Кинигэ - саамай үчүгэй бэлэх - Блоги Якутии

2 года назад 765

Кинигэ – саамай үчүгэй бэлэх

Мин быйылгы төрөөбүт күнүм ураты бэлиэтик ааста. “Подари книгу” диэн аахсыйанан нэһилиэкпит бибилэтиэкэрэ Нюргуяна Прокопьевна Львова анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар аҕалаах оҕолорго кинигэ арааһын бэлэхтээтэ. Онтон үөрэн, олус астынан олоробут. Нюргуяна Прокопьевнаҕа махтанабыт.

 Мин бу кинигэлэри ааҕыам, балтыларбар кэпсиэм, ойуутун  көрдөрүөм. Сахалыы ребустары таайыахпыт. Балтыларбын сахалыы үчүгэйдик саҥарарга үөрэтэрбэр туһалаах буолуо.

Бу кинигэлэртэн саҕалаан, дьиэтээҕи бибилэтиэкэбитин оҥостуохпутун баҕарабыт. Аҕабыт сэбилэниилээх байыаннай дьайыылартан кэллэҕинэ, кинигэ уурар долбуурдары оҥорон биэриэҕэ.

Мин билигин үһүс кылааска үөрэнэбин. Кылааспар бибилэтиэкэрбин, ол иһин кылааспыт кинигэлэрин куруук сааһылыыбын, оҕолорго аахтара биэрэбин. Оскуолам бибилэтиэкэтигэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Онно араас сурунаалы көрөбүн, оҕолор ыспыттарын бэрээдэктиибин.

Улааттахпына бибилэтиэкэр идэтигэр үөрэниэм.

Уруйдаана Варламова,

Күүкэй оскуолатын үөрэнээччитэ,

Сунтаар.

Добавить комментарий