1 год назад 338
“Ситим” ситимнээтэ
С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра быйылгы сезонун аан дойдутааҕы премьеранан түмүктээтэ: “Ситим” диэн испэктээгинэн.
“Биһиги тыйаатырбыт саҥалыы сайдар суоллары тобулар. Репертуарбыт хатыламмат туруорууларынан кэҥииригэр, кэнсиэртиир бырагыраамабыт сонун үҥкүүлэринэн хаҥыырыгар дьулуһабыт” диэн суруйар “Ситим” испэктээк буклетын аан тылыгар Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев.
“Ол туһуттан Арассыыйа аатырбыт театральнай диэйэтэллэрин кытта кыттыгас бырайыактары толкуйдуубут” диэн бэлиэтээбит тыйаатыр уус-уран салайааччыта Светлана Бессонова.
Бу сырыыга талааннаах дьиэ кэргэнниин, аныгылыы эттэххэ, коллаборация буолла. Ол курдук, испэктээк либреттотын Вероника Кулагина диэн балетовед, балет критигэ уонна “PRO танец” диэн сурунаал редактора суруйда, оттон кини кэргэнэ, Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай академическай тыйаатыр Борис Эйфман балетын репетитор-педагога, экс-солиһа, “Золотой Софит” бириэмийэ лауреата Олег Марков режиссердаан, хореографтаан туруорда.
Тоҕо “Ситим” диэн ааттаабыттарый диэтэххэ, олоҥхоҕо олоҕурбут испэктээккэ бастаан билиҥҥи кэм көстөр. Көмүс (Саина Винокурова) уонна Өксөкү (Николай Павлов) доҕотторун кытта (Капитон Ильин, Петр Портнягин, Сааскылаана Аржакова, Саяна Егорова, Светлана Чирикова) буолан Өлүөнэ очуос таас хайаларын кытылыгар, Өлүөнэ эбэ биэрэгэр, сынньана кэлэллэр. Ыттарын (Владислав Попов) кытта үчүгэй баҕайытык оонньуу сырыттахтарына, олоҥхо сиэринэн-киэбинэн, Аллараа дойду ааттаахтара Арсан Дуолай (Василий Эверстов) көмөлөһөөччүтэ Тимир Дьигистиин (Эдуард Жирков) тиийэн кэлэн, Орто дойду олоҕун аймаан ааһаллар. Көмүскэ сүлүһүннээх утаҕы иһэрдэн, Аллараа дойдуга уоран илдьэ бараллар. Онно тиийэн, Көмүһү алмааска кубулуталлар. Өксөкү тапталлааҕын көрдүү барарыгар Күөх Боллох Тойон (Илья Пак), Нарын Ньургустай (Ольга Ботуева) сирдьиттээх кыталыктар көмөлөһөллөр.
Маныаха испэктээк Айыы аймаҕын араҥаччылыыр Үрүҥ Айыы Тойон оруолун толорбут Дмитрий Артемьевтан саҕаламмыта уонна бүтэһигэр сүрүн ойуун буолан киирэр Афанасий Афанасьевынан түмүктэммитэ ураты суолталанна: бу икки норуодунай артыыстары кытта Аксения уонна Наталия Посельскаялар ааттарынан балетнай оскуола (колледж) оҕолоругар тиийэ эдэр артыыстар кыттыбаттара, биир сыанаҕа үҥкүүлээбиттэрэ – бу СИТИМ.
Эйфман балета аныгылыы тыыны киллэрэринэн уратылаах. Ол курдук, Олоҥхо курдук былыргы айымньыны аныгы үҥкүү хамсаныыларынан ойуулаан-оһуордаан ситэрдилэр-киэргэттилэр. Бу эмиэ – СИТИМ.
Балет “па”-тын кытта сахалыы норуодунай үҥкүү сатабыллаахтык силбэспитэ – СИТИМ.
Аны туран, таҥастара сахалыы колориттаах буолбатаҕа эбитэ буоллар, биир бэйэм соҕуруу дойду испэктээгин курдук ылыныам этэ. Ол эбэтэр манна национальнай үҥкүүбүт элэмиэннэрин кытта үҥкүү араас хайысхалара алтыһа сылдьаллара – бу СИТИМ. Быһата, синтез-испэктээк.
Муусуката эмиэ биир оннук. Иркутскай уобалас “Союз композиторов” тэрилтэтин бэрэссэдэтээлэ Ян Круль доҕуһуолун оҥрбут. Кини: “Академическай доҕуһуолу кытта төрүт дорҕоону дьүөрэлиир бэйэбэр сонун үлэ буолла. Сахалар дьүрүскэннэрэ айылҕалыын быһаччы сибээстээх эбит”, — диэн санаатын үллэстэр.
Оркестр дирижера – Анюта Иванова, научнай консультант – искусствоведение доктора, профессор Ангелина Лукина. Оттон сыана киэргэтиитин толкуйдаабыт, артыыстар көстүүмнэрин айбыт кылаабынай худуоһунньук – Екатерина Шапошникова.
– Балысханнык сайдар кэм ыҥырыытын ылынан, Үҥкүү тыйаатыра саҥа аартыктары арыйар. Ол курдук, бүгүҥҥү бу кыттыгас бырайыак Санкт-Петербурдааҕы доҕотторбут көмөлөрүнэн сыанаҕа турда: Эйфман сахалыы тыыннаах балетын көрдүбүт. Барыта сонун, интэриэһинэй, ураты уонна кэрэхсэбиллээх. Манна даҕатан эттэххэ, бэс ыйын 9 күнүгэр култуура министиэристибэтэ тэриллибитэ 70 сылын туолар. Онно бу “Ситим” бэртээхэй бэлэх буолла. Үҥкүү тыйаатырын репертуарыгар сонун испэктээк баар буолбутунан эҕэрдэлиибин, – диэн туран, култуура миниистирэ Юрий Куприянов СӨ Бырабыыталыстыбатын Махтал суругун Олег Марковка, Вероника Кулагинаҕа, Ян Крульга туттарда. Маны тэҥэ бу үөрүүлээх быһыыга-майгыга Үҥкүү тыйаатырын артыыһа Василий Эверстов “СӨ култууратын туйгуна” бэлиэтин тутта.
Норуот дьокутаата Мария Христофорова артыыстарга, туруорааччыларга уонна оркестрга махтанан туран, Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин Бочуоттаах грамотатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеевы, Махтал суругунан испэктээк сүрүн оруолларын толорбут Саина Винокурованы, Николай Павловы, Василий Эверстовы, Эдуард Жиркову наҕараадалаата.
Миниистир Юрий Степанович бу дьоро киэһэҕэ эппитинэн, кыһын Казахстаҥҥа “Русский сезон” бырагыраама чэрчитинэн, ахсынньы 8 күнүгэр Саха Сирин күннэрэ ыытыллаллар эбит. Онно улахан кэнсиэртиир саалаҕа Үҥкүү тыйаатыра бу курдук саҥа туруорууларын көрдөрүөҕэ.
Онон аан дойдутааҕы премьера бэс ыйын 6 күнүгэр ситиһиилээх ааста. “Ленинградка үөрэнэ сылдьан, Эйфман балетын анаан тиийэн көрөрүм. Оччолорго санаабат этим – хаһан эмэ кинилэрдиин биир бырайыакка үлэлиэм диэн. Аан дойдуга биллэр профессионаллары кытта бииргэ айар-тутар, уһуйуллар, элбэххэ үөрэнэр, саҥаны-сонуну билэр кыаҕы биэрбит салалтабытыгар махтанабыт. Билигин биһиги тыйаатырбыт өссө биир үктэли дабайда, саҥа таһымҥа таҕыста. Онтон бары үөрэбит. Биир бэйэм 60 сааспын туолаары сылдьан, бу испэктээккэ эдэр артыыстары кытта кыттыбыппыттан дьоллоохпун. Юрий Степанович сөпкө бэлиэтээтэ, манна кэм ситимэ бигэргэннэ…”, – диэн санаатын үллэһиннэ норуодунай артыыс Афанасий Афанасьев.
Дьэ, ити курдук Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын сыанатыгар үйэлээх “Ситим” олохтонно…
Интэриниэт ситимин хаартыскалара туһанылыннылар