2 года назад 233
Элбэх “туйгун” сыаналаахтар бэлиэтэннилэр
Олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Олоҥхо институтун сүрүннүүр научнай үлэһитэ Юрий Борисов бастыҥнарга наҕараадаларын туттарда
–Бу аахсыйаны СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олоҥхо чинчийэр-научнай института, Олоҥхо тыйаатыра кыттыһан оҥордубут. Барыта 30 улуустан 7 тыһыынчаттан тахса киһи диктаны суруйда. Тиэкиһэ Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан кэрчик этэ. Аан бастакытын икки тылынан ыытылынна: нууччалыы уонна сахалыы.
Бастакы үрдэлгэ Таатта улууһа таҕыста. 1443 киһи кыттааччыттан 244 киһитэ “туйгун” сыанаҕа суруйда.
Иккискэ – Сунтаар улууһа. 817 киһи суруйбутуттан 207 киһитэ – “5” .
Үһүскэ – Үөһээ Бүлүү улууһа. 371 киһиттэн “туйгуна” – 113.
Нууччалыы тыллаахтарга:
Бастакы үрдэлгэ – Өлүөхүмэ улууһа. 127 киһиттэн 20 “туйгун”.
Иккискэ – Сунтаар нууччалыы тыллаах 38 киһитэ холонон көрбүтүттэн, 18-һа “биэс” сыананы ылла.
Үһүскэ – Мииринэй улууһугар 150 киһи диктаны суруйда уонна 16 киһитэ туйгуннар кэккэлэригэр киирдэ.