Открыт прием заявок на отборочный этап - Блоги Якутии

9 месяцев назад 450

Открыт прием заявок на отборочный этап

Союз художников Якутии, Национальная библиотека РС(Я), Творческое объединение «Культура Якутии» при поддержке Президентского фонда культурных инициатив объявляют о начале приема заявок на отборочный этап Республиканской выставки современного искусства «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0».

Как можно выразить язык через живопись или графику, фотографию, скульптуру, инсталляцию, аудио или видео творческую работу. Как родная речь может изменить восприятие человека? На каком языке человек говорит с собой? А с людьми? Как звук может менять пространство? Наполнять его смыслами?

Проект «ҺӨҔҮҤ: якутский язык глазами художника 2.0» вновь предлагает художникам переосмыслить значение родного языка для человека, в частности, якутского языка – особенностей его звучания, начертания, лексического состава, структуры, особенностей бытования, изучения и других интересных автору тем, связанных с ощущением языка, личным восприятием. Авторы могут высказать свою точку зрения средствами изобразительного искусства в любой из художественных практик (живопись, графика, скульптура, декоративно-прикладное искусство, инсталляция), как индивидуально, так и в составе группы. Стилистика произведений не ограничена: от реализма до экспериментальных практик современного искусства.

На создание произведений художники получат сертификаты на 8000 рублей для приобретения материалов. Выставка состоится в ноябре 2024 года.

К участию приглашаются профессиональные художники-живописцы, графики, скульпторы, фотографы, видеографы, дизайнеры и студенты средних и высших профильных учебных заведений.

Подать заявку: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScFZMlKOmgVA3nspxYbbIYZQf2GMAc9JwJO1kjr7d1vX7Whiw/viewform?usp=sharing

Контакты: galereya_ykt@mail.ru, culture.yakutia@gmail.com.

Положение отборочного этапа:  

Тыл уратытын, уранын, уйанын уруһуйунан, ойуунан, хаартысканан, оҥоһугунан, мэҥэ бэлиэнэн, иһитиннэрэр уонна көрдөрөр устууларынан, онтон да атын айар үлэлэринэн сатаан тиэрдиэххэ сөп дуо? Төрөөбүт төрүт саҥабыт киһи олоҕу көрүүтүн, ылыныытын хайдах уларытыан сөбүй? Киһи бэйэтин кытта ханнык тылынан кэпсэтэрий? Оттон атын дьоннуун? Дорҕоон тулалыыр эйгэҕэ сабыдыаллыан, кураанах куйаары туох  эрэ суолтанан толоруон сөп дуо?

«ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан 2.0» бырайыак худуоһунньук төрөөбүт сахатын тылын хайдах бэйэтэ ылынарынан уонна өйдүүрүнэн ырытарыгар, кэскилин, билиҥҥи кэмҥэ суолтатын, туттуллуутун, тутулун, саҥарыллыытын, тылын баайын, уратытын, онтон да атын кинини сэҥээрдэр тиэмэлэри сыныйан-сылыктаан анаарарыгар, дириҥник хорутан толкуйдууругар кыаҕы биэрэр.
Биирдиилээн биитэр бөлөҕүнэн кыттар ааптардар ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба араас көрүҥнэрин (живопись, графика, скульптура, декоративно-прикладное искусство, инсталляция) туһанан, тус санааларын кимтэн да тутулуга суох көҥүл этэр кыахтаахтар. Онуоха дьиҥ чахчы баары дьүһүйэртэн саҕалаан, аныгы ускуустуба сонун ньымаларын барытын туһаналлара хааччахтаммат.

Ол идиэйэлэрин олоххо киллэрэллэригэр 8000 солкуобайдыыны туттар матырыйаалларыгар анаан биэриэхпит.
Быыстапканы Саха Сирин худуоһунньуктарын сойууһа, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук кыттыһан, Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондатын өйөбүлүнэн тэрийэллэр.

Идэтийбит живописец худуоһунньуктары, графиктары, скульптордары, фотографтары, видеографтары, дизайнердары, итиэннэ ити идэҕэ уһуйар орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кытталларыгар ыҥырабыт.

Сайаапканы тутуу сигэтэ: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScFZMlKOmgVA3nspxYbbIYZQf2GMAc9JwJO1kjr7d1vX7Whiw/viewform?usp=sharing

Сиһилии билсэргитигэр: galereya_ykt@mail.ru, culture.yakutia@gmail.com. 

Добавить комментарий