Ытык Таатта Ытык Күөлүгэр - Блоги Якутии

11 месяцев назад 1018

Ытык Таатта Ытык Күөлүгэр

Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айыллыбыт, уран тыл маастардара тахсыбыт ытык Таатта сиригэр “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ.

Дэлэгээссийэни Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр көрүстүлэр, тыйаатыры көрдөрдүлэр.

Оҕобун маннык дьыссаакка үөрэ-көтө биэриэм этэ…”

Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, “Олоҥхолоох айан: ноо!” десант кыттыылаахтара Ытык Күөлгэ “Сулусчаан” уонна “Чуораанчык” дьыссааттарга сырыттылар.

-Ыалдьыттарбыт иитиллээччилэрбит олоҥхону толорууга холонууларын сэргээн иһиттилэр уонна уһуйааччыларга сүбэ-ама биэрдилэр, кыра саастаах оҕолору дьарыктыыр уратыларыгар тус көрүүлэрин эттилэр.

Кырачааннарбыт олоҥхо туһунан билиилэрин биһирээтилэр, умсугуйан олорон истибиттэрин бэлиэтээтилэр. Биир кыысчаан Уйгууна Халыеваны кууһа-кууһа: “Мин эн ыллыыргын наһаа сөбүлээтим”, – диэн долгуппут. Мира Егорова кыра эрдэҕинэ атын араас сирдэргэ айанныыр баҕаттан олоҥхонон умсугуйан барбытын, бастаан үлүһүйэригэр ол көҕүлүүр күүс (мотивация) буолбутун сэһэргээтэ. Оһуохай “Аан Дархан этээччитэ”, “Олоҥхо-баттл” быйылгы кыайыылааҕа, Мэҥэ Хаҥалас култуураҕа салалтатын исписэлииһэ Станислав Иванов бэйэтэ суруйбут “Хорсун-хоодуот Хатан боотур”олоҥхотуттан быһа тардан толордо. Прасковья Лебедева, Кондратий Герасимов, Марфа Аммосова, Нарыйаана Шамаева уонна Алтаайтан сылдьар устудьуон Илья Дугашов ырыаларын-тойуктарын кэрэхсээтибит. Бөлөх салайааччыта, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн (АГИКИ) проректора Зоя Андреевна Стрекаловская олоҥхоҕо ыытар үлэбитин билистэ, – диэн “Чуораанчык” оҕо уһуйаанын үлэһитэ Ирина Тихонова санаатын үллэһиннэ

“Сулусчаан” дьыссаат фольклорга уһуйааччыта, алгысчыт Прасковья Николаевна Петрова иитиллээччилэригэр олоҥхону үөрэтэр дьарыктарын эдэр толорооччулар олус сэргээбиттэрин, ньымаларын үлэлэригэр, үөрэхтэригэр туһаныах буолбуттарын, уопут ылбыттарын, баралларыгар: “Кырачаан оҕолортон элбэххэ үөрэннибит”, – дэспиттэрин кэпсээтэ.

Ити көрсүһүүттэн “Олоҥхолоох айан: ноо!” кыттыылааҕа, “Муҥха олоҥхото” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыайыылааҕа Прасковья Лебедева: “Мин оҕобун итинник дьыссаакка биэриэм этэ!” – диэбитинэн тиийэн кэллэ. “Ноо!”- диэн сэргии түспүппүтүгэр, үөрэ-көтө сэһэргээтэ:

-“Сулусчаан” оҕо уһуйаана олох сахалыы тыыннаах буолан биэрдэ. Иитээччилэрэ бары кэриэтэ ааптарыскай методикалаахтар, онно анаммыт кинигэлэрдээхтэр. Олоҥхону оҥкул оҥостон үлэлииллэрин биһирээтим. Релакс хоско оҕоҕо олоҥхо ойуутунан голограмманы, ойуулуктары (мультиктары), роликтары көрдөрөн, налытар, уоскутар, сынньатар, холкутутар эбиттэр. Олоҥхону бөлөҕүнэн куолаан толорууга дьарыктаан саҕалаабыттар. Онуоха сүдү эпическэй айымньы ис хоһоонун оҕо өйдүүрүн курдук илдьиритэн кэпсиир буоланнар, 4-5 саастаах оҕолор олоҥхо дьоруойдарын билэллэрэ, персонажтар үс дойдуттан ханныгар олороллорун бэркэ араараллара сөхтөрдө.

Физкультураны биэрэр уһуйааччы, олоҥхо боотурун курдук эт-хаан өттүнэн эргиччи сайдыылаах ыччаты иитэн таһаарар соруктан, сахалыы ньымаларынан эрчийэрин сэҥээрдим. “Дыгын оонньууларын” курдук, национальнай көрүҥнэргэ күрэхтэһии ыытар эбит. Оттон логопедтара олоҥхонон тылы эрчийэр, дорҕооннору сөпкө саҥардар босуобуйалаах.

Бу “Сулусчааҥҥа” саамай астыммытым – олоҥхону истии култууратын оҕоҕо кыратыттан иҥэрэллэрэ. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин олоҥхону тулуйан, сэҥээрэн истэр киһи ахсааннаах. Оттон бу оҕолор биһиги толорорбутун хамсаабакка да олорон болҕойон иһиттилэр. Күнүс утуйалларыгар, ньээҥкэлэрэ сахалыы остуоруйа эбэтэр олоҥхо ааҕарын хайҕаатым.

Уопсайынан, бу дьыссаат дьиэтигэр киирдэххинэ, киһини сахалыы эйгэ кууһа түһэр: сахалыы оһуор-мандар, үстүрүмүөннэр, оонньуурдар, ойуу-бичик. Саахыматтарын фигуралара кытта олоҥхо персонажтарынан оҥоһуллубут. Роботехникаҕа легонан Аал Луук маһы, балаҕаны хомуйаллар. Аһылыктарын менютун көрдөххө, эмиэ сахалыы ас-үөл. Аны эркиҥҥэ икки карта ыйаммыт: биирэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин улуустара, иккиһэ – Таатта улууһун нэһилиэктэрэ. Ону бара-кэлэ көрөн, кыраларыттан төрөөбүт дойдуларын билэ үөрэнэллэр. Арчы дьиэтин курдук кэбиниэттээхтэр – саха итэҕэлигэр, сиэригэр-туомугар, төрүт култуураҕа уһуйар сирдэрэ. Нэдиэлэ биир күнүгэр, сэрэдэҕэ, хайаан да сахалыы таҥнан кэлэр эбиттэр. Кэнчээри ыччат кэскилин санаан, саха оҕотун сахалыы иитэр уһуйаан үлэһиттэригэр махтанабын!

Үөрэххэ ыҥыраллар

Бу “Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак идиэйэтин Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ көҕүлээбитэ, ону СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Олоҥхо ассоциацията өйөөн, былырыын 2022 сыллаахха Бүлүү бөлөх түөрт улууһунан сылдьан, олоҥхону толорооччуларын киинэҕэ устубуттара, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр эдэр олоҥхоһуттарын ырыаларын-тойуктарын иһитиннэрбиттэрэ.

Быйыл бу бырайыак Бэрэсидьиэн култуураны өйүүр пуондатын граныгар кыайан, аны Таатта уонна Амма улуустарынан сылдьар кыах тосхойдо.

АГИКИ-лар бу сырыыттан икки куобаҕы өлөрдүлэр: фольклор салаатын устудьуоннара, олоҥхолорун толорон, маастарыстыбалырын кырыылаатылар. Этэргэ дылы, туһугар кинилэргэ ол быраактыка буолла. Итини таһынан АГИКИ проректора Зоя Андреевна Стрекаловская салайыытынан Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар сылдьан, оҕолорго үөрэхтэрин кыһаларын сырдаттылар, үөрэххэ туттарсыы туһунан кэпсээтилэр.

Биэс устуу

Олоҥхо ыһыаҕар үс кэнники сылга кылаан чыпчаал аатын таатталар ыллылар: Александр Багардынов, Афанасий Попов, Алексей Николаев.

Итинник улахан олоҥхоһуттаах сиргэ олоҥхону толоруу таһыма үрдүгэ чахчыта сэрэйиллэр.

Бу бырайыак чэрчитинэн биэс устууну оҥордубут. Харбалаах нэһилиэгиттэн дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга 2020, 2022 сс. Гран-при ааты ылбыт, Арассыыйатааҕы этно-куонкуруска муҥутуур кыайыыны ситиспит, “Уруйдан, улуу олоҥхобут!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус II истиэпэннээх лаурета Иван Иванович Слепцов, Ытык Күөл “Таатта удьурҕайдара” бөлөҕө (сал. Мария Тарабукина), Таатта олоҥхоһута Туһалыыр Дарыбыан кыыһа, норуот маастара, тойуксут Клара Илларионовна Читаева “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон, быйыл Өймөкөөҥҥө саҥа саҕалааччыларга “Кылыһахтаах ырыалаах олоҥхоһут” анал ааты ылбыт Татьяна Егоровна Слепцова эһиил төрөөбүтэ 160 сылын туолар олоҥхоһут, саха дьахталларыттан бастакы учуонай Мария Ионова-Андросова “Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара” олоҥхотуттан, Ийэ олоҥхоһут Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөппүт кыыһа Розалия Петровна Докторова аҕатын “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай” олоҥхотуттан толордулар.

Бу уһуллубуттара барыта СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин “Олоҥхо” саайтыгар таҥыллан киирэр, электроннай пуонда быһыытынан үйэ саас хараллар.

Ноо”-луур киэһэҕэ

“Олоҥхолоох айан: ноо!” бырайыак олоҥхоһуттарын истэр дьоро киэһэ Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр буолла. Бу тэрилтэ үлэһитэ Марина Николаевна Федорова тэрээһини үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта. Десант кыттыылаахтарын Олоҥхо ассоциация Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Александровна Сивцева кэлэн эҕэрдэлээтэ.

Балаҕан быһыылаах фойены толору мустубут дьоҥҥо Станислав Иванов, Марфа Аммосова, Кондратий Герасимов олоҥхолоон, Илья Дугашовпут “Атынах мэргэн” эпоһын, топшууругар оонньуу-оонньуу, хабарҕатынан ыллаан иһитиннэрдилэр.

Дьоро киэһэ түмүктэниитигэр Розалия Петровна Докторова эдэр дьон олоҥхолорун истэн дуоһуйбутун эттэ, Зоя Лукинична Санникова олоҥхону сэҥээрбэт эрдэхтэринэ оҕолорго уһуйбутун аҕынна, Прасковья Николаевна Петрова уһуйааҥҥа кэлэн олоҥхолоон барбыттарыгар махтанна.

Оттон биһиги махтанабыт олоҥхолоох айанньыттар Тааттаҕа көрсүһүүлэрин сүрүннээбит Майя Гаврильевна Егороваҕа. Кини тыаралаһалары, чөркөөхтөрү кытта ситими тутан олорон тэрийсибит буолан, ханна да олоҥхобут дьоро киэһэлэрэ, устуубут даҕаны тэрээһиннээхтик барда. Маны сэргэ махтанабыт Олоҥхо ассоциация Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ И.А. Сивцеваҕа, улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылиҥҥа, солбуйааччыта Р.Р. Петроваҕа, сүрүн үлэһит М.Н. Федороваҕа, “Алгыс” балаҕан дириэктэрэ М.Г. Сунхалыроваҕа, “Чуораанчык” уонна “Сулусчаан” дьыссаат, Алампа аатынан оскуола кэлэктииптэригэр.

Добавить комментарий