5 лет назад 886
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Недавно в ватсап было помещено видео директора СДК Тюбяй-Жарханского наслега, почетного гражданина Нюрбинского и Сунтарского улусов, актера театра и кино Фрументия Сафронова!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова
“Кырдьарга бэриммэттэр элбээн истиннэр”
!
Афиша
Якт.ру
Фрументий Петрович Сафронов
– Ньурба государственнай драматическай театрын төрүттэспит артыыстартан биирдэстэрэ, Москватаа5ы Щепкин аатынан театральнай училище 1966 сыллаах выпускнига, талааннаах драма, киинэ, артыыһа, ырыаны толорооччу, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, … Ньурба, Сунтаар улуустарын Бочуоттаах олохтоо5о … Театрга үлэлиир сылларыгар элбэх уустук оруоллары ча5ылхайдык, сытыытык арыйар талааннаах артыыһынан, сахалыы ырыаны сүрдээх иэйиилээхтик толорооччунан бар дьонугар биллибитэ. Эдэр сылдьан
“Утро долгого дня”
диэн Рижскай киностудия,
“Дорога к морю”
диэн Мосфильм киинэлэригэр сүрүн оруолу оонньотолообут…
Кырдьарга бэриммэттэр элбээн истиннэр
Кырдьаҕастан сүбэтин ыл, эдэртэн эйэтин ыл диэн былыргыттан кэлбит бэргэн этии баар. Дьиҥэр даҕаны оннук буолуохтаах, сорох эдэр салайааччылар кэлиҥҥи бириэмэҕэ кырдьаҕастарга болҕомтону, суолтаны биэрэр буолбуттара киһини үөрдэр.
Ити политика үөһэттэн дьаһаллар буолбута кырдьаҕас көлүөнэ дьоҥҥо эрэли күүһүрдэр. Дойду Президенэ В.В.Путин өссө 2018 сыллаахха сорук туруорбута: “Россия 2028 сылга диэри аан дойдуга 80-тан тахса орто саастаах гражданнардаах дойдулар кулууптарыгар эрэллээхтик киириэхтээхпит” – диэн. Ол саҕана Россияҕа нэһилиэнньэ олоҕун орто сааһа 70,3 сылга эрэ тэҥнэһэрэ. Оттон ХНТ этэринэн Японияҕа – 84.6, Италияҕа – 83.1, Францияҕа – 82.3 сыл этэ.
Оттон Саха Сиригэр 2018 сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ олоҕун орто сааһа 70.8 сылга тиийдэ. Ил Дархан 2024 сылга диэри орто сааһы 76 сылга тиэрдэргэ сорук туруорда.
Кырдьаҕастарга аналлаах араас өрүттээх үлэлэр нэһилиэктэртэн саҕалаан республика таһымыгар тиийэ ыытыллаллар. Республика салалтата сэрии ветераннарыгар, инбэлииттэригэр пособияны үрдэттэ. Сэрии дьылларын оҕолоругар диэн чэпчэтии сорох көрүҥнэрин олохтоото.
Ити көрүллүбүт дьаһаллар дьиҥнээх дьыалатыгар олоххо киирдэҕинэ, уопсастыба кырдьаҕастарга моральнай өттүнэн болҕомтону күүһүртэҕинэ биһиги кырдьык 2028 сылга диэри аан дойду 80-тан тахса саастаах гражданнардаах сайдыылаах дойдулар ахсааннарыгар киириэхпитин сөп.
Мин итиннэ холобур быһыытынан бэрт кылгастык Сунтаар улууһун Түбэй-Дьаархаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Фрументий Петрович Софронов туһунан кэпсиэм. Кини бүгүн кырдьаҕас дьон ахсааныгар сылдьар. Олоҕун устатыгар үлэ үөһүгэр сырытта, дьон-сэргэ ытыктабылынан туһанна, оройуон, нэһилиэк салальаьын болҕомтотугар сыратта, кинилэр өйөб;ллэринэн туһанна. Ити барыта кини олоҕо ситиһиилээх, чаҕылхай, уһун үйэлээх буоларыгар төһүү күүс буолбута.
Кини айылҕаттан сытыы-хотуу, үлэҕэ дьоҕуурдаах киһи эдэригэр Ньурба театрыгар артистаан культура эйгэтигэр талааннааҕын көрдөрбүтэ. Онтон 40 сыл анараа өттүгэр кэргэнин Нина Ильинична дойдутугар, Сунтаар улууһун кытыы нэһилиэгэр кэлэн олохсуйбута. Кулууп сэбиэдиссэйин быһыытынан үлэлээн, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын улаханнык сэргэхсиппитэ. Кулууп дьиэтэ саҥардыллыбыта, материальнай базата бөҕөргөөбүтэ. Нэһилиэнньэ, ыччат дууһалыын сынньанар, санаалара бөҕөргүүр, сайдар кииннэригэр кубулуйбута.
Кэргэнэ Нина Ильинична кулуупка художественнай салайааччы быһыытынан уус-уран самодеятельноһы салайыыта айымньыылаахтык үлэлээн, онтон Фрументий Петрович бэйэтэ хаһаайыстыбаннай өттүн кыайа тутан, культурнай-маассабай үлэ тэрээһинин дьоҕуурдаахтык ыытан Түбэй – Дьаархаан кулууба оройуоҥҥа эрэ буолбакка, республикаҕа бастыҥ үлэлээҕинэн биллибитэ.
Кинилэр иккиэн күүстэрин холбоон, 1992 сыллаахха “Аман Өс” диэн оҕо театрын республикаҕа биир бастакынан тэрийбиттэрэ. Идеята – төрүт тылы, төрүт үгэһи олоҥхоҕо, С.А.Зверев айымньыларыгар тирэҕирэн тилиннэрии, сайыннарыы этэ.
Фрументий Петрович сып-сап саҥаран, этэн-тыынан нэһилиэккэ эрэ буолбакка, культура эйгэтигэр оройуоҥҥа киэҥник биллэр активист этэ.
Сунтаарга 2006 сыллаахха ыытыллыбыт 4-с Саха Сирин норуоттарын спартакиадатын уонна бастакы Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыыларыгар режиссер Сергей Потапов группатыгар үлэлээбитэ. Ол түгэннэри дьон-сэргэ билиҥҥэ тиийэ умнубакка, олохторугар баар чаҕылхай түгэн быһыытынан өйдүүллэр. Кини бэйэтэ “Күнү олус таптыыбын” диэн ырыаны толоруута улахан суолталаах республиканскай мероприятие арыллыытын киэргэппитэ.
Фрументий Петрович нэһилиэгэр балыктааһыны, муҥханы тэрийээччи буолан, дьонун-сэргэтин айылҕа аһылыгынан күндүлүүр. Айылҕаны таптыыр, көй салгынынан дуоһуйа тыынар. Кэргэнинээн уоллаах кыыһын илдьэ сылдьан айылҕа стэдэрэйин көрдөрөр, баай байанайтан булдунан маанылаттарар буолара. Ол дьарыгын билигин даҥаны бырахпат. Нэһилиэк олоҕор, культурнай сынньалаҥын тэрийииттэн илиитин араарбат.
Фрументий Петрович Софронов аны сотору кэминэн 80 сааһын туолар. Кини курдук үтүө санаалаах, үлэһит, олоххо актыыбынай сыһыаннаах, кырдьарга бэриммэт дуулаҕа санаалаах дьоммут элбээн истиннэр, доруобайдык, дьоллоохтук, уһуннук олордуннар.
К.Е.Иванов,
СР бочуоттаах олохтооҕо.
2020 с. тохсунньу 14 күнэ
Мин блогпар К.Е. Иванов ыстатыйалара:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
«Фейсбуке»
https://www.facebook.com/nikolai.baramygin?ref=bookmarks
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin