Былатыан Ойуунускай – XXI-с үйэ дьонугар сахалыы тыыны тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк - Блоги Якутии
Архив автора

3 года назад 337

Былатыан Ойуунускай – XXI-с үйэ дьонугар сахалыы тыыны тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк

Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - img4.jpg

Мин бу сотору 60 сааспар үктэнээри турар саха киһитэ буоларым быһыытынан,  Платон Алексеевич Слепцов-Былатыан Ойуунускай туһунан син элбэҕи истибит, кини айымньыларын аахпыт киһибин.

Саха литературатын төрүттээбит Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй саҥа үйэ кэлбитин, урукку империялар суох буолар суолга турбуттарын, аан дойду аймалҕаҥҥа киирбитин өйдөөбүтэ кини көлүөнэтэ иитэн таһаарбыт эдэр бассабыык уолаттарга тиийбитэ.

Платон Ойуунускай уонна кини доҕотторо Саха Сирэ Арассыыйа састаабыгар киириэҕиттэн ыла буолбатах быһылааҥҥа – гражданскай сэрии кэмигэр сөптөөхтүк хамсананнар Саха Автономиятын тэрийбиттэрэ. Уонна амнистия биллэрэннэр, саха интеллигенциятын бэйэлэрин диэки тарданнар, саха омугун бастакы судаарыстыбатын тэриллиитигэр бииргэ үлэлээбиттэрэ.

История кинилэргэ олох кылгас кэм биэрбитэ. Тэрийбит өрөспүүбүлүкэлэрин 6 эрэ сыл, 1922 – 1928 сылларга салайбыттара. Ити кылгас кэмҥэ оҥорон таһаарбыттара биһигини сөхтөрөр.

Үрдүкү былаастан үтүрүллэн баран киһи бэйэтин булунара ыарахан. Платон Ойуунускай саха интеллигена буоларын быһыытынан наукаҕа баран, сахалартан бастакынан учуонай аатын ылан, Тылы, Литератураны Историяны чинчийэр институту тэрийбитэ уонна салайбыта. Кини “Дьурулуйар Ньургун Боотур”уонна “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо”олоҥхолору суруйан, саха олоҥхотун научнай чинчийиитин саҕалаан, биһиги норуоппут олоҥхото ЮНЕСКО быһаарыытынан аан дойду шедеврын быһыытынан биллэриллиитигэр бастакы саамай сүрүн хардыыны оҥорбута.

Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - foto-pao2-1.jpg

Уонна Ойуунускай поэт, суруйааччы быһыытынан саха литературатыгар кылаата олус улахан. “Улуу Кудаҥса” курдук модун санаалаах дьон уобарастарын суруйан саха киһитэ бэйэтин атын омуктарга тэҥнээхтик сананарыгар тирэх буолбута. “Сүүс сыллаах былаан” диэн саха литературатыгар бастакы научно-фантастическай кэпсээн суруйбута биһирэбиллээх.

Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - maxresdefault-1.jpg

Түмүгэр, убайбытын Былатыан Ойуунускайы өссө ытыктыырым  диэн, кини олоҕун тухары сахалыы тыыннаах киһинэн хаалбыта, кини кэргэттэрэ Фекла, Татьяна, Акулина бары саха дьахталлара этилэр, оҕолоро Саргылаана уонна Сардаана сахалыы ааттаах этилэр.

Онон  Платон Алексеевич Ойуунускай бу аймалҕаннаах 21-с үйэҕэ саха дьонугар сахалыы тыынын тутар дьаакыр, сайдар суолу ыйар маяк буолар.

Николай БАРАМЫГИН,

Дьокуускай куорат

Опубликовано на сайте Саха Музея 24.04.2022 г.: http://yakutmuseum.ru/news/bylatyan-ojuunuskaj-xxi-s-je-donugar-sahalyy-tyyny-tutar-daakyr-sajdar-suolu-yjar-mayak/

Добавить комментарий