Сахалыы тыыны күүһүрдэр, эр киһи сүрүн бөҕөргөтөр күрэх - Блоги Якутии

10 месяцев назад 346

Сахалыы тыыны күүһүрдэр, эр киһи сүрүн бөҕөргөтөр күрэх

Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар уолаттарга аналлаах “Тыл хоһууна-2024” тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.

Бу күрэҕи 2012 сыллаахха Анна Андреевна Холмогорова, Дорҕоон Дохсун  Аллараа Бэстээххэ ыыппыттара. Онно Балыктаах агрооскуолатын саха тылын учууталлара Молукова Сардаана Степановна уонна Цыпандина Күннэйэ Николаевна, нуучча тылын учууталлара Бурнашева Анна Филаретовна уонна Говорова Ангелина Николаевна, улаатан эрэр уолаттары хоһоон ааҕыытыгар уһуйан, көхтөөхтүк кытыннарбыттара.

Онтон 2019 с. Балыктааххха буолбута.  Хамсык кэмигэр тохтуу сылдьан баран, быйыл Балыктаах оскуолатыгар тэрийэргэ этии киллэрэн,  Павловскайтан, Хаптаҕайтан, Бүтэйдээхтэн, Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатыттан кэлэн күрэхтэстилэр.

Дорҕоон Дохсун бэйэтэ ыыппыта тэрээһини тупсарда, мустубут оҕолор, төрөппүттэр сэҥээриилэрин тарта.

Дьүүллүүр сүбэҕэ этнопедагог, төрүт үгэһи тарҕатааччы Анна Холмогорова, саха тыла сайдарыгар үлэлэһэр уопсастыбанньыктар Аля Аммосова, Александр Протодьяконов, Балыктаах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Андрей  Винокуров, Х кылаас үөрэнээччитэ Сайдам Винокуров үлэлээтилэр, түөрт түһүмэҕи сыаналаатылар.

Сэргэх күрэс түмүгүнэн I миэстэни Бүтэйдээх, иккиһи Балыктаах, үсүһү Хаптаҕай оскуолалара ыллылар.

Бүтэйдээхтэр
Балыктаахтар
Хаптаҕайдар

 “Тыл хоһууна” үрдүк ааты чиэстээхтиик сүктэ – Коля Стручков (Бүтэйдээх).

Анал ааттарга тигистилэр: “Бэргэн тыллаах” – Эрчим Кычкин (Павловскай), “Кыайыыга дьулуур” – Саян Ушницкай (Балыктаах), “Сымса бөҕө” – Мичил Гермогенов (Хаптаҕай).

Куонкурус спонсордарынан “Тыл хоһууна” урукку кыайыылааҕа Дьулус Говоров (Балыктаах), Балыктаах орто оскуолата, Иван Румянцев бииргэ үөрэммит оҕолоро – Уус Алдан улууһун Найахы оскуолатын 1982 сыллаахха бүтэрбиттэр, доҕотторо, кэргэнэ. Тэрээһин ыытыллыытыгар көмөлөстүлэр: МО учууталлара, кэлэктиип эдэр үлэһиттэрэ, медиа куруһуок оҕолоро, онус кылаас үөрэнээччилэрэ.

“Сахалыы тыыммыт тыа сиригэр баар” диэн бэргэн этиини өссө төгүл бигэргэтэр маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр улаханнык биллибэккэ-көстүбэккэ ыытылыныннар да,  уол оҕоҕо эр тыыны киллэрэр, сахабыт баай тылын сөпкө туһанарга үөрэтэр, күүстээх санааны, бөҕө туругу иҥэрэр   суолталаах эбиттэр. Инникитин “Тыл хоһууна” өссө киэҥ далааһыннанан иһэригэр баҕарабын.

 Мария Захарова,

Балыктаах бөһүөлэгэ.

Добавить комментарий