11 лет назад 85
Күннэй саҥа клиибин саҥа көрдүм
бу өрөбүлгэ, анаан-мэнээн олорон, дьэ көрдүм)
туох диэхпиний? бэрт бөҕө!
куйаас күн сиккиэр тыал үрэн киьи сирэйин сөрүүкэтэрин кэриэтэ) аны нууччалыы эттэххэ “динамичнай” бөҕө. үөһэттэн уһуллубут тугэннэрэ астык баҕайы!
арааската, оҕо сылдьан ити курдук солко, күөх от быыһыттан дьэдьэн хомуйарым этэ дуу? уопсайынан, тоҕо эрэ дьоллоох оҕо сааспын санаатым) отой ураты баҕайытык уһуллубут киинэ) миэхэ, кырдьаҕас киһиэхэ, киинэ да буоллун э))
аны ис хоһооно да үчүгэйин! ити режиссер диэн дьон харахтара отой ураты да буолар эбит) уһулуон иннинэ киинэлэрин барытын өйдөрүгэр “харахтаан” көрөр буоллахтара ду? дьэ, туспа талаан эбээт, до5ор!
ити Доса Куочук буолан уларыйан хаалбытыгар – тиэрэ баран туһэ сыстым дьи))) онтон көрөн истэххэ син киһи сэрэйэр эбит)
уопсайынан, киһи көрөн баран, хайдах эрэ ута5ын ханнарбыт курдук сананар эбит диэн санааҕа кэллим)
арай биири испэр олох киллэрбэтим – ити Күннэй тоҕо наһаа кырааскалааҕый?!? кыламана урукку сэбэискэй кууклалар кыламаннарын курдук дьи(( мэктиэтигэр, хараҕын аһарын-сабарын ыарырхатар курдук көстөр.
дьиҥ-дьиҥэр, Уля бэйэтэ сахалыы ис-кирбэх, ураты тупсаҕай баҕайы көстүүлээх дьи… мин киһи кинини көрөн хараҕа сымныыр))
чэ, куһаҕанын сыымайдаабаппын. итиччэ дьон ис сурэхтэн сүүрэн-көтөн оҥорбут үлэлэрин) бытта?
түмүкпэр биири эрэ этэбин – киһи ити киинэни көрө олорон хайдах эрэ киэн туттар… Сахам сириттэн, сахам дьонуттан) онон, өссө даҕаны таһаарылаах үлэни баҕарабын, киэн аартык суолларынан дабайаргытыгар, сахам дьонугар) дом!
чэ, үлэбэр ыксыыбын, доҕор, онон манан бүтэбин… :)