Видеопоэзия күрэҕэр кыттыҥ! - Блоги Якутии

9 месяцев назад 1923

Видеопоэзия күрэҕэр кыттыҥ!

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларынан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук саха тылын ыччакка көҕүлүүр “ҺӨҔҮҤ” диэн кыттыгас бырайыактарын чэрчитинэн  «ҺӨҔҮҤ: ХОҺООНУНАН ХОҺУЙУУ» видеопоэзия күрэҕин биллэрэллэр.

Былырыын 2023 сыллаахха “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн буктрейлер күрэҕин ыытаммыт, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан көхтөөхтүк кыттыбыттара. Ол туһунан бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ https://blogi.nlrs.ru/93902/112264.

Буктрейлер диэн айымньы чаҕылхай түгэннэриттэн таҥыллан уһуллубут тэттик киинэ курдук эбит буоллаҕына (https://new.nlrs.ru/collections/3636),  видеопоэзия диэн хоһооҥҥо ролик устан киэргэтиини ааттыыллар. Ол эбэтэр хоһоон киһи өйүгэр-санаатыгар дьайарын, дууһатын кылын таарыйарын, ураты турукка киллэрэрин, саҥа санаалары саҕарын, толкуйга түһэрэрин, иэйии кыымын күөдьүтэрин  курдук дорҕоонноохтук, чуолкайдык ааҕыллыбыт, итиэннэ онно дьүөрэ хартыыҥкаларынан дуу, ойуулуктарынан дуу, графическай уруһуйдарынан дуу, киинэ курдук кэпсэнэр каадырдарынан дуу дьүһүйүллүбүт буолуохтаах. Ол айымньы ис хоһоонун толору өйдүүллэригэр, уобарастары харахтарыгар оҥорон көрөллөрүгэр, поэтическай жанры сэргииллэригэр сабыдыаллаах.

 Күрэх сүрүн сыала, биллэн турар, ыччат саха литэрэтиирэтин, саха тылын сэҥээрэригэр туһуланар.    

Соруктара:

– кэнчээри ыччаты сахалыы ааҕарга көҕүлээһин; 

– саха поэзиятыгар болҕомтолорун ууралларыгар угуйуу;

– медиа эйгэҕэ сатабылларын сайыннарыы;

-аныгы тиэхиньикэ ньымаларын, көмпүүтэр бырагыраамаларын баһылыы  үөрэнии;

– гражданскай-патриотическай өйү-санааны уһугуннарыы, төрөөбүт тылга уонна дойдуга тапталы иҥэрии;

 -култуура үйэлээх баайыгар ытыктабыллаах уонна харыстабыллаах сыһыаны олохтооһун;

-билиилэрин кэҥэтии;

– айар, саҥарар, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, артыыстыыр талааннарын уһугуннарыы.

-кэрэни кэрэхсиир уонна онно дьулуһар үөрүйэҕи үөскэтии;

 -ааҕыыга көҕүлүүр саҥа ньымалары тобулуу, киирбит үлэлэри ол сыалга туһаныы;

-саха ааптардарын, кинигэлэрин, айымньыларын  суолталарын үрдэтии.

Куонкуруска I-X кылаас оҕолоро биирдиилээн биитэр бөлөҕүнэн  кыттыахтарын сөп. Маныаха кинилэри үс бөлөххө араардыбыт:

“Дьиэ кэргэн”: I-IV кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин кытта;

«Үөрэнээччи»: (V-VII, VIII-X кылаастар тус-туспа күрэхтэһэллэр);

«Айар түмсүү» (медиа-кииннэр, теле-устуудьуйалар, айар түмсүүлэр, куруһуоктар, ансаамбыллар, о.д.а.);

Куонкуруска киирэр үлэлэргэ ирдэбиллэр:

– ролик хайаан да саха поэттарын эрэ айымньыларыгар оҥоһуллуохтаах;

-субтитрата, аата-суола, о.д.а. суруга-бичигэ барыта сахалыы суруллуохтаах. Онуоха Һ, Ө, Ҕ, Ү, Ҥ курдук сахалыы дорҕооннорбутун бэлиэтиир буукубалары булгуччу туһанаҕыт;

– куонкурус  официальнай балаһыанньата бу баар:

– уһуна 2 мүнүүттэн тахсыбат;

– интэрниэттэн көҥүлэ суох ылыллар бэлэм босхо хартыыҥкалары, онтон да атын аудиовизуальнай матырыйааллары туһаныы бобуллубат эрээри, барытын бэйэҕит айаргыт биһирэнэр;

–  видеокамеранан устуу, анимациянан уруһуйдааһын, хаартысканан киэргэтии, көмпүүтэр графикатынан ойуулааһын, о.д.а. ньымалары туһаныы хааччахтаммат;

– үлэҕитин Яндекс.Диск, Облако Mail.ru, Google Диск уган баран, ылан көрөрбүтүгэр сигэтин ыйаҕыт;

-сценарийгыт айымньы ис хоһоонуттан атын буолуо суохтаах;

-хоһоон аата уонна ааптара булгуччу суруллар;

– роликкытын туох да уустуга суох арыллар *.avi, *.mp4, *.mpeg, *wmv, о.д.а. киэпкэ устаҕыт;

– көстөр  хаачыстыбата – 1080p,  өрүттэрин сыһыаннаһыылара 16:9 кээмэйдээх буолар;

– видеопоэзияҕыт РФ Гражданскай кодексын 1299-с «Технические средства защиты авторских прав» ыстатыйатын кэһиэ суохтаах.

– киирбит үлэлэр рецензияламматтар;

– кыттааччы бу сайаапканы толорор  (1№-дээх сыһыарыы).

-хас биирдии кыттааччы аатын-суолун, кылааһын, сааһын  толору ыйарын умнумаҥ.

Үлэни culture.yakutia@gmail.com почтаҕа «Конкурс видеопоэзии» диэн бэлиэтээн ыытаҕыт. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 89142223579 (Анисия Иевлева).

Куонкурус болдьоҕо: 2024 сыл кулун тутар 25 күнүттэн ыам ыйын  27 күнүгэр диэри.

Ыытыллар түһүмэхтэрэ:

-кулун тутар 25 күнүгэр биллэриллэр;

-муус устур 10 күнүттэн ыам ыйын 5 күнүгэр диэри үлэлэри тутабыт;

-ыам ыйын 6-10 күннэригэр дьүүллүүр сүбэ сыныйан көрөр;

-ыам ыйын 11-19 күннэригэр видеоматырыйааллары Национальнай бибилэтиэкэ электроннай пуондатыгар киллэрэбит;

– ыам ыйын 20-25 күннэригэр көрөөччү биһирэбилин (сүрүн бириис) талар онлайн куоластааһын СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин https://new.nlrs.ru/https://new.nlrs.ru/ саайтыгар буолар;

-ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы “Библионочь” аахсыйа чэрчитинэн Национальной бибилэтиэкэ “ҺӨҔҮҤ” диэн арт-эбийиэгин былаһааккатыгар наҕараадалааһын сиэрэ-туома ыытыллыаҕа.   

Куонкуруска кыттыы буор-босхо. Миэстэлэспиттэр  путевкаларынан, бэртээхэй бириистэринэн, дипломнарынан наҕараадаланыахтара. Кыттыбыттарга барыларыгар  Туоһу сурук туттарыллар.

Кытаатыҥ, кыттыҥ, кыайыҥ!!!

Холобур быһыытынан, “Саха сирин култуурата” айар холбоһук уонна “Ойдуо” бөлөх устубут видеопоэзиятын көрүҥ. Маннык курдук бэйэҕит хайдах саныыргытынан араастаан толкуйдаан оҥоруоххутун сөп. https://www.youtube.com/watch?v=TCaO8tKYovk&t=488s

Добавить комментарий