Элбэх “туйгун” сыаналаахтар бэлиэтэннилэр - Блоги Якутии

2 года назад 232

Элбэх “туйгун” сыаналаахтар бэлиэтэннилэр

Олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Олоҥхо институтун сүрүннүүр научнай үлэһитэ Юрий Борисов бастыҥнарга наҕараадаларын туттарда

Бу аахсыйаны СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олоҥхо чинчийэр-научнай института, Олоҥхо тыйаатыра кыттыһан оҥордубут. Барыта 30 улуустан 7 тыһыынчаттан тахса киһи диктаны суруйда.  Тиэкиһэ Ойуунускай  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан кэрчик этэ. Аан бастакытын икки тылынан ыытылынна: нууччалыы уонна сахалыы.

Бастакы үрдэлгэ Таатта улууһа таҕыста. 1443 киһи кыттааччыттан 244 киһитэ “туйгун” сыанаҕа суруйда.

Иккискэ –  Сунтаар улууһа.  817 киһи суруйбутуттан 207 киһитэ – “5” .

Үһүскэ – Үөһээ Бүлүү улууһа. 371 киһиттэн “туйгуна” – 113.

 Нууччалыы тыллаахтарга:

Бастакы үрдэлгэ – Өлүөхүмэ улууһа. 127 киһиттэн  20 “туйгун”.

Иккискэ – Сунтаар нууччалыы тыллаах 38 киһитэ холонон көрбүтүттэн, 18-һа “биэс” сыананы ылла.

Үһүскэ – Мииринэй улууһугар 150 киһи диктаны суруйда уонна 16 киһитэ туйгуннар кэккэлэригэр киирдэ.

Добавить комментарий