2 года назад 2798
Кэскилбитин түстээбит сырдык кыһабыт
Ханнык баҕарар тэрилтэ сайдар саҕаҕа салайааччытыттан тутулуктаах. Үлэлиир тэтимин ылан, кыаҕын-күүһүн мунньуммут, сайдыы аартыгын тэлбит тэрилтэ бигэ туруктаах уйгулаах олоҕу тутарын билэ-көрө сылдьабыт.
Биһиги көлүөнэ ыччат дьон кэскилбитин түстээбит, олохпут оҥкулун булларбыт салайааччыбытынан Михаил Спиридонович Иванову-Багдарыын Сүлбэни уонна кини биир идэлээхтэрин, педучилище бастыҥтан бастыҥ учууталларын ааттыыбыт.
Тыһыынчанан үөрэнээччитин кутун туппут, кини салайбыт кэмигэр Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит сылларын олохторун саамай дьоллоох кэрчигинэн ааҕар көлүөнэ учууталлар учууталлара М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ ким этэй? Кини ханнык хаачыстыбалара бастыҥ салайааччы, чаҕылхай киһи, эдэр ыччат сирдьитэ, доҕоро буолар кыаҕы биэрбитэй?
Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи колледж (педучилище) 100 сылынан сибээстээн, устудьуон ыччаты иитии-үөрэтии, бары өттүнэн дэгиттэр каадыры бэлэмнээһин туһунан санааларбын суруйуохпун баҕарбытым ыраатта. Ол эрээри ити барҕа баҕа санаа сурукка тиһиллэрэ уустуктардаах эбит. Итиниэхэ быйыл үлэһит оҥорбут кыһам 100 сылын бэлиэтииринэн, бииргэ үөрэммит доҕотторум этии киллэрбиттэринэн, дьэ, хоммут уоһу хоҥнорон, өрөөбүт уоһу өһүлэн, санаалары тиһэргэ сананным. Онуоха тирэх буоларга Михаил Спиридонович хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларын, училищены 1966 с. бүтэрбит махталлаах дьон 50 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр тахсыбыт кинигэбитин туһанным. Олорго тирэҕирэн, тэрилтэ салайааччыта үлэни хайдах былааннаабытын, аттарбытын, туохтан сэрэммитин, тугу харса суох киллэрбитин, тутуспутун туһунан анаарарга холонобун.
Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа Михаил Спиридонович 1958-74 сылларга үлэлээбит. Онон анаарыыны үс кэрдиис кэмҥэ араарар тоҕоостоох: 1958-1962, 1962-1966, 1967-1974 сс. Учууталлары бэлэмниир кыһа бу сылларга хайдах сайдан испитин Михаил Спиридонович ахтыытынан, анаарыытынан, үөрэппит ыччат дьонугар кэс тылын тиэрдиитинэн уонна үөрэммит дьон ахтыыларынан көрдөрөр көдьүүстээх буолуо. Анаарыыга туһанар 3 тирэхпин сырдатабын.
Бастакы ыстатыйа. 1987 с. «Эдэр коммунист» хаһыат алтынньытааҕы нүөмэригэр Михаил Спиридонович «Махтаммычча, уйадыйбычча…» диэн ааттаах ыстатыйатын ааҕан соһуйбутум, үөрбүтүм. Кини ыстатыйаны суруйбут төрүөтүн маннык эппит: «Алексеевскай оройуон Тыараһатыгар учууталынан үлэлии сылдьар үөрэнээччилэрбиттэн бэлэх туттум. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищены араас сылларга үөрэнэн бүтэрбит учууталлар альбом ыыттылар. Онно билиҥҥи кэмнээҕи хаартыскалара (дьиэ кэргэттэриниин), олохторун кылгас кэпсээнэ уонна училищетааҕы сылларын ахтыылара бааллар. Кинилэр биир киһи курдук, училищеҕа үөрэммит сылларын олохторун саамай көрдөөх-нардаах, дьоллоох сылларынан ааҕаллар эбит» (“Эдэр коммунист”, 1987 с. 4.10.). Учууталбыт эппитин курдук, 1987 с. сайын Тааттаҕа тахса сырыттаҕына, Кыйыга олорор сэттэ учуутал көрсүһүү тэрийбиппит, альбом бэлэхтээбиппит. Онно махтанан, үөрэн, ыччат «Эдэр коммунист» хаһыатыгар ыстатыйа таһаарбыта. Дьэ, бу ыстатыйатыгар учууталбыт училищеҕа хайдах үлэлээбитин бэркэ ырытан, анааран суруйбут этэ.
Иккис ыстатыйата «Саҥаны, бастыҥы – бары оскуолаҕа» диэн ааттаах «Кыым» хаһыат 1965 с. 24.03 бэчээттэммит. Манна кини 1965 с. олунньу 1-27 күннэригэр Москубаҕа учууталлар билиилэрин үрдэтэр институкка РСФСР педучилищеларын дириэктэрдэрин таһымнарын үрдэтэр кууруска сылдьыбытын, онтон саҕыллар санааларын, олоххо көрүүлэрин билсэбит.
Үһүс – 2013 с. тахсыбыт «Умнуллубат кыһабыт» кинигэ (ааптардар Г.С. Максимова, Е.П. Чехордуна, Т.А. Игнатьева). 1966 с. училищены бүтэрбиттэр 50 үбүлүөйдээх сылбытын көрсө хомуйбут ахтыыларбыт.
Салайар үлэ саҕаланыыта (1958-1962 сс.)
Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн 1945-60-с сылларга олоҕу чөлүгэр түһэрии дойду үрдүнэн ыытыллыбыта. Үөрэх-иитии систиэмэтигэр 1958 с. ССРС-ка тахсыбыт сокуоҥҥа олоҕуран, РСФСР-га «Об укреплении связи школы с жизнью и о дальнейшем развитии системы народного образования в РСФСР» диэн 1959 с. муус устар 10 к. Сокуон олоххо киириитэ саҕаламмыта.
Биһиги, сэрии кэнниттэн үөрэммит көлүөнэ, оскуола дьиэтэ тымныы, үөрэх тээбиринэ тиийбэт, кыраһыын лаампатын эбэтэр чүмэчи уотугар үөрэнии кыһалҕатын эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Дьэ, ити кэмҥэ Михаил Спиридонович учууталлары үөрэтэн-такайан таһаарар тэрилтэ салайааччытынан, Бүлүү педучилищетын дириэктэринэн анаммыт. Кини 30 саастаах, Өлөөҥҥө, Кэбээйигэ, Дьокуускайга учууталлаабыт, 13 сыл үлэ ыстаастаах кэлбит. Михаил Спиридонович үлэҕэ киирэригэр училище дьиэтэ, үөрэх-иитии туруга хайдах этэй? Ол туһунан бу курдук ахтар:
«Мин 1942-45 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэммитим. Онтон 13 сыл буолан баран дириэктэрдии тиийбитим. Училищем кур бэйэтэ кубулуйбакка турар эбит этэ. Соһуйбутум даҕаны, хомойбутум даҕаны. Үөрэнээччилэр уопсайдара диэн, били, мин олорбут баара-суоҕа 4 хостоох дьиэм. Онон куорат ыалларыгар мас, муус булан биэрэн туран куортамныыгын. Биир да массыына суох, 10 аттаахпын. Олорунан икки-үс көстөөх сиртэн оттук маһы таһабыт. Муусукаҕа үөрэтии диэн суоҕун кэриэтэ. Икки учуутал мандолинаҕа үөрэтэллэр. Физкультурнай саала диэн суоҕун курдук суох. Чэ, быһата, саҥалыы олох тыына тэйиччинэн сылдьара».
Маннык ыарахан туруктаах үөрэх тэрилтэтигэр саҥа салайааччы туох-ханнык иннинэ былаан оҥостон саҕалаабыт. Бастатан туран, үөрэнэ кэлбит ыччаттар олорор дьиэлэрэ, үөрэнэргэ эбии тутуулар киирбиттэр.
«Үөрэх министиэристибэтин кытта кэпсэтэн, 1959 с. сайыныттан ыла сайыҥҥы интэринээти тутан, оҕолору хаалларан, тутууга, өрөмүөҥҥэ үлэлэтэр буолбуппут. Инньэ гынан устудьуоннар күүстэринэн хас сайын аайы дьиэ туппуппут, ол иһигэр спортивнай сааланы, остолобуойу. Аҕыйах сыл иһигэр олорор дьиэнэн толору хааччыммыппыт».
Биһиги 1962 с. үөрэххэ туттарса кэлэрбитигэр устудьуоннар олорор 4 уопсай дьиэлэрэ, остолобуой, мастарыскыай уонна пришкольнай учаастак бааллара. Сайын эрдэ кэлбит буоламмыт, тутууга үлэлиир, уопсай уонна үөрэнэр дьиэлэрин өрөмүөннүүр оҕолор бааллара. Үлэ кэнниттэн ыччаттар олус көхтөөхтүк сынньанар этилэрэ, онон киирээччилэр эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэрбитигэр мэһэйдэппэт гына дьаһана сатыырбыт.
Училищены саҥа таһымҥа таһаарыы (1962-1966 сс.)
1962 с. Сэттис кылаас базатыгар 200-тэн тахса ыччат туттарсыбытыттан, 60-ча киһи үөрэххэ киирбиппит. «А» уонна «Б» бөлөххө араараннар, биһиги икки куурсунан үөрэммиппит. Киирии эксээмэннэр нуучча тылыгар суругунан, ахсааҥҥа тылынан уонна суругунан буолбуттара.
Ити тургутуулары этэҥҥэ ааспыппыт кэннэ, аны «слух бэрэбиэркэтэ» буолар диэн, биир күн хомуйан ыллылар. Өссө эбиитин «музграмотаны бэрэбиэркэлиэхтэрэ» диэбиттэрин, хайабыт да ол ис хоһоонун өйдөөбөтөхпүт.
Бэрэбиэркэ барар хоһугар оҕо бөҕө муһуннубут. Биир оҕону хаалларан баран, барыбытын көрүдүөргэ таһаардылар. Онтон биирдии-биирдии ыҥыран истилэр. Оҕо таҕыстар эрэ, бары үмүөрүһэ түһэбит да: «Хайа, тугу ыйыттылар? Тугу гыналларый?» – диэн үрүт-үрдүгэр ыйытыы бөҕө буолабыт. Онтон тута ол хоско олорор учуутал тугу оҥотторбутун бэйэбит оҥорон көрөбүт, ханнык ыйытыы биэрбитин, эппиэтин өйдүү сатыыбыт, тугу соруйбутун оҥорбутунан барабыт. Инньэ гынан, тоҥсуйтарар диэни истэн, истиэнэни тоҥсуй да тоҥсуй буоллубут. Аны «до, ре, ми, фа, соль, ля, си, до» диэни ыйыталлар үһү диэн истэммит, нойосуус үөрэтэ оҕустубут, төттөрү эмиэ этиттэрэллэрин билэн, харса суох төттөрү-таары үөрэтии бөҕөтө буоллубут. Дьэ, ити курдук, муусуканы истэр, ыллыыр дьоҕурбутун бэрэбиэркэлэтэн, үксүбүт байаан кылааһыгар анатан, кэрэ дорҕоон үөрэҕэр сыстар суолбут аһылынна.
Оччотооҕу үөрэх-иитии таһымын көрдөрөр түгэннэри биһиги ахтыыларбыт кэрэһилииллэр. Аны оскуолаҕа уруһуй уруога буолар эбит буоллаҕына, манна ол уруокпут изо диэн аатырар эбит. Учууталбыт Валерий Ильич Цымбулов бастакы уруокка кэрэ хартыыналары көрдөрөн баран: «А вот это скульптура», – диэн баран, сыгынньах киһи турар ойуутун күөрэччи туппутугар, 15-16 саастаах кыргыттар сарылаһа түһэн баран, үөрэнэр остуолбут анныгар дьылыс гынан хааллыбыт. Онуоха учууталбыт: «Ну, детки, ну, хорошие, вылезайте, пожалуйста. Ну, больше не покажу», – диир. Хор, оннук дьон тиийээхтээбиппит.
Биир бэйэм учууталларбыт барахсаттар аһынар, сөҕөр, сонньуйар көрүҥнэрин өйдөөн хаалбыппын.
Эстетическэй иитии
Ити курдук таһымнаах, ол эрээри билиэн-көрүөн баҕалаах, инникигэ сырдык эрэллээх эдэркээн дьону учуутал дьоһуннаах идэтигэр үөрэтии, уһуйуу саҕаламмыта.
Багдарыын Сүлбэ ахтыыта: «Бары өттүнэн сайдыылаах, билиилээх специалистары иитэргэ, музыкальнай, эстетическэй иитиигэ улахан суолтаны биэрэргэ кыһанарбыт. Хас биирдии культурнай киһи музыканы өйдүүр буолуохтааҕын болҕомтоҕо ылан, начаалынай оскуола учуутала ырыа уруогун бэйэтэ үөрэтэрин ситиспиппит. Ол түмүгэр музыка, ырыа уонтан тахса преподавателлэрэ үлэлиир буолбуттара. Студент үксэ баяҥҥа үөрэнэрэ. Духовой, эстраднай, саха народнай инструменнарыгар оркестрдаммыппыт».
Үөрэммит түөрт сылбыт устатыгар ырыа, муусука уруоктара, дьарыктара сылтан сыл тупсан испитэ. Нэдиэлэҕэ түөрт чаас көрүллэрэ: ырыа, музграмота уруоктара, икки чаас байааҥҥа, атын да үстүрүмүөннэргэ дьарыктаныы. Кэлин фортепьянонан доҕуһуол, бэл, физкультура уруогар гимнастиканы үөрэтэрбитигэр баара.
«Училищеҕа мин инструментальнай оркестрга дьарыктаммытым. Республикатааҕы үһүс бэстибээлгэ дипломант аатын ылар чиэстэммиппит. Онно оонньообуппутун республика араадьыйатынан биэрбиттэрэ. Ол олус үөрүүлээх этэ. Салайааччыларбыт И.С. Минич, Э.В. Миронов музыка алыптаах дорҕооннорун өйдүүргэ уһуйбуттара. Ол кэлин республикатааҕы Музыка үрдүкү оскуолатыгар үлэһит буоларбар улаханнык көмөлөспүтэ» диэн ахтыбыт кэлин Муусука үрдүкү оскуолатыгар иитээччинэн ситиһиилээхтик үлэлээбит А.С. Крылова .
«Петр Петрович Петров музыкальнай грамотаҕа үөрэтэрэ. Бастаан тугу да билбэт киһи бүтэрэрбэр кыра айымньылары баяҥҥа оонньуур буолбутум. Икки сыл училищеҕа Тараховскай тэрийбит национальнай оркестрыгар сылдьыбытым» диэн сылаас тылынан ахтар Е.К. Прокопьева-Григорьева.
Уруһуй, изо уруогар В.И. Цымбулов, ырыа, музграмота уруоктарыгар В.Д. Каратаева (Житова), А.В. Тихонов, Е.Д. Олбутцева, В.Ф. Корженевская, муусука үстүрүмүөнннэригэр В.И. Санников, В.И. Семенов, И.С. Минич, Э.В. Миронов биһиги кууруһу үөрэппиттэрэ, такайбыттара. Кинилэр сырдыгы, ырааһы, кэрэни сахпыт кыымнара биһиги олохпут устатыгар сылдьар, абылаҥнаах кэрэ дорҕооннор, дьүһүлгэннэр олохпут ис хоһоонун байыталлар, тупсараллар, киһилии киһи аартыгар сирдииллэр, аан дойду ускуустубатыгар суол тэлэллэр.
Спорду сайыннарыы
Михаил Спиридонович үлэтин саҕалыырыгар спорт саалата да суох эбит буоллаҕына, кини үлэлээбит сылларыгар ыччаты эргиччи сайыннарыы биир хайысхатынан спорт буолбута.
М.С. ахтыыта: «Спорду маассабай оҥорбуппут. Спорт саалабытыгар оройуон күрэхтэһиилэрэ кытта ыытыллар буоллулар. Ол биһиэхэ, ордук үөрэнээччилэрбитигэр, киэн туттуу иэйиитин үөскэтэрэ. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыттыбат үөрэнээччи диэн суох буолта. Ол түмүгэр, холобур, баскетболисткаларбыт командалара Дальнай Востокка тиийэ ситиһиилээхтик оонньуур буолбуттара».
Спорду маассабай оҥорорго бары усулуобуйаны тэрийэллэрэ, ол түмүгэр ыччат бэйэтэ сөбүлүүр дьарыктааҕа. Холобура, куурус бастыҥ уруһуйдьута, ситиһиилээхтик үөрэммит, кэлин киэҥ, дэгиттэр билиилээх, дьиҥнээх библиофил аатын ылбыт А.Ф. Сивцева суруйар: «Новай» диэн ааттанар үөрэнэр корпуспут алта нүөмэрдээх хоһугар икки сылы быһа утуйар ороммут кэккэлэһэ турбут, биир туумбаҕа малбытын ууран кэлбит, училище бастыҥ теннискэ оонньооччута, Нам улууһун Модутуттан сылдьар Даша Ядрихинская (Дария Ивановна Васильева) биһиги ыйдаҥа буоллар эрэ, киэһэ хойут, хаҥкыбытын хаатыҥкабытыгар баанан баран, училище аллараатыгар баар боротуохаҕа киирэн хаҥкылыыр этибит. Эчи, куттаммаппыт сүрүн, ол боротуоха син тэйиччи этэ.
Спорт өттүгэр мээчиккэ, хайыһарга, теннискэ, сүүрүүгэ училище сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ, киһи быһыытынан аламаҕай майгылаах, чаҕылхай, кэрэ кыргыттар Галина Максимова, Анна Крылова, Евдокия Прокопьева, Анна Дьяконова, Елена Спиридонова, Роза Аргунова, Аграфена Сидорова, Клара Кутукова, Дария Ядрихинская, Татьяна Слепцова ааттарын оччолорго училищеҕа үөрэммит ыччат бары билэллэрэ. «Физкультура учууталлара А.Г. Тобохов, Д.Г. Максимов спорт бары көрүҥнэригэр оҕолору сүүмэрдээн эрчийэллэрэ. Кинилэр үөрэтэннэр, эрчийэннэр, мин урут хаһан да спордунан дьарыктамматах киһи сүүрэр, хайыһардыыр, гимнастиканан дьарыктанар, баскетболлуур, волейболлуур буолбутум. Дьокуускайга училищелар, техникумнар икки ардыларыгар баскетбол күрэхтэһиитигэр кыттыбыппыт. Барытыгар бириистээх миэстэҕэ тиксээччибит. Спордунан дьарыктанар оҕолор, үөрэхпититтэн ордор бириэмэбитин барытын физзалга атаараачччыбыт» диэн ахтыбыт Е.К. Прокопьева-Григорьева.
Техсредстволары үөрэтии. Олох сайдыытынан көрөн, үөрэтии тиэхиньиичэскэй сириэстибэлэринэн туһанарга анал биридимиэттэр бааллара. Ол туһунан Михаил Спиридонович эмиэ санаа эргимтэтэ оҥостон, дьулуһан туран туруулаһан, олоххо киллэрбитин ыстатыйаттан билсэбит. Кини идэни үрдэтинэр үөрэххэ сылдьан баран, санаатын «Кыым» хаһыакка суруйбута:
«… техническэй средстволары лаппа элбэхтик уонна туһалаахтык тутталлар. Кинилэри туһаныы улам кэҥээн, тэнийэн иһиэҕин киһи итэҕэйэр. Техническэй средстволар киэҥник туттуллар көрүҥнэринэн звукотехника, радио, кино, телевидение, фильмоскоп уо.д.а. буолаллар. Учууталлар бука бары эпидиаскобунан, фильмоскобунан баҕас туһаныахпытын сөп, хайдах сатамматый диэн абара саныыгын. Техническэй средстволары үөрэтии биир сүрүн көрүҥүн курдук туттууга биһиэхэ да кыахтар баар буолан иһэллэр».
Ылбыт билиитин илдьиритэн, сылыктаан, бары өттүнэн үөрэтэн баран, олоххо киллэрэр биир ураты хаачыстыбалаах буолара Михаил Спиридонович. Биһиги үөрэммит түөрт сылбыт тухары сылтан сыл эбии биридимиэттэр, көдьүүстээх үөрэхтэр киирэн испиттэрин, ону умсугуйан туран үөрэтэрбитин, ылынарбытын бэлиэтиибит. Холобура, дьүөгэбит Т.Н. Жерготова (Полускина) үөрэммит сылларын маннык сыаналыыра:
«Дириэктэрбитин олус толло, убаастыы көрөрбүт. Сотору-сотору линейка оҥорон, училище ситиһиитин, былаанын кэпсиир-ипсиир, сороҕор сэмэлиир даҕаны сөҥ куолаһа билигин да кулгаахпар иһиллэр. Дириэктэрбит барахсан биһиги төгүрүччү сайдыылаах, билиилээх дьон буоларбытыгар наһаа кыһаллар эбит. Ол курдук училищебытыгар араас музыкальнай, литературнай, драматическай, саахымат, дуобат куруһуоктара, духовой оркестр бааллара. Маны таһынан, иис, хаартыскаҕа түһэрии, киинэ, минералогия уруоктара. Онон биһиги бары өттүнэн сайдыылаах, билиилээх дьон буоларбытыгар кыһаллар эбит. Физикаҕа В.М. Шадрин үөрэппитэ. Маны таһынан фото уруогун биэрбитэ. Мин хаартысканан үлүһүйэн дьарыктаммытым. Бэйэбит түһэрэр, бэчээттиир, глянецтыыр этибит. Онтубут кэлин үлэбитигэр, олохпутугар туһалаабыта. Мин «Смена» диэн фотоаппарат ылыммытым. Онон үөрэтэр оҕолорбун, бэйэм балтыларбын хаартыскаҕа түһэрэр этим. Химияҕа, техсредстволарга, киинэ уруоктарыгар Марк Михайлович Михайлов үөрэппитэ. Кини дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх учуутал этэ. Кэлин олохпор кини такайан үөрэппит техсредстволарын ким да көмөтө суох бэйэм туттан уруоктарга туһанарым».
Татьяна Никифоровна элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, үгүс сиэн тапталлаах эбэтэ этэ. Кини сымнаҕас, элэккэй майгыта, барыны барытын сатыыр үрдүк маастарыстыбата коррекционнай интэринээт-оскуола биир төһүү учуутала буоларыгар сүрүн тирэх буолара.
Саҥаны киллэрии. Училищеҕа үөрэммит сылларбытыттан саҕалаан, саҥаны, көдьүүстээҕи киллэрии туһунан элбэх лиэксийэни иһиттэхпит, учууталларбыт сөпкө такайдахтара. Онуоха педколлективы салайааччы дириэктэр оруола улахан. Кини олоххо көрүүтэ, ырытар, инникини өтө көрөр, сылыктыыр, сэдиптиир дьоҕура – бу тэрилтэ сайдыытын тирэҕэ.
М.С. ыстатыйата: «Педагогическай наука уонна практика да билиҥҥи олох ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт буола хааллылар. Онон “бары педагогическай общественность саҥа суоллары көрдүүр өйдөөх-санаалаах үлэлиэхтээх” дииллэр уопуттары киэҥник ыытар профессордар Занков, Языков, Эльконин. Үөрэтии сүрүн итэҕэһинэн оҕону толкуйдата үөрэппэккэ, барытын быһааран биэрэргэ кыһаныы буолла. Үгүс оҕолор ити иһин үөрэниэхтэрин баҕарбаттар, үөрэхтэригэр кыһамматтар… Учууталлары саҥаны көрдүүр, бастыҥы була сатыыр өйгө-санааҕа угуйар олус наадалаах».
Ити санаанан салайтаран, бастыҥ учууталлары сүүмэрдээн, иитэр-үөрэтэр үлэ тубустаҕа; сыал-сорук туруоран, учууталларбыт элбэҕи үөрэппиттэрэ, үгүһү иҥэрбиттэрэ. Үөрэххэ саҥаны киллэрбит учууталлар элбэх этилэр. Оччолорго Занков ньымата саҥа киирэн эрэрэ. Саҥа бэчээттэммит «Педагогическай энциклопедия» туомнарын сүбэлээн атыылаһыннарбыттара. К.С. Чиряев педагогиканы, Т.И. Болурова психологияны үөрэтэллэригэр мэлдьи саҥа методика дииллэрин өйдүүбүт.
«Методистарбыт олус ирдэбиллээх этилэр. Практикаҕа биэрэр уруоктарбыт хас биирдии тылын, тугу саҥарарбытын, санаа ситимин эрдэ кичэйэн көрөллөрө, бэлэмнииллэрэ. Уруокпут былаанын, көрдөрөн үөрэтэр матырыйаалбытын методист илии баттааһына, көҥүлэ суох туттубат этибит. Учуутал быһыытынан үөрэнэн-иитиллэн, буһан-хатан тахсарбар олук уурбут кыһанан Бүлүү училищета буолар. Олус үрдүк билиилээх, кыһамньылаах, ирдэбиллээх учууталларга үөрэммитим мин дьолум, дьылҕам эбит» диэн сыаналыыр кууруспут биир чаҕылхай кыыһа, талааннаах спортсменка Г.С. Максимова. Кини саҥа идиэйэлэри, бастыҥы олоххо киллэрбит өрөспүүбүлүкэ биллэр мэтэдьииһэ. «Г.С. Максимова имеет высокую научно-теоретическую, педагогическую подготовку… Она руководила внедрением таких инноваций в школах района как обучение детей с шести лет, переход на кабинетную систему обучения… принимала участие в проведении экспериментальной работы в классах развивающего обучения по системе Эльконина-Давыдова в Мегино-Кангаласском районе» диэн суруллар пед. энциклопедияҕа (том 3, с. 227).
«Үлэһит, учуутал буолан, Аммаҕа Лээги 8 кылаастаах оскуолатыгар ананан тиийдибит. «Биир да учуутал тохтообот, оҕолор үөрэммэккэ олороллор» диэн хаһыакка суруллубут этэ. Биһиги, хата, үлэбитин онно саҕалаан, хайҕанан киирэн бардыбыт. Кэнсиэртээн, хаһан да инники киирсибэтэх оскуоланы бастакы миэстэҕэ таһааран, суруйааччы В. Гольдеров «Кыым» хаһыакка «Соһутта эбээт, Лээги» диэн ыстатыйаны таһаартарда. Үөрэх министиэристибэтэ оскуолабытын бэрэбиэркэлээн, “методическай үлэ тупсубут, эдэр учууталлар кэлэн, оскуола атын буолбут” диэн училищебытыгар Махтал сурук ыытта. Михаил Спиридоновичпыт бэйэбитигэр сурук, махтал, эҕэрдэ ыыппытын уура сылдьабыт. Саамай күндү кумааҕыларбыт буоллахтара» диэн ахтыбыт Р.Г. Аргунова (Захарова). Үҥкүүһүт бэрдэ Розалия уонна муусукаҕа дэгиттэр талааннаах Валентин – кэргэннии Захаровтар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар оҕону үөрэтии-иитии үлэтигэр үгүс саҥаны киллэрбит биллиилээх учууталлар, кыраайы үөрэтээччилэр. Розалия Герасимовна – начаалынай кылаас учуутала, меценат Егоровтары кытары улууска саҥа киирбит «Духовность» биридимиэти бастакынан үөрэппит учуутал быһыытынан биллэр, Егоровтар стипендияларын хаһаайката.
Биһигини кытары үөрэммиттэртэн саҥаны олоххо киллэрэргэ тус көрүүлэрин үөрэх быраактыкатын кытары дьүөрэлээн, көдьүүстээх түмүгү ситиспит, бэйэлэрин уопуттарын сырдатан, биир идэлээхтэригэр ыстатыйанан, кинигэлэринэн тарҕаппыт уонтан тахса учууталлаахпыт. Кинилэр истэригэр саҥа ааҕар оҕоҕо анал босуобуйа ааптара М.С. Аввакумов, үөрэх-иитии мэтиэдьикэтигэр араас босуобуйалар, кыраайы үөрэтэр кинигэлэр ааптардара А.Ф. Сивцева, Р.Н. Платонова-Прокопьева, А.И. Полятинская-Матвеева, У.Е. Леонтьева, В.И. Захаров, Р.Г. Аргунова-Захарова, Т.А. Харитонова-Игнатьева, Д.С. Тирютина-Яковлева, п.н.х. Е.П. Чехордуна, хастыы да хоһооннорун кинигэтин Ю.В. Потапов, В.Г. Тужилкина-Тельник таһаартардылар. СӨ «Педагогическай энциклопедиятыгар» аҥардас биһиги куурустан, биллэринэн, 9 учуутал киирбитэ – үөрэппит учууталларбыт үлэлэрин түмүгэ.
Үлэнэн иитии. Киһини үлэ киһи оҥорор. Ол туһунан Михаил Спиридонович халбаҥнаабат ытык өйдөбүллэрдээх. Кини салайар кэмигэр үлэ биһиги олохпут-дьаһахпыт хаачыстыбатын быһаарбыт, үрдүк көдьүүһүн ситиспит, бары өттүнэн айар-тутар (созидательный) үлэ-хамнас буолбут эбит.
М.С. ахтыыта.«Туох-ханнык иннинэ, дьиэни-уоту, базаны оҥостуохха диэн буолта. Үөрэнээччилэр олорор уопсайдарын тутууттан саҕалыахха, олорор усулуобуйаны тэрийиэххэ… Студеннар бэйэлэрэ даҕаны тутууга үөрүүлэринэн хаалар этилэр. Дьиэ туталлар, өссө хамнас аахсаллар уонна күһүҥҥү үлэттэн босхолонон, биир ый дьиэлэригэр сынньаналлар, эһиилигэр интернакка хайаан да ылыллар. Эргиччи барыстаах усулуобуйа! Ити курдук студеннары сайын тутууга үлэлэппиппит үтүөтэ элбэх. Дьиэ-уот, база биллэ-көстө бөҕөргөөбүтэ».
Михаил Спиридонович бу үтүө дьаһала студент олоҕун төһөлөөх чэпчэппитин Юрий Васильевич Потапов ахтыытыттан билсиэххэ сөп: «… Училищеҕа мас кэрдэр буоллубут. Куораттан син тэйиччи соҕус өрүс нөҥүө өттүгэр турар сиргэ 25 оҕону уокка оттор мас бэлэмнээһинигэр ыыттылар. Биһиги, холкуос оҕолоро, үлэлии үөрүйэх буоламмыт, оччо ыарырҕаппатыбыт. Ый курдук үлэлээн, Коля биһикки 540 куб маһы кэрдэммит, харчы бөҕөнү аахсыбыппыт… Мин үөрэх кэнниттэн сайын аайы хааламмын, бэйэбит биригээдэ тэринэн мас кэрдэрбит. Ол иһин үөрэнэр кэммэр дьоммуттан харчы ылбакка, бэйэбин бэйэм көрүнэн үөрэммитим. Онтон олус үөрэбин уонна астынабын».
М.С. ахтыыта. «Оттук маспытын бэйэбит кэрдинэбит. Дьэ, ол буолара бырааһынньык тэҥэ үөрүүлээх-көтүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх үлэ диэн. Бары үлэлиирбит. Учууталлардыын кытта. Ол түмүгэр оттук маһынан училище үлэһиттэрин барыларын хааччыйар буолбуппут уонна өссө сорох кыаммат тэрилтэлэргэ көмөлөһөрбүт. Мас үлэтэ илии үлэтигэр иитии буоларын тэҥинэн, наадалаах кэмҥэ түмсүүлээх буоларга, күүһү, кыаҕы көрүнэргэ иитии биир суол боччумнаах, эрэллээх ньымата этэ. «Туруннахпытына тулутуо суох тустаахпыт», – дэһэрбит. Мас үлэтигэр сүүһүнэн киһи хамсанара, эрбии, сүгэ хатыламмат күндү «музыката» – училищетааҕы олохпутун өйтөн-санааттан сүппэт гына киэргэппит кэрэ көстүүлэр».
«Бары кэриэтэ интэринээккэ олорбуппут. Хос аайы уонтан тахсалыы этибит. Хоспут ортотугар оһохтооох. Ону иккилии буолан дьуһуурустубалаан, маспытын бэйэбит эрбэнэн, хайыттан оттунарбыт» диэбит Е.К. Прокопьева. Оһохпутун оттон баран, сабыахпытыгар диэри ханна да халбарыйбакка кэтиирбитигэр иитээччилэрбит үөрэппиттэрэ уонна маҥнай утаа ону бэрэбиэркэлиир этилэрэ. Оһох оттор оннук эппиэтинэстээх үлэ буолара. Кэлэ-бара сылдьан маһын буккуйар, оһох аанын саппакка хаалларар, чох ыстанарын эбэтэр хардаҕас хайдах умайарын кэтээбэккэ буолар сатаммат этэ. Онон дьуһуурунайдар уларыһа сылдьан күн аайы оһохпутун манаан икки чаас холобурдаах кэмҥэ олорорбут. Мин үксүн Дусялыын түбэһэрбин өйдүүбүн, бука, бииргэ дьуһуурустубалаабыппыт буолуо. Маннык кэм биһиэхэ эмиэ күндү, сылаас ахтылҕаны, ичигэс иэйиини билигин көбүтэр. Бу олорон эдэр дьон инникибитин ыраланабыт, ахтылҕаннаах дьоммутун кэпсэтэбит, арыт ырыа ыллыыбыт, арыт кистэлэҥ, сылаас иэйиилэрбитин наардыыбыт.
Оттон бииргэ үөрэммит дьүөгэбит ыраах Аллараа Халыма кыыһа В.Г. Тужилкина-Тельник барыбыт санаатын этэр тэҥэ маннык ахтар: «Сегодня много лет спустя, с уверенностью могу сказать, что директором ВПУ М.С. Ивановым, человеком добрым и отзывчивым, корректным во взаимоотношениях, требовательным в делах, была поставлена четкая слаженная работа педколлектива. Он вел учебно-воспитательную работу, сочетая учебный труд с досуговыми мероприятиями и трудовой деятельностью во влаго всего коллектива ВПУ. В труде нам прививались навыки совместной деятельности, дисциплинированность и стойкость характера. Работа на лесоповале в мороз и холод, в осенние дни уборки урожая, дни летней практики с веселым задором в духе единения, где я приобрела навыки профессии штукатур-маляра, бетонщика, которые с гордостью сумела применить дома к радости и гордости моих родителей – Тужилкиных Меланьи Константиновны и Герасима Степановича, а также к изумлению односельчан, оштукатурив и побелив стены построенного отцом дома».
Аны дьүөгэм Татьяна Жерготовалыын-Полускиналыын иккис куурус кэнниттэн кирпииччэ биригээдэтигэр үлэлээбиппит. Оччолорго ыал барыта маһынан оттуллар кирпииччэ оһохтоох буолара, онон биһиги кирпииччэни оҥоруу үөрүйэхтэрин ылбыт билиибит олохпут устата туһалаабыта. Эмиэ балачча харчыны аахсан, бырааттарбар, балыстарбар, дьоммор ааҕа кэһиилээх тиийэммин үөрдүбүппүттэн олус астыммытым баара.
М.С. ахтыыта: «Оччолорго студенческай тутар этэрээттэр диэннэр тэриллэ илик этилэр. Үөрэнээччилэри үлэҕэ үөрэтэбит, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр тутууга үлэлэтэбит диэн «Учительская газета» хаһыакка суруйбутум. Студеннары сайын илии үлэтигэр киэҥ далааһыннаахтык, тэрээһиннээхтик туһаныахха сөп эбит диэн идиэйэ киирэригэр, баҕар, оруоллаах да буолуохпутун сөп эбит диэн бу кэлин санаабытым. Кыымы саҕыспыт буолуохпутун, кырдьык даҕаны, сөп курдук».
Михаил Спиридонович бу этиитин өйүөҕү баҕарыллар. Бүтүн Сойуустааҕы студенческай тутар этэрээт 1962 с. тэриллибит буоллаҕына, ол иннинэ дойду араас орто анал, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлээбит биирдиилээн этэрээттэр, олор истэригэр 1959 сылтан үлэлээн барбыт Бүлүү педучилищетын тутар этэрээтэ, кыымы саҕыспыт буолуон сөп. Дьэ, ити курдук, үөрэх, үлэ, сынньалаҥ бииргэ ситимнэнэн, училищетааҕы олохпут укулаата – хас биирдиибитигэр улахан олоххо сүрүн сыаннастарбыт, ытык өйдөбүллэрбит буола уларыйан, олохпут устата биһигини киһи оҥорон кэллэ.
Биир санааҕа түмүү, эргиччи сайыннарыы. Бастакы кууруска өрөспүүбүлүкэбит бары муннугуттан мустубут оҕолору биир санааҕа киллэрэн, биир сыалга түмэр уустук үлэни хайдах тэрийбэттэрэй? Оччотооҕу кэмҥэ олох-дьаһах Саха Сирин үрдүнэн биир тэҥ, ол сиэринэн, өйбүт-санаабыт, тылбыт-өспүт, таҥаспыт-саппыт тас да көрүҥмүтүгэр, ис даҕаны турукпутугар тыктарыллан көстө сырыттаҕа. Ону эмиэ ыччаттар ахтыыларыгар ааҕабыт.
Оскуолаҕа кэппит маҥан саҕалаах былааччыйабыт манна даҕаны сүрүн таҥаспыт этэ. Үксүбүт, бэл, баанчыктаах кэлбиппит. Онтон кылгас баттахтанан, школьнайбытын дьууппа гына уларытан тиктэн кэлбиппитин көрөн, учууталбыт Лидия Петровна Бубякина хараҕа ууланыар диэри күлэр буолара. Сөрүүн түстэҕинэ, биир быһыылаах телогрейканы кэтэрбит. Үөрэнэр дьиэбит аллараа этээһэ кыһын тымныйара, ол иһин интэринээт биэрбит улахан түү былаатынан кириэстии баанан баран, илиибитин ол былаат иһигэр уктарбыт. Онуоха Лидия Петровна эмиэ күлэ-күлэ: «Как купчихи», – диэбитигэр кыбыстан, өһүргэнэн, былааппытын кириэстии бааммат буолбуппут.
М.С. Иванов ахтыыта: «Студеннар иллээх биир кэргэҥҥэ түмсэн, туохха барытыгар көхтөөх буола иитиллэллэригэр кыһанарбыт. Ол ону ситиһэргэ сүрүн төһүү быһыытынан спорду, самодеятельноһы, үлэни туһанарбыт. Курстарынан куоталаһыннарарбыт. Хас биирдии группа сылга биирдэ училище иннигэр кэнсиэр туруоруохтаах. Ол аата кини уус-уран самодеятельноһы сайыннарыыга сыллааҕы үлэтин отчуоттуур. Оо, кэнсиэртэр олус да көхтөөхтүк, тардыһыылаахтык бараллара, сатыырдыын-сатаабаттарын бары кытталлара, саҥа талааннар арыллаллара. Ити түгэн учуутал иитэр үлэтигэр хайдахтаах курдук наадалааҕын этэ да барыллыбат. Аны ол туруорбут кэнсиэртэрин хайаан да Бүлүү, Үөһээ Бүлүү ханнык эбит нэһилиэгэр тахсан көрдөрүөхтээхтэр. Ол нэһилиэнньэни, тыа дьонун кытта үлэлииргэ, тыа сирин олоҕуттан тэйбэт, араҕа, куота сатаабат тыыҥҥа иитэрэ».
Доҕотторбут үөрэнэн ааспыт сылларын көннөрү буолбуту ахтыы быһыытынан эрэ буолбакка, ырытан, анааран этиилэрэ олус сэҥээрдэр. Холобура, кэлин кыраайы үөрэтээччи буолан, элбэх кинигэ ааптара, иистэнньэҥ, норуот маастарыгар тиийэ үүммүт Т.А. Харитонова-Игнатьева суруйар: «… Биир эмэ кыыспыт иккилэнэн интернаттан уһуллан хааллаҕына, бары интернаппытыттан тахсан, аспытын сухой паегунан ылан, уопсайбытыгар астанан аһыырбыт. Училищеҕа элбэххэ да үөрэтэллэрэ: чистописаниеҕа, уруһуйдуурга, музыкальнай инструмеҥҥа оонньуурга, нотанан ыллыырга, хаартыскаҕа түһэрэргэ, иистэнэргэ, гимнастикаҕа, үҥкүүлүүргэ, киинэҕэ устарга, бэрээдэктээх буоларга. «Акаары оҕо диэн суох, куһаҕан учуутал баар, оҕо хайаан да билиэхтээх, учуутал актыбыыс буолуохтаах, бэйэтин өрүү сайыннарыахтаах» диэн өйдөбүлү иҥэрэн таһаарбыттара. Элбэххэ үөрэппит, биһигини таптаан, бүөбэйдээн, өйөөн даҕаны, олохпут суолун булларбыт кыһабыт бары үлэһиттэригэр махталым муҥура суох. Кини аатын түһэн биэримээри, оскуолаҕа да нэһилиэк иһинээҕи үлэҕэ да барытыгар төһө кыайарбынан кыттан кэллим».
М.С. Иванов ахтыыта: «Ыччаты үөрэтэр, бары өттүнэн сайыннарар туһугар ис хааннарыттан кыһанан үлэлиир талааннаах дьоннору кытта санаабытын холбоон үлэлээбиппит. Онон Тыараһа учууталларыгар махталы соҕотоҕун эрэ «иҥэринэр» бырааба суох курдук сананным. Тыараһа учууталлара хайдахтаах курдук истиҥ, иэйиилээх тыллары эппиттэрий, үөрэммит учууталларыгар, бииргэ үөрэммит доҕотторугар анаан».
Кырдьыга даҕаны, бары учууталларбыт бииртэн биир кэрэлэр, үтүөлэр. Кинилэр бука бары талааннаахтар, ону үөрэтэр оҕолоругар дэлэччи кэпсиир, көрдөрөр дьоҕурдаахтар. Химияны, техсредство араас көрүҥүн үөрэппит М. М. Михайлов, физиканы уонна хаартыскаҕа түһэрии албастарыгар уһуйбут В.М. Шадрин уруоктара умнуллубаттар. Ахсаан араас мындырыгар үөрэппит П.П. Петров, В.И. Крылова, Т.И. Александрова, биологияны үөрэппит, үлэ быраактыкатын салайбыт Т.Н. Прокопьева ааттарын мэлдьи махтана ахтабыт. Историяны К.К.Окоемов, педагогиканы К.С.Чиряев, психологияны Т. И. Болурова дириҥник хорутан үөрэппиттэрэ. Обществоведение, история уруоктарыгар олох уустук боппуруостарын Михаил Спиридонович олус өйдөнүмтүө гына, олохтон холобурдаан туран, быһаарарын умсугуйан истэрбит.
Төрөөбүт тылбыт кэрэтигэр умсугуппут Н.П. Дмитриевы, кууруспут салайааччыта, амарах, холку майгылаах М.И. Захарованы дириҥник ытыктыырбыт. Мария Ивановна барахсан биһиги туспутугар төһөлөөх сүүрбүтүн-көппүтүн мэлдьи сыаналыыбыт. Кини кэргэнэ Р.Д. Попов, дуобакка улахан тренер, биһиэхэ минералогияны үөрэтэн, Саха Сиригэр баар таастары билиһиннэрбитэ. Ол таастары көрөөрү, П.Х. Староватов тэрийбит музейыгар сылдьан, кини туһунан кэпсээни истэр дьолломмуппут.
Кыыс оҕолуу сырдыгынан сыдьаайа сылдьар Л.П. Бубякина нуучча тылын, оҕо литературатын үөрэтэрэ. Оччолорго оҕо литературатыгар суруммут кэниспиэк-тэтэрээттэрбитин үлэбитигэр мэлдьи туһанарбыт. Аны билигин кырачаан сиэннэрбитигэр туттабыт. Ол курдук, наадалааҕы биэрбит эбит Лидия Петровна барахсан.
Улуу Ленинградтан кэлэн, биир сыл нуучча литературатын үөрэппит Т.В. Артемьева, С.П. Сухарева элбэҕи да биэрэн барбыттар. Кинилэртэн аан бастаан истибиппит Сергей Есенини. Силигилии үүммүт нуучча хатыҥнарын санатар хоһооннордоох, кэрэ сэбэрэлээх С.Есенин сүрэхпитин сүүйбүтэ. Кини үҥэр таҥара оҥостубут Айседора Дунканын аһыйан, ыраах Бүлүү түгэҕэр чүмэчи кыламныыр уотунан сырдатыммыт биир кылаас иһигэр отучча саха ыччата харахпыт уута таммалаабыта. Сергей Есенин хоһооннорун нойосуус үөрэтэн, эдэркээн Тамара Васильевна барахсаны долгуппуппут. Дьолломмут хараҕын билигин да көрөргө дылыбыт. Онно төрөөбүт норуотун хайдахтаах таптыыра, киэн туттара этэр тылынааҕар ордук тиийбитэ. Кини кэнниттэн үөрэппит Светлана Петровна литература уруогар мөккүөр бөҕөнү тардары сатыыра.
Муусука алыптаах дорҕоонун арааран истэргэ, муусуканы таптыырга үөрэппит учууталларбыт барахсаттар А.В. Тихонов, В.Д. Каратаева (Житова), Е.Д. Олбутцева, Л.И. Дохтуров, В.И.Санников, Н.И. Михайлов, В.И. Семенов, И.С. Минич, Э.В. Миронов, В.Ф.Корженевская билигин да санаабытыгар сырдыгынан сыдьаайаллар.
Уруһуй, ыраастык суруйуу уруоктарын В.И.Цымбулов үөрэппитэ. Барахсан күлэн-оонньоон, хаадьылаан, үтүө да киһи этэ. Учуутал быһыытынан «киниттэн ордук учуутал суох буолуо» дэттэрбитэ. Ол курдук худуоһунньуктар, скульптордар олохторун, үлэлэрин умсугутуулаахтык да кэпсиирэ, элбэҕи да билэрэ. Үлэ уруогун хатыламмат талааннаах, амарах дууһалаах В.Ф. Иванов, Н.И. Федоров, С.С. Уткина сүрэхтэрин сылааһын биэрэн үөрэппиттэрэ.
Кылгастык да үлэлээтэр, З.Г. Томскаяны умнубаппыт. Учуутал В.М. Унаров драмискусство уруогун үөрэтэн, сценаҕа оонньуурга такайбыта. Физкультураны оччолорго эдэр дьон Д.Г. Максимов, А.Г.Тобохов эрчимнээхтик үөрэппиттэрэ. Кинилэр училищеҕа спорду өрө тутар эдэр дьону иитэн таһаарбыттара.
Дьэ, ити курдук хас биирдиилэрин туһунан бараммат уһуну кэпсиэххэ сөп. Оннук үтүө дьон, талааннаах учууталлар.
Михаил Спиридонович санаатын бииргэ үөрэммит доҕотторбут тыллара бигэргэтэллэр. Нам улууһугар алын сүһүөх оскуола учууталынан бар дьонун билиниитин ылбыт К.С. Кутукова-Парникова: «Аны санаатахха, биһиги дириҥ билиилээх, олус талааннаах, сүрэхтэрин сылааһын, олохторун анаабыт, учуутал үрдүк аатын чиэстээхтик сүгэр учууталларга үөрэммит эбиппит. Хас биирдии оҕо сыһыанын, дьоҕурун мындыр харахтарынан таба көрөн сайыннаран таһаарар дьикти дьоҕурдаах этилэр биһиги учууталларбыт. Ол курдук, хас биирдии оҕо толору аатын-суолун, хантан сылдьарын, туох кыһалҕалааҕын билэр бары ытыктыыр учууталбыт, дириэктэрбит М.С. Иванов, ийэлии кыһамньылаах кууруспут салайааччыта М.И. Захарова, түөрт сылы быһа улуу нуучча тылыгар умсугуппут Л.П. Бубякина, уустук математика предметин уонна методикатын үөрэппит В.И. Крылова, Т.И. Александрова, аҕалыы истиҥ сыһыаннаах үлэ уруогун учуутала В.Ф. Иванов, педагогика ньымаларыгар сирдээбит К.С. Чиряев, киинэни, хаартыскаҕа түһэриини дьарыктаабыт М.М. Михайлов, музыкаҕа, кэрэҕэ угуйбут В.Д. Житова (Каратаева), саха струннай оркестрын салайааччы И.С. Минич уо.д.а.» диэн үөрэммит ыччаттар санааларын эппит.
Биһигини II-IV куурустарга салайбыт Мария Ивановна Захарова барыбытыгар ийэлии истиҥник сыһыаннаһан, олохпут аартыгар атаарбыта. «Курсоводпут Мария Ивановна биһиэхэ оҕолорун курдук сыһыаннаһара, бары ыарахаммытын кинини кытта үллэстэрбит. Элбэх түгэҥҥэ көмөлөспүтэ, өйөөбүтэ», – диэн дириҥ махталынан ахталлар үөрэҕирии туйгуннара ТА. Захарова, О.Г. Яковлева-Попова. Дьэ, ол иһин этэбит: сырдыкка сирдиир, кэрэҕэ угуйар, санаа саҕар, өй угар учууталларбыт барахсаттар!
Чурапчы спортивнай интэринээт-оскуолатын өр сылларга дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбит, оскуола, улуус олоҕор биллэр суолу-ииһи хаалларбыт нуучча тылын, литературатын учуутала Д.С. Тирютина-Яковлева барыбыт санаатын эмиэ чопчу эппит: «С благодарностью вспоминаю незабвенного Владимира Федотовича Иванова. С ним я переписывалась и в униаерситетские годы, он давал мудрые советы, делился с новостями. Валерий Ильич Цымбулов подтолкнул наши дремавшие способности к искусству. А на уроках Марка Михайловича поощрялась работа ума, восхищали в нем энергия, сердечность, особая харизма. Безучастно сидеть невозможно было на уроках Лидии Петровны Бубякиной. Изо дня в день прививала хороший вкус, чутье к языку. Весь литературный материал переносила на сегодняшний день. Ленинградка Тамара Васильевна Артемьева за короткое время работы в училище буквально влюбила всех в литературу. В Марии Ивановне Захаровой, в нашем кураторе, соединились строгость и доброта, женственность и теплота. Очень красивая Тамара Николаевна Прокопьева преподавала нам биологию. Чуткая с высоким чувством ответственности, в классе всегда создавала атмосферу доверия. От нее наш мир становился светлее. Всегда в поиске, в труде был Василий Маркович Щадрин. Благодаря ему физика стала моим любимым предметом. Вечно буду благодарна музыкальной чете Тихоновых. Кларе Степановне, сестре своей, Александру Васильевичу, за заботу, доброту, за приобщение классической музыке. В самые важные годы взросления, интеллектуального становления они были со мной, поддерживали меня постоянно.
Центром же всей этой Вселенной был Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ. Мы все, от мала до велика, любили, уважали своего директора. Старались быт похожими на него. Любое его слово выполнялось. Он был нашим главным советчиком. При нем нельзя было быть расхлябанным, неопрятным, тем более учиться плохо. До сих пор эти учителя недосягаемы по силе влияния на нас. Все они достойны глубокого уважения, поклонения и высокой оценки».
Ыччат олоҕун түсчүтэ
Кэрэ киһи, сатабыллаах салайааччы Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэни кытары кэнники алтыспыт дьоллоохпун. Кини суруктарын уура сылдьабын. Холобура, үөһэ ахтыбыт көрсүһүүбүт кэнниттэн миэхэ суругуттан: «Санаа курдук үчүгэйдик сылдьан, дьиэбэр киирдим. Киирэрбэр Мугудайга, Нуораҕанаҕа хонуталаан, сирдэрин суруйан, байыы бөҕөнү байан киирдим. Истибэтэхпин истэн… Көрсүспүккүт олус үчүгэй. Үөрдүм. Альбому көрө сылдьыам, өйдөбүнньүк буолуоҕа. Мин училищеҕа үлэлээбитим – дьолум. Үчүгэйдик олоруҥ, үлэлээҥ. Үлэлээн кытаатыҥ. … Көрсүһүүгүт соһуччу үөрүү этэ. 16.08. 1987 с.». Олох араас түгэнигэр санааны түһэрбэт буолары, олоххо толкуйдаан, боччумнаахтык сыһыаннаһары Михаил Спиридонович тоһоҕолоон бэлиэтиирэ.
Үөрэнэр кэмнэрбитигэр, дириэктэрбит хас биирдиибитигэр тус сыһыаннаах буолара. Кини үүнэн иһэр оҕо киһи уйулҕатын өтө билэр, түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн, бэргэнник этэр, сыһыан ньыматын табан олохтуура.
Биһиги икки бөлөҕүнэн үс уоллаах этибит. Кинилэртэн биирдэстэрэ, кэлин саҥа ааҕар оҕоҕо бэртээхэй босуобуйа ааптара Михаил Степанович Аввакумов суруйар: «Михаил Спиридонович хас биирдии студеҥҥа үчүгэйдик сыһыаннаһара, ыытыллар күрэхтэһиилэргэ бэйэтинэн кыттара. Биирдэ училищеҕа дуобакка биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии буолбута. Мин дириэктэрбин кытта оонньуур уочаратым кэллэ. Мин түөрт киһилээх, Михаил Спиридонович икки киһилээх олордубут. Улаханнык эрийсэн оонньообуппут. Мин хоппут курдук сананан олус үөрдүм, мэктиэтигэр, биир сири таба көрбөт турукка киирдим. Ол аата киһиргэнэ соҕус туттан олордум. Арай биирдэ өйдөөбүтүм, биир дуобатын тэбиэлээн уган баран, мин дуобаттарбын үһү биирдэ эргитэн ылла. Мин хомолтобуттан ытыы сыстым. Итиннэ үчүгэйдик толкуйдаан оонньообутум буоллар, инники соҕус миэстэҕэ чугаһыырым хааллаҕа».
Кууруспут биир чаҕылхай кыыһа Е.Е. Спиридонова-Федорова ахтар: «Дириэктэрбит Михаил Спиридонович биһиэхэ, студеннарга, улахантан улахан авторитет этэ. Училищеҕа үгэскэ кубулуйбут үчүгэйкээн бырааһынньыктар бааллара. Холобура, Спорт уонна физкультура, Пионерия күннэрэ. Онно Уолбут сыһыытыгар Спорт уонна физкультура күнүгэр кыргыттар бүүс-бүтүннүү кылгас маҥан былаачыйалаах, уолаттар маҥан бүрүүкэлээх киирэрбит. Онтон училище диэкиттэн, бары мустубуппут кэннэ, маҥан бүрүүкэлээх, маҥан сорочкалаах, маҥан түүппүлэлээх дириэктэрбит кылбачыйан иһэрэ мин харахпар билигин да көстөр. Санаабар, бары үөрэ түһэрбит уонна бырааһынньык, дьэ, саҕаланара.
Дьоҕус физзалбытыгар араас биэчэрдэр тэриллэллэрэ. Онно хайаан да Михаил Спиридонович бу ачыкыта кылабачыйан үөрэн мичилийэ олороро. Оччоҕо биһиги эмиэ туох баарбытынан кыттарбыт. Улахан бырааһынньыктарга үҥкүү тэриллэрэ. Онно дириэктэрбит кэргэнин Варвара Михайловналыын киирэн, мааны баҕайытык таҥнан, тэҥҥэ үҥкүүлэһэллэрэ. Ол иһин да буолуо, ханнык да бэрээдэги кэһии туһунан санаа да суох быһыылааҕа. Биһиги дириэктэрбит Михаил Спиридонович – мин олоҕум тухары таҥара курдук идеал туттубут учууталым. Училищеҕа үөрэммит олоҕум кэрчик кэмэ саамай сырдык, ыраас этэ».
Ыччат эргиччи сайдыылаах, киэҥ билиилээх буолар олугун охсор инниттэн 1966 с. училище устудьуоннарыттан улахан бөлөҕү Москуба, Ленинград куораттарга күүлэйдэтэ, сайыннара ыыппыттара. Ол туһунан билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Л.А. Барахова ахтар: «Төрдүс кууруска сылдьан, бастакынан кыһын тохсунньу ыйга Москва-Ленинград маршрутунан күүлэйдии барбыппыт. Онно салайааччыбыт Лев Михайлович Фролов этэ. Олус бэркэ сылдьан кэлбиппит. Москваҕа «Лейли уонна Менджнун» диэн балекка, Леиин аатынан стадиоҥҥа Саҥа дьыллааҕы «Цветик-семицветик» остуоруйанан представлениеҕа сылдьыбыппыт. Олус сэҥээрэн олорон көрбүппүт. Ленинградка Жан Татлян кэнсиэригэр, циркэҕэ сылдьыбыппыт. Миэстэ бүтэн хаалан, салайааччыбыт кэпсэтэн, кэннигэр туран эрэ көрбүппүт да, олох сылайбатахпыт. Аатырбыт клоун Олег Попову, биллиилээх дрессировщиктары илэ бэйэлэрин көрөр киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук этэ. … Түүҥҥү Москваны көрбүппүт, Исидор Барахов кэргэнэ Александра Андреевна Черепанованы, кийиитэ Анастасия Васильевна Барахованы уонна сиэнин Люданы көрсүбүппүт».
Туруулаһыы, кыһалҕаны кыайыынан түмүктээһин (1967-1974 сс.)
Биһиги 1966 с. училищебытын бүтэрэн баран, Мииринэй-Чернышевскай маршрутунан күүлэйдии барбыппыт. Бу сылы быһа эргиччи күрэхтэһэн бастаабыппытыгар ылбыт путевкабыт этэ. Бэркэ сылдьан, астынан аҕай күүлэйдии сылдьаммыт, бүтэрбит чугаһыгар үөрэммит училищебыт, субу аҕыйах хонуктааҕыта тахсан барбыт көмүс ньээкэ уйабыт, умайбыт сураҕын истэммит, уолуйуу, айманыы бөҕө буолбуппут.
М.С. ахтыыта: «1966 с. сайын Болгарияҕа туристыы сырыттахпына, үөрэнэр дьиэбит умайан хаалбыта. Ол үрдүнэн училище үлэлээбитин курдук тигинэччи үлэлии турбута – били туттубут уопсай дьиэлэрбитигэр үөрэммиппит. Ол курдук үөрэммиппит 1972 с. диэри. Оччо уһун кэм устатыгар. Хомойуох иһин, үөрэнэр дьиэни тутан биэрбэккэ эрэйдээбиттэрэ».
400-тэн тахса үөрэнэр ыччат алта сыл устата үөрэнэр баҕаттан, дьиэ суоҕун кыһалҕатын аахсыбакка туруулаһан туран, кырачаан оҕону сырдыкка сирдиир, ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэтэр, киһилии киһи олугун түһэрэр барҕа баҕанан салайтаран, турууласпытын дириэктэр маннык сыаналыыр.
«Ол, кырдьыга, улахан охсуу этэ. Биһиги училище эрэ олоҕор буолбатах. Ити кэмҥэ биһиги училещебыт Саха Сирин үрдүнэн начаалынай кылаастар учууталларын бэлэмниир суос-соҕотох үөрэх заведениета буолан олорор кэмэ этэ. Тутуу быста бытаарыыта оҕолор доруобуйаларыгар, үөрэтии хаачыстыбатыгар төттөрү, харгыстыыр өттүгэр охсуулаах буолбута буолуо. Ол ыарахаттары биһиги туораабыппыт. Үчүгэйгэ, үтүөҕэ өрүүтүн тардыстыы, кэтэмэҕэйдээбэккэ, туруоруммут соругу ситиһэргэ дьулурҕатык иннин диэки баран иһии – ол буолар биһиги коллективпыт үөрэнээччилэригэр иҥэрэргэ кыһаммыт биир бастыҥ хаачыстыбата. Бэйэҥ дьолгун, кэскилгин бэйэлээх бэйэҥ дьулуургунан булаҕын, ыараханы ыарахан диэбэт, көрөн турбат кытаанах санааҕынан оҥостоҕун. Ыччат итини өйдүүрэ наада. Бэйэбит кэскилбитин бэйэбит түстүүбүт!».
Кыһыл көмүс тэҥэ тыллар! Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит бары ыччат маннык өйгө-санааҕа уһаарыллан таҕыстахпыт дии. Ол да иһин училище албан аата үөрэнээччилэринэн аатырар. Ону биир куурус олоҕор толору тыктарар уустугун да иһин, холонуу быһыытынан сурулунна уонна түмүккэ манныгы этиэҕи баҕарыллар.
Үөрэнэр сылларбытыгар, ордук үпдүкү куурустарга, учууталлыы бардахпытына, хайдах-туох сылдьарбытын, тугу ордук болҕомтоҕо ыларбытын кэпсэтэр, кырачааннары билии сырдык суолугар сирдиир оҕолуу ыраас ыралаах буоларбыт.
Училищены бүтэрэн, үөрэх, сайдыы аартыгын тутан, кырачааннары Билии аартыгар сирдээбит хас биирдиибит өйбүтүнэн-санаабытынан бэриниилээхтик үлэлээбиппит диир кыахтаахпыт. Төһөлөөх элбэҕи оҥоруохтара-айыахтара, үтүө ыччаты үөрэтиэхтэрэ этэй, оҕо аймах кутун туппут, тапталлаах учуутал үрдүк аатын ылбыт доҕотторбут Тамара Николаевна Сергеева, Раиса Николаевна Платонова, Ульяна Егоровна Леонтьева, Геннадий Егорович Федоров уо.д.а. эрдэ үйэлэммэтэхтэрэ буоллар?!!
1966 с.ыллаахха 53 ыччат бүтэрбиппит. 2013 с. 50 сыллаах үбүлүөйбүтүгэр анаан таһаарбыт кинигэбитигэр кинилэртэн 32 киһи туһунан иһитиннэриилэр киирбиттэрэ. Бу дааннайдарга тирэнэн, холбуу тутан, түмэн көрдөххө, маннык: Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала – 2, РСФСР уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна – 17, РФ уонна СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ –5, «Саха-Азия оҕолоро» уонна «Барҕарыы» фонд стипендиата – 3, Учууталлар учууталлара, методист-учуутал – 12, кинигэ, босуобуйа ааптардара – 10; педагогика билимин хандьыдаата киһи – 1, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ – 1, СӨ норуот маастара – 2, Сунтаар, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустарын Бочуоттаах гражданнара – 5 киһи.
Мин санаабар, бу биир куурус учууталларын ситиһиитэ кырата суох. Училищены бүтэрэрбитигэр 4 саҥа ыал буолбут доҕотторбут олохторун устатыгар өйөһөн, өйдөһөн олороллор. Биһиги испититтэн «Ийэ Албан аата» уордьаннаах, «Ийэ буолуу» мэтээллээх дьүөгэлэрдээхпит. Онон олох киэҥ аартыгынан дьоһуннук олорорго суолдьут сулус буолбут учууталларбытыгар уонна салайааччыбытыгар Михаил Спиридонович Ивановка-Багдарыын Сүлбэҕэ дириҥ махталбытын этэбит, бу толкуй санаабын эмиэ бииргэ үөрэммит дьүөгэбит З.Н.Григорьева-Мосова ыстатыйатынан түмүктүүбүн: «Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ аатын саха ыччата, дьоно-сэргэтэ убаастыы, киэн тутта ааттыыр. Үрдүк сайдыылаах, инники көрүүлээх, саха интеллегенциятын биир чулуу киһитэ М.С. Иванов ол сылларга училище дириэктэринэн үлэлээбитэ, умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт өҥөлөөх. Кини салайан үлэлэппит үөрэҕин кыһата төһөлөөх элбэх каадыры үүннэрэн үөрэтэн таһаарбытын ааҕан сиппэккин. Училище үөрэтэр-иитэр педколлектива олус күүстээх, киэҥ билиилээх, үөрэтии таһымын дьиҥнээхтик баһылаабыт каадырдар этилэр. Ол иһин буолуо, күүстээх учууталлары бэлэмнээн таһаарарын туһунан Саха Сирин араас муннуктарыгар иһиллэрэ. Тус үлэҕэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыыга, үөрэтии ньымаларын баһылааһыҥҥа, бигэ сиэрдээх-майгылаах буолууга, учуутал диэн ааты үрдүктүк тута сылдьарга уһуйбут, олук уурбут күндү учууталларбытыгар барҕа махтал! Кинилэр ааттара училище историятыгар көмүс буукубанан суруллан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана турдунар!»
Екатерина Чехордуна,
педагогика билимин хандьыдаата,
СӨ үтүөлээх учуутала,
этнопедагог, кыраайы үөрэтээччи.