2 года назад 1930
“Күн оҕолоро” бастаатылар
Саха академическай тыйаатырын иһинэн тэриллибит “Күн оҕолоро” устуудьуйа уонна Н.Д. Неустроев аатын сүгэр SMART-бибилэтиэкэ “Мельпомена” диэн кинигэ тыйаатырын кыттыгас бырайыактара – “Кындыкан” испэктээк – ыам ыйын 1-4 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт “Призвание – артист” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга Гран-при буолла.
Испэктээккэ оонньообут оҕолор бары Саха тыйаатырын артыыһа Ньургуйаана Шадрина салайар “Күн оҕолоро” устуудьуйаҕа дьарыктаналлар.
Биэс сыл устата кинилэри биллэр артыыстар Певел Ченянов, Ирина Никифорова, Елизавета Потапова, Роман Дорофеев, Дмитрий Михайлов уо.д.а. уһуйбуттара, вокалга Марианна Романова, хореографияҕа Ирина Петрова үөрэппиттэрэ. Ол ылбыт сатабылларын көрдөрөр түһүмэхтэринэн бу куонкурус буолла.
SMART-бибилэтиэкэ “Мельпомена” диэн кинигэ тыйаатырын режиссера Саргылаана Горохова олунньу ыйтан нэдиэлэ ахсын бэлэмнээн, Лидия Тарасова дьиҥнээх олоххо олоҕуран суруйбут “Невероятная история Кындыкан” остуоруйатын туруорбуттара.
Балыктаан, бултаан, таба иитэн, иллээхтик олорбут эбээннэр түөлбэлэригэр уоспа уодаһыннаах ыарыыта турбутугар, хара дьайтан бары өлөн хаалаллар. Арай кыракый кыыс Кындыкан эрэ тыыннаах ордон, олох иһин охсуһан, киһи төрдө буолар, удьуорун утумун салҕыыр. Киниэхэ маҥан таба Гиркэ, кырынаас Кока, чучунаа доҕор-атас буолан көмөлөһөллөр.
Бу номох дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин олус долгутта. Оҕолор уйадытар гына оонньоотулар. Саҥалара улаханын, чуор куоластаахтарын, имигэстэрин, оруолларын арыйарга кыһаллалларын бэлиэтээтилэр. “Бэйэлэрин тылларынан саҥардаллар да, хамсаналларыттан, эмоцияларын тиэрдэллэриттэн барытын өйдөөтүбүт”, — диэтилэр.
Кыайыылаахтарбыт эһиил босхо кытта кэлэллэригэр ыҥырыы туттулар уонна 15 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн, Кубогынан, мэтээллэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар.
“Кындыкан” испэктээккэ оонньообут артыыстарбытын билиһиннэрэр буоллахха – Жирков Саяр, Кюдякова Александра, Иванов Айтал, Иванов Айыллаан, Иванова Виктория, Дьяконов Дуолан, Охлопкова Марьяна, Иевлев Айсиэн, Захаров Айаал, Эверстова Кюн Куо-Юлия, Семенова Кыраса, Саввинова Сайынаара, Саввинов Сайдам.
“Күн оҕолоро” театральнай устуудьуйа “Билбэтчэй Күннээх куоракка” диэн бастакы испэктээктэрэ “Синяя птица” фестивальга “Лучший театральный проект” буолбута. “Ойуунускай оҕолоро” диэн туруоруулара “Академия талантов “ куонкуруска Гран-пригэ тиксибитэ.
Бу сыллаахха “Күн оҕолоро” SMART-бибилэтиэкэҕэ дьарыктаммыт буолан, аны бибилэтиэкэ эйгэтин кытта алтыстылар. Онон Санкт-Петербурга тиийээт, Красногвардейскай киин бибилэтиэкэтин “ШКАФ” диэн арт-резиденциятыгар сырыттылар.
“ШКАФ” диэн кластер. Манна айар талаан арыллар сирэ. Онуоха усулуобуйа барыта баар. Саха оҕолоро аныгылыы оҥоһуулаах, киһи эрэ айыах-тутуох баҕата уһуктар былаһааккатын кэрэхсии, сэҥээрэ, этэргэ дылы, ымсыыра көрдүлэр. Маны таһынан эдэркээн артыыстар “Сценическая речь” диэн маастар кылааска дьарыктаннылар.
Уонна итиччэ улуу куоракка тиийэн баран, ама, ыраахтааҕылар олорбут дыбарыастарын көрүө, Санкт-Петербург кэрэ бэлиэ сирдэринэн экскурсиялыа суохтара үһү дуо?
Манна даҕатан эттэххэ, “Кындыкан” испэктээги барыахтарын иннинэ Саха тыйаатырын аччыгый саалатыгар көрдөрбүттэрэ. Ол үөрүүлээх түгэҥҥэ “Күн оҕолоругар” устуудьуйаны бүтэрбиттэрин туоһулуур дипломнары туттарбыттара.
Сыралаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммытынан “Күн оҕолорун” уонна салайааччыларын Ньургуйаана Николаевнаны, режиссер Саргылаана Константиновнаны эҕэрдэлиибит!