Мин үрдүбэр күн хаһаан да киирбэт... - Блоги Якутии
Архив автора

6 лет назад 81

Мин үрдүбэр күн хаһаан да киирбэт…


Миэхэ бүгүн наһаа түбүктээх күн буолла. Хара сарсыардаттан, харахпын хайа тардаат, сүүрэ-көтө сырыттахпына, дьонум соһуччу “Билет ылан эрэбит” диэн эрийбиттэригэр, “Миэхэ эмиэ!” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла)) Иннэ гынан эмискэ, турар бэйэм, олус күүтүүлээх, Москва куоракка дьон биһирэбилин ылбыт киинэни көрөн кэллим)






Туох диэхпиний?… Дьэ, дьон сөбүлүөҕүн сөбүлээбит эбит!


Биһиэхэ, сахаларга, тоһоҕолоон – тыа дьонугар, бу киинэ көрөргө олус кииримтиэ эбит. Тус бэйэм, үүтээн олоҕунан олорор дьахтар буоламмын буоллаҕа дуу, наһаа чугастык, сылаастык ылынным)


Биирдэ баран эттэххэ, бүтүн Россия да үрдүнэн прокатка тахсыах таһымнаах киинэ буолан тахсыбыт диэтэхпинэ – арааската албыннаабатым буолуо) Нууччалыы тылбаас да наадата суох – барыта тыла да суох өйдөнөр курдук.


Онтон киинэ тыына-быара, иһэ-үөһэ барыта олох тула эргийэр. Олох үөрүүтэ – ыал буолуу, баҕа санаа туолуу, чугас дьоҥҥун ылыныы. Олох мунчаарыыта, уонна туох кистэлэҥэ кэлиэй, олох хомолтото – доҕоргун таҥнарыы, таптыыр дьоҥҥун сутэрии… Барыта харах уулаах түгэннэр.


Ол да буоллар, олох устарын тухары, үрүҥ күн үөһэттэн тыгарын курдук тыга турдаҕа. Уопсайынан, туох да диэбиттэрин иһин, айылҕа буоллаҕа, киьи хаҕын уһулан, “Мин кимминий? Мин туохпунуй?” диэн боппуруостарга эппиэт буларга көмөлөһөр  сүдү күүс.


Уонна биири кэтээн көрдүм: миэхэ оҕо сааһым биир саамай күндү өйдөбүлэ – эбээ алаадьыта, кини алаадьытын сыта. Тоҕо эрэ, киинэни быһа алаадьы сыта эккирэтэ сырытта… Тоҕотун бэйэм да билбэппин…


Кэбис, сатаан уһуну-киэни суруйуо суохпун) Бырастыы гыныҥ. Бэйэҕит киинэҕэ сылдьан, санааҕытын сайхаан, астына-дуоһуйа, мунчаара-сонньуйа, көрүҥ диэн этэбин эрэ)


Тус бэйэм бу киинэни уһулбут, бу киинэҕэ уһуллубут дьоҥҥо, барыгытыгар – БАРҔА МАХТАЛ!


ps. Кыра уолум

#матюня

киинэни эмиэ олус сөбүлээтэ) Өссө көрүөхпүн баҕарабын, Ютубка баар дуо диэн ыйытар)) Онон бу киинэни хайаатар да диискэҕэ күүтэбит!



#фильмыТатьяны


#сахалыы


#сахалыыТатыйык

Добавить комментарий