ru, Google Диск курдук киһи сатаан арыйар сирдэригэр уган, culture.yakutia@gmail.com аадырыска ыытаҕыт.  «Тема» диэн устуруокатыгар «Конкурс буктрейлеров» диэн бэлиэтиигит. Ыйытардаах буоллаххытына, Татьяна Хомоксоноваҕа (89142241532), Анисия Иевлеваҕа (89142223579) эрийэн сүбэлэттэрэҕит. 

4. Үлэлэргэ ирдэбил

4.1.Куонкуруска биирдиилээн эбэтэр кэлэктиибинэн оҥоһуллубут үлэлэр кытталлар;

4.2. Ханнык баҕарар жанрдаах буолара көҥүл: анимация, видео, графика, музыкальнай клип, о.д.а;

4.3. Буктрейлер хронометраһа 3 мүнүүтэттэн уһуо суохтаах;

4.4. Сценарийа булгуччу айымньы ис хоһоонунан буолуохтаах. Ол эрээри  барытын кэпсээн кэбиһиэ суохтааххыт. Аныгы тылынан, спойлердаабаккыт;

4.5. Айымньы аатын уонна ааптарын буктрейларга хайаан да ыйаҕыт, киллэрэҕит;

4.6. Титр уонна субтитр суруга-бичигэ ааҕыллар, буукубаларын кээмэйэ көрөргө табыгастаах буолуохтаах.

4.7. Роликкыт сыылката улгумнук арылларын уонна хачаайданарын туһугар  *.avi, *.mp4, *.mpeg, *wmv курдук киэптэргэ оҥороҕут.

4.8. Каадыргыт пикселэ 1080p буолара ордук, өрүттэрин хабааннаһыыта -16:9.

4.9. Үлэҕит атын киһи ааптарыскай быраабын кэһиэ суохтаах (РФ Гражданскай кодексын «Технические средства защиты авторских прав» диэн 1299 ыстатыйата). Атын киһи аудио уонна видео матырыйаалларын, иллюстрациятын туһанар буоллаххытына, ким баҕарар киирэн көҥүлэ суох ылар аһаҕас  сиригэр баарын дуу, суоҕун дуу үчүгэйдик бэрэбиэркэлээриҥ. 

4.10. Үлэлэр рецензияламматтар уонна төннөрүллүбэттэр.

5. Наҕараадалааһын
5.1. Үлэлэри дьүүллүүр сүбэ көрөр-истэр.
5.2. Сыаналааһын барыта боротокуолланар. Түмүк Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар уонна «Ил Түмэн» хаһыакка, “Сахапарламент” саайка тахсыаҕа.
5.3. Дьүүллүүр сүбэ бу Балаһыанньанан сирдэтинэн, маннык киритиэрийдэринэн сыаналыа:

-тиэмэни төһө толору уонна үчүгэйдик  арыйбыттарын;

-үлэ умсугутар уратыта, сонуна;

-тиэхэньиискэй өттүнэн төһө кыаллыбыта.

 5.4. Балаһыанньа усулуобуйатыгар сөп түбэспэт, РФ сокуонун кэһэр, олоҕурбут сиэр-майгы ирдэбиллэрин утарар үлэлэри дьүүллүүр сүбэ көрүмүөн сөп;

5.5. Кыайыылаахтары баалынан суоттаан быһаарыахтара;

5.6.  Эбии анал ааттары уонна биһирэбил бириистэри дьүүллүүр сүбэ олохтуур бырааптаах.

5.7. Наҕараадалааһын, үөһэ этиллибитин курдук, ыам ыйын 27 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ «Библионочь» тэрээһинигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолуоҕа.  

5.8. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспиттэр, ону таһынан анал аакка тиксибиттэр дипломнарынан бэлиэтэниэхтэрэ, бирииһинэн биһирэниэхтэрэ. Кыттыбыттарга – сэртипикээт.

Кыттыҥ уонна кыайыҥ!

Добавить комментарий