2 года назад 1177
Төрөппүт сугулаана эһиил Мэҥэ Хаҥаласка буолуоҕа
Олунньу 17-18 күннэригэр, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик дэкээдэтин чэрчитинэн, устуоруйаҕа киирэр тэрээһин буолан ааста: оҕону ийэ тылынан иитиигэ төрөппүт өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы сугулаана.
“Ийэ тыл кэскилэ” хамсааһын көҕүлээн, “Ааҕар Саха Сирэ”, “Күөрэгэй” түмсүүлэр кыттыһан, Үөрэх министиэристибэтэ, Олоҥхо ассоциацията өйөөн, Н.К. уонна А.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия тэҥҥэ тэрийсэн, бу кыһа дьиэтигэр-уотугар икки күн устата ыытылынна.
Икки күнү быһа мунньахтаан тахсыбыттар дии санаамаҥ, араас тэрээһин барыта тэрилиннэ: логопедтар Валентина Татаева, Мирабелла Ядреева, Анна Степанова, Нюргуяна Черноградская кыра оҕолорго сахалыы дорҕоону туруорууга, логоритмикаҕа, тыыны ыларга, чуолкайдык саҥарарга сүбэлэри биэрдилэр, “Сайдыс” эбии үөрэх киинин дириэктэрэ Юлия Андросова сыыһата суох ааҕарга үөрэттэ, композитор Семен Ченянов сахалыы ырыа, режиссер Михаил Лукачевскай сахалыы киинэ туһунан кэпсээтилэр, фудблогер Күннэй Лугинова, онлайн-продюсер Саргылаана Аммосова астыы-астыы кэпсиири сатаан устарга уһуйдулар, этнопедагог, психолог Вероника Александрова-Эрэлкээнэ өбүгэ үгэстэрин аныгылыы туһаныы туһунан санааларын үллэһиннэ, АГИКИ устудьуона Елена Заболоцкая, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин үлэһитэ Александра Старостина, уопсастыбанньык Сардаана Сыромятникова сахалыы буукубалары бренд оҥоруу суолтатын сэһэргээтилэр, “Юные искатели” кулууп салайааччыта Максим Спиридонов айылҕаҕа сатыбыллаах буолуу албастарын арыйда, В.Е. Поскачина үс көлүөнэ ситимэ бэйэҕэ эргиллиигэ төһүү күүс буоларын холобурдаан кэпсээтэ.
Дьон-сэргэ Дорҕоон Дохсун уол оҕону иитиигэ анаммыт “Барҕа” тус бырагырааматын ордук сэҥээрдэ. Хаптаҕайтан учуутал А.М. Егорова: “Бу бачыымын өйүөххэ наада”, — диэн ыҥырда.
Кэпсэтии түһүлгэтигэр Ил Дархан ийэтэ Т.С. Николаева, РЛИ дириэктэрэ И.И. Шамаев, төрүт култуураны сөргүтүүгэ сүҥкэн өҥөлөөх А.Н. Павлов-Дабыл, остуоруйаны чинчийэр Н.В. Павлова, оҕо биэриитин эрэдээктэрэ Л. Барбасытова, урбаанньыт, блогер И.Матвеева уо.д.а кыттыыны ыллылар.
-Былырыын аҕыйах буолан мунньахтаан баран, төрөппүт сугулаанын тэрийэргэ быһаарыммыппыт. Үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Петровна Аргунова, гуманитарнай чинчийэр үнүстүүттэн Саргылаана Еремеевна Ноева, “Күөрэгэй” түмсүүттэн Юлия Андросова, национальнай гимназия дириэктэрэ Валентина Семеновна Пермякова, солбуйааччыта Анатолий Николаевич Чиряев, уһуйааччы Айталина Петровна Иванова, норуот педагогикатын киинин үлэһитэ Татьяна Ильинична Жиркова, төрөппүттэр Клара Романова уо.д.а тэрийсиигэ күүс-көмө буоллулар, — диэн кэпсиир сугулааны сүрүннээбит уопсастыбанньык, “Ийэ тыл кэскилэ” хамсааһын тутаах киһитэ Вилюяна Никитина.
Кини бэйэтэ, дьиҥэр, француз тылын учуутала идэлээх. Ол эрээри төрөөбүт тылбыт туһугар салҕыбакка туруулаһар. Атын омук тылларын үөрэппит буолан, сахатын тылыгар ураты истиҥ сыһыаннаах, харыстыыр, сайыннарар баҕалаах.
Норуот педагогикатын ассоциациятын салайааччыта Еремей Константинович Чиряев түмүктүүр мунньахха тыл эйгэтэ кэҥиирэ бас-көс дьонтон быһаччы тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. Тэрилтэҕэ салайааччы үлэһиттэрин, кылааска учуутал үөрэнээччилэрин кытта сахалыы кэпсэтэр буоллаҕына, онно булгуччу сахалыы эйгэ олохтонорун холобурдаата. Оннооҕор нэһилиэккэ маҕаһыын атыыһытын да сабыдыала улаханын быһаарда. “Нууччалыы ыйыппыт оҕоҕо атыылаабатаҕына, бу оҕо сакалаатын, утаҕын ылаары, төрөөбүт тылынан саҥарарыгар тиийэр”, — диэн этэр.
Өр сылларга национальнай оскуолалары сүрүннээбит Светлана Степановна Семенова Ил Дархан А.С. Николаев ыйааҕынан, Ил Түмэн дьокутаата Ф.В. Габышева сүүрэн-көтөн, Арассыыйа наукаларын академиятын Саха Сиринээҕи салаатын иһинэн төрөөбүт тыл киинэ аһыллыбытын сырдатта. Учуобунньуктары, босуобуйалары бэлэмнээн таһаарар, саха тылын үөрэтии научнай ирдэбилин оҥорор соруктаахтар эбит. Кини: “Төрөөбүт тыл дьиэ кэргэҥҥэ баар, күннээҕи олоххо туттуллар эрэ буоллаҕына сүппэт. Оттон билигин оннооҕор тыа сирин ыалларыгар кытта нуучча тыла кимэн киирэн эрэр. Бу атааканы тулуйабыт дуу? Биитэр бэринэбит дуу?” — диэн төрөппүттэргэ туһаайан эттэ. Тыл бырагырааматынан көрүллэр үптэн саха тылын үөрэтиигэ, тарҕатыыга баҕа өттүнэн үлэлэһэр уопсастыбанньыктарга, кинилэр бырайыактарыгар эмиэ биэрэллэрин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков туруорсубутун билиһиннэрэн үөртэ.
Түмүккэ кэнчээри ыччаты төрөөбүт тылга уһуйууга туһуламмыт бастыҥ төрүктэри наҕараадалаатылар.
Добун суруктары Уус Алдан Баатаҕай, Бэйдиҥэ уонна Мындааба уһуйааннара туттулар. Чыпчаал бирииһи “Сулусчаан” (Амма), “Туллукчаан” (Маҕарас, Горнай) уһуйааннара ыллылар. Мин өйдүүрбүнэн, сүүрбэччэ сыл утумнаахтык уонна ситимнээхтик үлэлээбит, нэһилиэги барытын хамсатар уонна хабар “Дьөһүөл” бырайыак (Н.Неустроев аатынан Бэдьимэ оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас) саамай элбэх бааллаах буолан биһирэннэ.
Тэрээһин кыттааччылара бары сүүс бырыһыан куоластаан, маннык сугулаан сыл аайы ыыталларыгар сөбүлэһэллэрин биллэрдилэр. Онон эһиил Мэҥэ Хаҥаласка көрсүөххэ диэри!