"Бу бырдаҕы кумаардаан да көрбөтөхтөрө", - диэбэттэрин курдук... - Блоги Якутии

1 год назад 1250

“Бу бырдаҕы кумаардаан да көрбөтөхтөрө”, – диэбэттэрин курдук…

Дьиҥэр, бу олоххо туох барыта көннөрү айыллар ээ. Ону киһи барахсан, өйдүүр-саныыр дьоҕурдаах, ыллыыр-ытыыр сүрэхтээх, үөрэр-долгуйар дууһалаах буолан, бэйэтэ суолталаан биэрэр: ханнык эмэ көтөрү ытык кыыл оҥостон сүгүрүйүө, биитэр эбээтин ытарҕатын үйэлэргэ кэриэстээн ууруо…

Барыны бары ис хоһооннуур сиэрбитинэн, түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри мэҥэ бэлиэлэри туруорар үгэстээхпит. Онтукабыт биһиэнэ сүрүннээн устуоруйаны кэрэһилиир пааматынньык буолар. “Ол оннугар сонун скульптура аҕыйах”, – дэһэллэр билэр худуоһунньуктарым.

Ол иһин быһыылаах, ити эйгэҕэ айа-тута сылдьар дьон “Муус Хайа” ресторан иннигэр тутулла турар Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар оҥоһуллуохтаах бырдах скульптуратын биһирииргэ дылылар. Оттон инники күөҥҥэ тутар интэлигиэнсийэбит Сальвадор Дали уруһуйдуур сюрреалистическай истиилинэн эскиистэммит кумаары букатын утараллар.

Култуурунай кодпут бу дуо?

Дьэ, итинник икки аҥы хайдыһыы тахсан, “Кыым” хаһыат эрэдээксийэтэ төгүрүк остуолу тэрийдэ. Модераторынан Мария Христофорова буолла. Кини норуот хаһыата бу иннинэ элбэх кыһалҕалаах боппуруоһу туруулаһан туруорсан кыайбытын, онон бу кэпсэтии эмиэ көдьүүстээх буоларыгар саарбахтаабатын, онуоха кими да сирэй-харах анньаары буолбакка, сөптөөх быһаарыныыны ылар соруктаах санаа атастаһалларын тоһоҕолоон эттэ:

    -Билэргит курдук, былырыын 2022 сыллаахха Саха Сирэ “Russian Creative Award” диэн бириэмийэҕэ “Самый креативный регион” ааты ылбыта. Наҕарааданы Ил Дархаҥҥа Москуба куоратын баһылыга Сергей Собянин туттарбыта. Чахчы, кэлиҥҥи сылларга Дьокуускай биллэ тубуста. Уопсастыбаннай миэстэлэри дьоҥҥо табыгастаах уонна кыраһыабай гына оҥорорго үлэ күүскэ бара турара харахха быраҕыллар. Ол эрээри сонун сүүрээннэр төрүт олохтоох омуктар духуобунай уонна култуурунай сыаннастарыгар олоҕуруох тустаахтара буолуо дии. Холобура, ити баараҕай бырдаҕы туох санааттан ыччат тоҕуоруһар сиригэр дьэндэтээри гыналларын билиэхпитин баҕарабыт.

Ити ыйытыыга Үүнэр көлүөнэлэргэ туһуламмыт пуонда тутууга генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Михаил Керемясов бу курдук быһааран хоруйдаата:

-2018 сыллаахха пуондабыт 10 сылын туолбута. Үбүлүөйдээх даата  чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр былааннарыгар Көлүөнэлэр сквердэрин оҥорорго сүбэлэспиппит. Онуоха сөптөөх учаастагы булбакка, өр да өр  көрдүү сырыттахпытына, оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов ыҥыран ылан, Ыччат бырабыыталыстыбата 79 кыбаарталга баар ырааһыйаҕа Ыччат пааркатын оҥорорго туруорсарын эппитэ уонна: “Эһиги эмиэ ити курдук идиэйэлээх этигит дии, онон кыттыһан тутуҥ”, – диэн сорудахтаабыта.

Онон сүүрбэттэн тахса гектар туга да суох сири киһи кэрэхсиир миэстэтигэр кубулутар уустук боппуруос турбута. Ол иһин Үүнэр көлүөнэ пааркатын кэнсиэпсийэтин уонна былаанын толкуйдуурга анаан, Бүтүн Арассыыйатааҕы архитектурнай куонкуруһу тэрийбиппит. Маныаха усулуобуйатыгар ирдэбил туруорбуппут – кыттар бөлөх састаабыгар Саха Сирин бэрэстэбиитэлэ булгуччу баар буолуохтаах диэн. Ол бэйэбит каадырдарбытын таһаарар сыалтан этэ. Барыта 87 сайаапка киирбитэ. Икки түһүмэҕи ааһан, кумаары килиимэппитин кытта ситимнээн дьүһүйбүт «Атриум» диэн Москуба  архитектурнай мастарыскыайа уонна Саха Сирин «Восток+» хампаанньата (билигин “База14”) кыттыгас бырайыактара кыайыылаах тахсыбыта. Манна даҕатан эттэххэ, бу бырдахтаах үлэлэрэ норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ саамай бастыҥ бириэмийэни ылбыта.

Социологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр, уопсастыбаннай диэйэтэл Ульяна Винокурова:

-Мин бу бырдаҕы 2019 сыллаахха Казань куоратыгар буолбут  “Парки и города – развитие в интересах экологической устойчивости и здоровья горожан” диэн кэнгириэскэ бара сылдьан көрбүтүм. Онтон ыла бу хаанымсах харамайы атын көстүүгэ  уларытарга этэ сатыыбын. Ама, култуурунай кодпут бу эрэ дуо? Эчи, чычааһын! Архитектура бүтүн нация дьылҕатыгар сабыдыаллыыр, интеллектуальнай-култуурунай кэскилин түстүүр аналлаах эбээт. Дьокуускайбытын ирбэт тоҥ иэнигэр бастыҥ куоракка кубулутар соруктаахпыт буолбаат? Чэйиҥ, оччоҕо хас биирдии тутуубутугар болҕомтолоох буолуоххайыҥ.

Айыы үөрэҕин, саха итэҕэлин үөрэтэр, тарҕатар Анатолий Павлов-Дабыл:

– Тыйыс айылҕалаах дойдуга олоххо тардыһар күүспүтүн бэлиэтиир символ үгүс ээ: Аар Кудук мас, сэргэ… Аал Луук маспытын киирсэн-киирсэн, Тэрис сууттанан эҥин, арааһы ааһан, билигин син улуус ахсын баар гынан эрэбит. Олоҥхоҕо абааһы кыыһа, бырдах буолан кубулуйан, айыы кыыһын сиэри гынар. Ама оннук уобарастаах скульптураны ыччаппытыгар хаалларыахпыт үһү дуо?

ХИФУ культурологияҕа кафедратын бэрэпиэссэрэ, этнопедагог Галина Попова-Санаайа:

– Оннук, олоҥхону ааҕыҥ, символ буолар бэлиэлэр онно бааллар. Төрүт култуурабытын постмодерн үтүрүйэрэ сэрэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, арт-эбийиэктэр дьон түгэх өйүгэр дьайар күүстээхтэр.

Архитектура управлениетын салайааччыта Любовь Папок: 

-Бу бырайыагы оҥорсубут “База14” соторутааҕыта Грознай куорат маастар-былаанын куонкуруһугар кыайда. Уопсайынан, биһиги архитектордарбыт маастар-былааннары оҥороллоругар ол сир уратытын өрүү учуоттууллар. Оттон бу паарка ыччат сынньанар сирэ буолар, онон култуурунай коду манна ирдиир оруна суох. Айар бөлөх олоҥхоҕо сигэммэккэ, уратытык оҥорорго дьулуспута ырылхайдык көстөр.

Норуодунай худуоһунньук Афанасий Романов:

 — Бырдахпыт аһара улахан эбит – 5 миэтэрэ үрдүктээх. Ханнык баҕарар айымньы дууһалаах буолуохтаах. Оттон бу кумаарга ол суох. Уонна өйдөбүлүнэн да, туруохтаах сиригэр да, Үүнэр көлүөнэ пааркатын аналыгар да барсыбат курдук.

“Айар” кинигэ кыһатын кылаабынай эрэдээктэрэ  Валерий Луковцев:

– Бырдах диэн тугуй? Кып-кыра үөн. Ол аата бу арт-эбийиэгинэн ыччаппытыгар “бу балысханнык сайдар олоххо, глобализация кэмигэр биһиги баара-суоҕа “букашкаларбыт”, харамайдарбыт  эрэ” диэн өйдөбүлү тиэрдэбит. Үүнэр көлүөнэ пааркатыгар ыччаты үрдүккэ көҕүлүүр, эдэр саас кэрэ кэмин кэрэһилиир романтичнай скульптура турара ордук. Онто да суох куораппытыгар киһи сүргэтин көтөҕөр, киэн тутта көрөр пааматынньыга суоҕун кэриэтэ.

Скульптор Николай Чоччасов:

-Ол тоҕо хайаан да скульптура сүргэни көтөҕөр буолуохтааҕый? Наар үчүгэй эрэ буолбакка, араас эмоцияны барытын үөскэтиэхтээх буоллаҕа дии. Холобура, мин бөҕү сиппийээччим (“Киин” киинэ тыйаатырын иннигэр) махталлаах санааны эрэ күөдьүппэт ээ, кыһалҕа элбэҕин эмиэ санатар: куораппытын харыстаабаппытын, дьон үлэтин сыаналаабаппытын, күннэтэ олохпутун көстүбэккэ сылдьан тупсарар дьоммутун сирэй билбэппитин, кинилэргэ болҕомто уурбаппытын, уулуссаларбыт кирдээхтэрин, о.д.а. Аны туран, ити бырдахтаах бырайыак билиҥҥитэ, этэргэ дылы, хартыына эрэ буоллаҕа дии. Дьэ, ону олоххо кимнээх киллэрэллэрэ уонна хайдах хаачыстыбалаахтык оҥороллоро – дьэ, бу боппуруос.

“Архетип” айар холбоһуктан Александра Неустроева:

-Куораппытыгар устуоруйа кэрэһиттэрэ буолар пааматынньык элбэх, оттон остуоруйа курдук аптаах-алыптаах оҥоһук суох.

Үтүөлээх юрист, наука дуоктара Макар Яковлев:

-Уопсайынан, маннык арт-эбийиэктэри уонна пааматынньыктары туруорууга туһуламмыт эрэгийиэннээҕи сокуон ылыллыан наада эбит.

Уратыбытын учуоттаан

Түмүккэ Ульяна Алексеевна СӨ Ытык сүбэтэ бу пааркаҕа бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев аатын иҥэрэр туһунан суругу Ил Дархан аатыгар суруйбутун эттэ. “Михаил Ефимович идиэйэлэрин ыччат билэн, ону олоххо киллэрэргэ мантан кынаттаныахтаах”, – диэтэ.

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара бырайыак сакаасчыта бу баараҕай бырдахтан аккаастанарын уонна саҥаттан куонкурус биллэрэллэрин туруорсар суругу өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар киллэрэргэ быһаарыы ылыннылар.

Оттон ити кэмҥэ Саха Сирин худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова бу арт-эбийиэги ыарахантан чаҕыйбат буолуу бэлиэтин курдук ылынарын туһунан эппитэ социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта. “Сайынын бырдахпыт-кымаайыбыт олус элбэх эрээри, биһиги ону кыһалҕа оҥостубакка олоробут”, — диэн быһаарбыт. Ааптардар да кумаары килиимэппитин кытта ситимнээн дьүһүйбүттэр үһү.

         Ити курдук ханнык баҕарар айымньыга ким тугу көрүөн баҕарарын көрөр. Оннооҕор Малевич “Хара квадратын” күн бүгүнүгэр диэри араастаан быһааран ырыталлар буолбаат? Ол эрээри биһиги курдук килиимэттээх дойдуга сири да хаһар ыараханыттан саҕалаан, үтүмэн үбү-харчыны булар уустугун ааһан, ирбэт тоҥҥо сатаан тутар эмиэ элбэх эрэйдээҕин өйдүөх кэриҥнээхпит. Онон үйэлээх тутууга наһаа солуута суохтук сыһыаннаспакка, кырдьык, туох эрэ дьоһуннаах арт-эбийиэги дьэндэтиэх тустаахпыт. Быһата, соҕурууҥҥулары кытта биһигини тэҥниир табыллыбатын өйдүөхтээхтэр: киинтэн тэйиччи олорор буоламмыт, айылҕабытыгар билигин да наһаа чугаспыт уонна өбүгэлэрбитин кытта ситиммит олус күүстээх, онон бэлиэлэри (үөһэттэн кэлэри, сирдээҕи оҥоһууну, дьон айарын, о.д.а) олус суолталыыбыт. Буолаары буолан, паарка ыччакка ананар уонна бастакы бэрэсидьиэммит аатын сүгэр буолар буоллаҕына. Кэлин: “Бу бырдаҕы туруоралларыгар ким да кумаардаан да көрбөтөх үһү”, – диэбэттэрин, хом санаабаттарын курдук…

Анисия Иевлева.

Добавить комментарий