1 месяц назад 49
Аллан (Алдан) арахсарыгар саамай сөптөөх
Аллан былыр батталлаах үйэ баарына биир Байаҕантай улууһа диэн аатырбыта. Аны сэбиэскэй былаас быһыытыгар кини Байаҕантайы кытары биир улуус буолара хайаан даҕаны сөбө суох.
Бастыҥ биричиинэтэ буолар: Аллан Уолба икки арда 50 биэрэстэҕэ дылы букатын ыала суох, ити кэннэ устатын тухары саамай куһаҕан нуудра-бадараан сир.
Иккис биричиинэтэ – Байаҕантай улууһун Ситэриилээх Кэмитиэтиттэн Аллан уһук нэһилиэгэ 190 биэрэстэ. Үһүс биричиинэтэ – бу Аллан нэһилиэктэригэр улахан бэрибиэһинэн туоруур сүүрүктээх Амма, Аллан диэн үрэхтэр бааллар. Төрдүс биричиинэтэ – хас улуус мунньаҕын буоллаҕын аайы, Аллан оройуонуттан мунньахха тахсалларыгар норуокка улахан ороскуоттар тахсаллар. Бэһис биричиинэтэ – Аллан оройуонун дьоннорун кытта олохтоох Байаҕантай дьоно санаалара икки аҥы буолан илин-арҕаа дэһэннэр, – хаһан даҕаны улуус мунньаҕа үчүгэй көнө сүнньүнэн барбат.
Онон Аллан араҕара буоллар олохтоох улуус даҕаны сүнньэ көнүө этэ, ити кэннэ Аллан оройуонун тус бэйэтин көрүнэр буоллар ордук үчүгэй буолуо этэ.
Олох тупсарыгар баҕалаах үрдүкү сууттар Аллан олоҕун сыаналаан көрөннөр араарыахтара диэн эрэнэбин.
С. Луукапсап.
Аллан арахсарыгар саамай сөптөөх // Кыым, 1925. – №18. – С. 4.
