1 год назад 609
Аҕабыт этэр буолара…
Быйыл тохсунньу 26 күнүгэр “Кулаковскай биһиги ортобутугар” (“Кулаковский среди нас”) диэн трибьют-презентация буолан ааспыта.
Онно Раиса Реасовна Кулаковская олус долгутуулаахтык тыл эппитин бэчээттиибит:
-Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, этэргэ дылы, хас биирдиибит күн сирин көрөөтүн кытта, Өксөкүлээх сылаас тыыныгар, дьикти иэйиитигэр куустарар. Кини аатын ааттатарга тугу эмэ оҥорбут киһи диэн өй-санаа барыбытыгар, ким да кикпэтэҕин, анаан эппэтэҕин үрдүнэн, дириҥник иҥпит эбит. Ол курдук, быыс-хайаҕас булан, институт да аһабыт, кинигэ да таһаарабыт, хоту алтата сылдьыбыт суолун сонордоһобут.
Бу түгэҥҥэ мин оҕо сааспар Чычымахха буолбут түгэни санаан кэллим. Атос биһикки харахпытыгар эһээбит кинигэлэрин уоттаабыттара. Ол кэмҥэ аҕабыт дьиэтигэр баара. Биһиги тиийэн үҥсүбүппүт. Онуоха кини хотойдуу көрбүтэ уонна эппитэ: “Норуот таһаарыа. Чыычаахтарыам, эһиги чобуохайданымаҥ, эһигини тэпсэн кэбиһиэхтэрэ”, – диэн. Онтон ыла үйэм тухары, хайдах эрэ, тардына, сэрэнэ, кэтэнэ сылдьар курдукпун.
Аҕабыт кып-кыра хамнаһыгар ( туох баар эбиилик бырыһыанын сотон кэбиспиттэрэ) 8 оҕотун улаатыннарбыта. 6 да 7-лээх дьиэбитигэр улааппыппыт. Ол эрээри биһиги дьоллоох этибит. Киэһэ аайы аҕабыт остуоруйатыгар бигэнэн утуйарбыт. Кини биһигини батыһыннара сылдьан, Чычымах кэрэ миэстэлэрин көрдөрөрө, кэрэхсэбиллээх кэпсээнин истэрбит. Айылҕабытын, дьоммутун-сэргэбитин таптыы үөрэммиппит. Аҕам этэрэ: “Учуутал баар – кэрэттэн кэрэ идэ. Буорту буола илик кырачаан дьону үөрэтэр – дьол”, – диэн. Ол иһин 8 оҕотуттан 5-пит учуутал идэтин ылбыта. Өксөкүлээх 3 уолун, аҕам 5 оҕотун, онно эбии кийииттэри, сиэннэри эптэххэ, 140 сыл ыстаастаах учуутал удьор утумун тэниттибит.
Реас Алексеевич оҕолоругар өрүү этэрэ: “Төрөөбүт дойдугутун таптааҥ, ханнык да түгэҥҥэ түһэн биэримэҥ, куһаҕаннык этимэҥ. Өлөр-хаалар күҥҥүтүгэр, өрөгөйдүүр кэмҥитигэр эһиги аттыгытыгар оройуоҥҥут, дьоҥҥут баар буолуохтара диэн. Кырдьык, Тааттабыт өрүү биһиэхэ көмө-тирэх, өйөбүл буолар, Өксөкүлээҕи үйэтитиигэ күүскэ үлэлэһэр. Ол эрээри атын да улуустар Өксөкүлээхтэрин билиниэхтэрин, кыттыһыахтарын наада диэн этэбин.
Аҕабыт биһигини тыа сиригэр, бэйэтин чугаһыгар ииппитэ. Кэргэним Степан Охлопков этэрэ: “Эһиги аҕаҕытын ыраахтааҕы курдук тутаҕыт”, – диэн. Кини оҕолоругар оннук улахан аптарытыаттааҕа, киһи киһиэхэ сүгүрүйүүтүн, махталын, киэн туттуутун ылбыта.
Бу күн курдук, Өксөкүлээҕи өрө тутар, кини тула түмсэр дьоллоох кэмҥэ тиийэн кэлбиппиттэн үөрэн туран, Алексей Елисеевич Кулаковскай аатын үйэтитиигэ үлэлиир бар дьоммор махтанабын.
***
Раиса Реасовна бу эппит тыла кэриэс курдук буоллун – төрөөбүт Тааттата эрэ буолбакка, Саха Сирин бары улуустара Өксөкүлээх Өлөксөйү өрө тутан, бу биллэриллибит 5 сылыгар күүскэ хамсаныаххайыҥ, үтүмэн үлэни ыытыаххайыҥ.
Анисия Иевлева.