2 года назад 1590
Саха ыппыт оноҕоһо ыраахха көттүн!
“Хара муора кытылыгар эрдэхтэн, сах уотун саҕыаҕыттан ыла, саха биирдэ даҕаны кыһатын уотун сөҕүрүппэккэ, бу Хотугу Муустаах муора хонноҕор хорҕойдор да, син биир күөрдүн күөртүү олордоҕо…”
Итинник диэн суруйар Мандар Уус саха омук саатын-саадаҕын, сэбин-сэбиргэлин туһунан кинигэ аан тылыгар.
Бу “Саха саата-саадаҕа” диэн кинигэни Баайаҕыын диэн аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит Николай Иванович Егоров суруйан таһаарда.
Баайаҕыын, аата да этэринии, Таатта Баайаҕатын олохтооҕо. Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх. Саха тылын учуутала үөрэхтээх. Билигин “Мандар Уус” саха олоҕун биир кэлим түмэлин дириэктэрэ. Айар суолун лирик поэт быһыытынан тыл ууһуттан саҕалаан баран, устунан аны уран тарбахтаах ууска кубулуйан, кэлин букатын да онно эбии чинчийэр үлэнэн үлүһүйэн, саха култууратын, историятын хасыһан үөрэтэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр этнограф буолла.
2022 сыллаахха “Алаас” издательствоҕа 1000 эксэмпилээринэн бэчээттэнэн тахсыбыт “Саха саата-саадаҕа” кинигэ биһирэмэ муус устар 4 күнүгэр Дьокуускай куорат “Айыы кыһата” национальнай гимназиятыгар буолан ааста.
Кэнчээри ыччаты сахалыы тыыҥҥа иитэр оскуола Баайаҕыынныын ыкса ситимнээхтик үлэлээбитэ оруобуна онус сылыгар барбыт. Онон тумус туттар киһилэрин дьоро күнүн бэйэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар ыытарга үөрүүнэн сөбүлэспиттэрин иһин тэрийээччилэр Айыы кыһатын салалтатыгар барҕа махталларын биллэрдилэр.
Презентацияны И.А. Аргунов аатынан Ытык Күөллээҕи киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Светлана Семеновна Игнатьева салайан ыытта:
-“Саха саата-саадаҕа” кинигэҕэ Николай Иванович научнай төрүккэ, итиэннэ олоҥхолорго, номохторго олоҕурбут анаарыылара, тус көрүүлэрэ, тэҥнээһиннэрэ, сабаҕалааһыннара киирбиттэр. Киниэхэ консультаннарынан СӨ духуобунаһын академиятын академига Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус, саха култууратын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга туруулаһан үлэлии сылдьар дьокутаат, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, и.н.к. Александр Николаевич Жирков буолбуттар. Кинигэни “Уус Экспо” ХЭТ (сал. Н.Р. Идэлги), “Таттаавтодор” ХЭТ (дир. И.И. Бочонин), Ил Түмэн дьокутаата И.И. Данилов үбүлээн таһаартардылар, — диэн билиһиннэрдэ.
Салгыы кинигэ суруллубут остуоруйатын Баайаҕыын бэйэтэ кэпсээтэ:
-Киһи үлэтин түмүгүн көрөрө дьол буоллаҕа дии. Этнографияҕа бу үһүс үлэм буолар. Сүүрбэччэ сыллааҕыта Баайаҕаҕа Мандар Уус кыһата аһыллан, убайбыт миэхэ улахан соругу туруорбута: “Эн үөрэхтээх киһи бу биилээхтэри, уһуктаахтары, дьон-сэргэ билэрин гына, сурукка тиһэрдии үлэлэс эрэ, кэл-бар, көрдөө, дьоннуун көрүс”, — диэн. Дьэ, ол кэмтэн ыла сыыйа чинчийэн-үөрэтэн саҕалаабытым. Хата, Айыы кыһатын кытта билсэн, кинилэргэ олорсон, оҕолору кытта Бурятиянан, Алтайынан, Хакасиянан, Тыванан, Монголиянан сылдьан, музейдары кэрийэн, элбэх матырыйаалы хомуйбутум. Ол иһин Айыы кыһатын үөрэнээччилэригэр уонна уһуйааччыларыгар, дириэктэр Лидия Петровна Шамаеваҕа махталым бэлиэтигэр бу сылга тахсар “Саха иһитэ” кинигэбин аныыбын. Онон өссө да бу саалаҕа көрсүөхпүт диэн эрэнэбин. Маны таһынан Дьокуускайга кэллим да, чугастааҕы нэһилиэктэр түмэллэрин массыынатыгар тиэйэ сылдьан көрдөрөр үтүөкэн доҕорбор, үтүөлээх учуутал Александр Константинович Чиряевка, итиэннэ Уһук Илин уокуругар постпредствоҕа үлэлии сылдьан, ханна көрбүт сэбин-сэбиргэлин хаартыскаҕа түһэрэн ыытар биир дойдулаахпар, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Дмитриевич Никоновка, өйөөбүт бар дьоммор, аймахтарбар, оҕолорбор, кэргэммэр махтанабын.
Таатта улууһуттан Норуот айымньытын дьиэтин дириэкэрэ Гаврил Вырдылин кэлэн эҕэрдэлээтэ:
-Тааттаттан олох бары эйгэтигэр аан бастакылар олус элбэхтэр. Ол туһунан “Аартыгы арыйааччылар” диэн бүтүн кинигэ тахсан турар. Аҥаардас саха литературатыгар да айар тыл аҕалара Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Н.Д. Неустроев, Ойуунускай у.од.а. Оттон эн, Николай Иванович, биир бастакынан, Ф.Ф. Васильев кэнниттэн, саха саатын-саадаҕар, боотурдарын сэбигэр-сэбиргэлигэр дьоһуннаах үлэни оҥордуҥ. Хас эмэ сүүс сылынан ыччаппыт эн бу кинигэҕэр тирэҕирэн, историябытын үөрэтэр буолуоҕа диэн саарбахтаабаппын.
Баайаҕыын саамай бастыҥ сүбэһитэ, улахан доҕоро, суолдьут сулуһа Мандар Уус эҕэрдэтин видеоҕа устан ыыппыт:
-Николай Иванович балачча уһуннук сыралаһан, онтон-мантан кылахтаһан булбут матырыйаалларын мунньан, бу “Саха саата-саадаҕа” кинигэ күн сирин көрдө. Элбэҕи да билбэт эбиппит. Саха былыр булка, тыынын көмүскэнэригэр туттубут ытык сэптэрэ-сэбиргэллэрэ төһө өр чинчиллибэккэ сытыаҕын, Баайаҕыын, хата, Айыы кыһатын кэлэктиибин кытта булсан, олор соҕуруунан илдьэ сылдьан, бу үйэлээх үлэ оҥоһулунна. Научнай чинчийиигэ боччум миэстэни ылар таһымнаах кинигэ тахсыбытынан өссө төгүл доҕорбун эҕэрдэлиибин.
Кинигэ ис хоһоонун ааҕааччы быһыытынан РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Ольга Николаевна Макарова ырытта:
-Аан тыл Мандар Уус “саҥа сайдыы чыпчаалларыгар саха ох саатын кирсэ ньиргийдин, оноҕоһо ыраахха көттүн” диэн алгыстаах суруйуутунан саҕаланар. Онтон кэлэр олугар Поярков, Хабаров, Зиновьев саха сэриитин сэбин биһирээн туһаммыттара кэпсэнэр. “Үҥүү-батас” түһүмэххэ бу паараласпыт аат тыл саха биилээх, уһуктаах сэбин барытын хабан көрдөрөрүн быһаарар. Кылыс, болот тустарынан Каратаев “Эр Соҕотох”, “Тоҥ Саар Бухатыыр”, Оготоев “Элэс Боотур” олоҥхолорунан холобурдаан бигэргэппитэ кэрэхсэбиллээх. Батас уонна батыйа туох уратылаахтарын мантан чопчу биллим. Маны сэргэ кыргыс сэбин киһи булбат сиригэр кистииллэрин сэҥээрэн аахтым. Хотохон, быыра, үҥүү, ох саа, оноҕос, о.д.а. сэп арааһа элбэҕэ сөхтөрдө. Николай Иванович бу кинигэтэ норуоппут историятын үөрэтэр дьоҥҥо олус туһалаах, уустарга олус абыраллаах кинигэ буолбут.
Улахан учуонайбыт, этнограф, археолог, историческай наука дуоктара Розалия Иннокентьевна Бравина санаатын үллэһиннэ:
-Үчүгэй да кинигэни таһаарбыккын. Хаартыскалара наһаа табыллыбыттар. Ол гынан баран, масштабтара суох. Кэлэр кинигэлэргэр ону учуоттаар. Былырыын биилээхтэр түмэллэрэ аһыллыытыттан миэхэ чекан курдук сүгэ хаартыскатын түһэрэн ыыппыккытыгар, үөрэммин ытыы сыспытым. Итинник Саха Сиригэр 2 эрэ көстөн турар: Амма улууһун сиригэр уонна Тулагы-Киллэмҥэ. Музей сэдэх экспонаттарынан суолтата үрдүүр. Онон ити булумньуну анаалыстатыахха, хаһыс үйэтээҕитин быһаартарыахха наада. 16 көмүүгэ сүгэни булбуппут. Ол дьон бары үрүҥ көмүс ытарҕалаахтар, улахан биһилэхтээхтэр, тимир тиһиликтээх курдаахтар уонна болуурдаахтар. Ол аата чыыннаах-хааннаах дьону сүгэлээн харайаллар эбит.
Физика-математика наукаларын дуоктара Ньургун Петрович Лазарев:
-Розалия Иннокентьевна эппитин курдук, сэп-сэбиргэл киһи туһунан элбэҕи кэпсиир. Итэҕэлбитигэр Сүҥ Дьааһын Сүгэ Тойон баарын билэбит. Аны туран, бэйэм даҕаны, итиэннэ быраатым Айаал Лазарев тустуук буолан, бу кинигэҕэ Павел Пинигин кыайыыга дьулуурун аҕата өбүгэлэртэн кэлбит үҥүүнү оҕолоругар тиэрдиэхтээҕин этэн күүһүрдүбүтүн туһунан суруллубутун сэҥээрэн аахтым.
Тимир уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Зиновьевич Терентьев:
-Бу кинигэ тахсыбытыттан саамай үөрбүт биһиги – тимир уустара. Уһанарбытыгар ыйынньыкпыт буолла.
Айыы кыһатын дириэктэрэ Лидия Петровна Шамаева Баайаҕыын үөрэнээччилэри кытта экспедицияларга, айаҥҥа, лааҕырга сылдьан түспүт хаартыскаларынан фотоальбом оҥорбуттарын туттарда:
-Гимназиябыт үтүө доҕоро, тимир ууһа, уран тыллаах суруйааччы, Мандар Уус уҥа илиитэ Николай Иванович биһиги оскуолабыт Баайаҕаҕа тэриллэр сайыҥҥы лааҕырын салайааччыта буолар. Кинини кытта Хакасиянан, Бурятиянан, Тыванан, Алтайынан, Монголиянан сылдьыбыппыт оҕолорго үтүө өйдөбүл буолан хаалла. Элбэҕи киниттэн иҥэриннилэр. Баайаҕыынныын тэҥҥэ сэби-сэбиргэли көрбүппүт да, биһиги кини курдук баай хомоҕой тылынан ырытан суруйар кыахпыт суох эбит, ол эрээри үйэлээх үлэҕэ кыттыгастаах курдук сананарбыт да астык. Бу кинигэ дьаныардаах үлэ түмүгэ буолар. Баайаҕыын саха омугар бэртээхэй бэлэҕи оҥордо.
Николай Викторович Андреев, Айыы кыһатын ОБЖ учуутала:
-Дойдубар Ньурбаҕа олорбут буоламмын, өрүс уҥуоргу илин эҥээр улуустары билбэт этим. 2012 сыллаахха аан бастаан сылдьыбыт дэриэбинэм Баайаҕа буолар. Дьэ, онтон ыла дьонун-сэргэтин сөбүлээн, Тааттаҕа, кэлин Өймөкөөҥҥө элбэхтэ тиэстэбин. Баайаҕаҕа Мандар Уус, Баайаҕыын, Томторго Александр Кривошапкин курдук улуу убайдары кытта алтыһан, билиибин хаҥатабын, элбэххэ уһуйуллабын, оннооҕор быһах охсор кытта буоллум. Уол оҕону иитиигэ бу маннык мындыр дьон сүбэлэрин туһаныах тустаахпыт.
Виталий Архипович Слепцов, Айыы кыһатыгар “Сатабыл” дьарыктарыгар уһуйааччы:
-Баайаҕыын мин настаабынньыгым. Кини тимиринэн да, маһынан да бэркэ уһанар. Кини сабыдыалынан кырыымпа, быһах оҥорбутум. Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, Николай Иванович практик чинчийээччи, теориянан эрэ муҥурдаммат. Билбитин-көрбүтүн хайаан да илиитинэн тутан-хабан оҥорон көрөр, ол оҥорор кэмигэр элбэҕи чинчийэр. Бэйэм дипломнай үлэбин эмиэ бу тиэмэҕэ суруйбут буолан, син билэр курдук сананарым да, онтум баара кыра сорҕотун эрэ удумаҕалатар эбиппин. Онон интэриэһиргээн аахтым, аҥаардас ох саа туһунан туспа кинигэ буолан тахсар элбэх матырыйаал киирбит.
“Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүүттэн Галина Иннокентьевна Неустроева:
-Баайаҕаҕа “Көмүлүөк күлүмэ” литературнай түмсүү хаһыс да сылын үлэлиир. Баайаҕыын биир ураты көрүүлээх ырытааччыбыт, хомоҕой тыллаах хоһоонньуппут буолар. “Олох, дьиктигин даҕаны” кинигэтин аахпыт эрэ бары үрдүктүк сыаналыыр. “Өбүгэ үөрэҕэ” түһүмэххэ суруллубутуттан киһи туһанара, сүбэ-соргу ылара олус элбэх. Доҕор, олох, киһи сирдээҕи аналын туһунан сылык-сынык толкуйдара, анаарыылара олус дириҥ ис хоһоонноохтор. Мандар Уустуун доҕордуу буолан, кини уус дьыалата сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрдэ. Аан бастаан биһиэхэ: “Мандары Арассыыйа таһымыгар таһаарар кэм кэллэ”, — диэн өй укпут Баайаҕыын буолар. Бары эппиттэрин курдук, Николай Иванович бэйэтэ боруобалаан көрбөтөҕүн “үһү” диэнинэн хаһан да сирдэтиннэрэн суруйбат. Хайаан да бастаан оҥорон, чинчийэн көрүөхтээх. Наука, үөрэх диэн оннук буолуохтааҕа да буолуо. Бу кинигэҕэ болҕомтону уурарга түөрт төрүөтү бэлиэтиибит. 1. Чөл тыл. 2. Төрүт сир-дойду. 3. Итэҕэл. 4. Сайдыылаах култуура. Билиҥҥи балысханнык барар глобализация үйэтигэр маннык кинигэлэр олус наадалаахтар.
Дьокуускайга олорор баайаҕалар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Егорович Луковцев:
-Хоту Лампаҕа Борис Федорович-Мандар Уус, Сэмэн Сэмэнэбис Уйбаныап, мин аҕам Дьөгүөр уонна Николай Иванович буолан оттууллара. Оо, дьээбэ-хообо оройо онно буолара. Төрдүөн да сытыы өйдөөх дьон биһигини быара суох күллэрэллэрэ. Ол туспа кэпсээн. Улахан уолум, төһө да куорат оҕото буоллар, сайын Баайаҕыыннаах лааҕырдарыгар сылдьан, билигин быһах охсор буолла. Өбүгэ төрүт дьарыгын бу курдук кэнчээри ыччакка тиэрдэр, уһуйар кэскиллээх үлэҕит сурукка-бичиккэ тиһиллэн үйэтитиллэрэ хайҕаллаах. Николай Ивановиһы саҥа кинигэтэ күн сирин көрбүтүнэн уонна 70 төгүрүк сааһынан эҕэрдэлиибит!
Мотрена Иннокентьевна Седельникова-Христофорова:
-Баайаҕыын түмэлигэр артыыс идэлээх биир дойдулаахтарын олохторун кэпсиир эркиннээх. Мин аҕам, саха балетын төрүттээбит Иннокентий Христофоровка уонна Тааттатааҕы норуодунай тыйаатыры тэрийсибит балерина, режиссер Ирина Максимоваҕа аналлаах дьоһуннаах стендэни оҥорбутун, кэппит көстүүмнэрин кытта көрдөрүүгэ уурбутун көрөн долгуйбутум диэн тураммын, Саха тыйаатырын историятын бар дьоҥҥо билиһиннэрэ тураргар махтанан, А.С. Борисов үлэлэрин хомуурунньугун “золотой фонд музея” буоллун диэн туттарабын.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарын түмсүүлэрин сүрүннээччи Иван Гаврильевич Неустроев:
-Мин кэргэним Саргылаана Ивановна Туора Күөлтэн төрүттээх, мин бэйэм Баайаҕаттан, онон икки өттүттэн убайбыт буолар. Бу кинигэ көннөрү хаартыскалар эрэ буолбатах. Саамай үчүгэйэ, ону үтүгүннэрэн оҥорторор уонна бэйэтэ да оҥорор. Ол иһин билигин биһиги былыргы үйэтээҕи биилээхтэри, уһуктаахтары илэ харахпытынан көрөр уонна илиибитигэр тутар-хабар кыахтаахпыт. Монголияҕа баран кэллим. Чыҥыс Хаан түмэлигэр сэбин-сэбиргэлин көрөөрү гыммытым, олох аҕыйаҕы булан уурбуттар. Оттон Баайаҕаҕа киһи хараҕа халтарыйар элбэх саата-саадаҕа, сэбэ-сэбиргэлэ баара – ол уустарбыт үтүөлэрэ, кэнчээри ыччакка утары уунар сүдү бэлэхтэрэ.
Александр Константинович Чиряев, үтүөлээх учуутал:
-Баайаҕыынныын элбэх музейы кэрийбиппит. Арай биирдэ Күөрдэмҥэ бардыбыт. Онно Баайаҕыын биир сэбиргэли туппутугар, илиитэ салыбыраан хаалбыта, ылан миэхэ бырахпыта. Тоҕо? Ол аата былыргы илбис иҥэриллибит сэбэ эбит.
Баайаҕа модельнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ Александра Николаевна Кустурова талааннаах тылбаасчыт Владимир Семенович Андросов Баайаҕыыҥҥа суругун ааҕан иһитиннэрдэ. Онно кини Баайаҕыын диэн литературнай псевдоним, оттон этнография эйгэтигэр Чинчийэр Уус диэн аатынан киирэригэр эппит. Кинигэтин рукопиһын көрдөрбүтүн ахтыбыт. “Аҥаардас туһаныллыбыт тылдьыта – 27, атын источнига – 166. Энциклопедическай хабааннаах научнай үлэ”, — диэн сыаналаабыт. Сэп-сэбиргэл, саа-саадах ааттарын суолталарын ырыппытын, атын омуктар сэбиргэллэрин кытта тэҥнэбилэ элбэҕин, итэҕэтиилээх сабаҕалааһыннардааҕын хайҕаабыт.
Түмүккэ Александра Николаевна Баайаҕыын биир хоһоонугар бэйэтин инникитин бөлүһүөктээн эппитин булан аахта: “Киһи санаатын баламат күүһүгэр эрэнэр буоламмын итэҕэйэбин: ол билбэтэх үрдүктэрим күүтэллэрин, ол билбэтэх үрдүктэрим кэлэллэрин…”.
Өссө да ол үрдүктэри дабайа тур диибит норуоттан тахсыбыт этнографка, Чинчийэр Ууска – баай тыллаах Баайаҕыыҥҥа!
Тэрээһини сырдатта Анисия Иевлева