Иван Арбита - судьба и творчество легендарного поэта: видеоподкаст - Блоги Якутии

3 года назад 756

Иван Арбита – судьба и творчество легендарного поэта: видеоподкаст

«Став жертвой репрессий 40-х годов, Иван Арбита на 50 лет был вычеркнут из истории якутской литературы…”

Между тем, в конце 30-х годов Иван Арбита выделился из общей творческой массы, отказавшись от принципов довлеющего соцреализма. Поэт показал через реалистические картины жизни состояние своей души и личные чувства — одиночество, ограниченность, тупиковое настроение, ставшие для власти прецедентом дискредитации советского строя.

Чтобы поэта помнили, мы предлагаем сегодня новый выпуск, посвященный творчеству Ивана Арбиты. Рассказчиком стала Лауреат литературной премии им. Ивана Арбиты, арбитовед, доцент – Елена Афанасьевна Архипова.

Приятного просмотра!


Тайм-коды:

00:00 – Киирии

01:32 – Биллэр дьон Иван Арбита айымньыларын туһунан

04:55 – “рукопистар умайбаттар…”

10:07 – Тоҕо Арбита дэммитэй? Псевдоним суолтатын сабаҕалааһын

14:07 – Иван Арбита поэзиятын уратыта

20:11 – Аныгы дьон Иван Арбита айар үлэтигэр сыhыана

23:36 – Поэт бэйэтин дьылҕатын өтө көрбүтэ

27:40 – Иван Арбита олоҕун, айар үлэтин чинчийэрбин сөбүлэһэр, көҥүллүүр курдук…

30:00 – Көҥүлгэ! Көҥүлгэ дьулуһуо / Өллөрбүн даҕаны мин этим…

35:13 – “Ааттаах поэт Арбита…” спектакль Саха театрын сыанатыгар

45:09 – Түмүк оннугар…




Арбита известен как серьезный, вдумчивый и талантливый переводчик… Он познакомил якутских читателей с произведениями А. Пушкина, М. Лермонтова, В. Маяковского, В. Брюсова, Гейне, К. Бальмонта и др. Художественный уровень переводов Арбиты очень высок. Они остаются непревзойденными образцами и являются достоянием якутской переводческой практики».

Поэт-авангардист, ставший широко известным в конце 30-х годов XX века, опередил время… Иван Арбита оказался из ряда художников первой половины XX столетия, которые не пошли на сделку с совестью, а последовали внутреннему голосу свободного сознания.

фото автора со спектакля Сергея Потапова в Саха театре, в главной роли Валентин Макаров (2013-2015 гг.)







фото Ивана Арбиты из фотоархива Е.А. Архиповой








Мин


Мин –

сир – халлаан киҥкиниир киэҥ ньуурун

кэрийэ кэлбит Күн уолабын,

өй – санаа кытаанах тулуурун

бэттибэт биир бэрдэ буолабын.

Мин –

охтоохтон охтубат күүстээхпин

аныардаах аан дойду буоругар,

өстөөхтөн мин өлбөт үөстээхпит

кыргыһыы кытыастар буолагар.

Мин –

үрүҥ күн сирин уот куйаастыыр

үрдүк тыын үйэлээх уолабын,

сир – халлаан сэһээнин тылбаастыыр

соҕотох апостол буолабын.

Мин –

уон аартык силбэһэр суолугар

дорҕоонноох тойугу туойабын,

киэҥ куйаар таас дьапта суругар

мин ааппын суруйан уурабын.

Мин –

мировой муударас түмүллэр

биллибэт Генийэ буолабын;

ханнык да күүс муҥур көҥүлэ

тулуйбат мин тимир волябын.

Мин –

сиргэ баар хара тыын кистэлин –

хараҥа буруйу сууйабын,

дьоннорго таптал киэҥ кэскилин,

өй – сүрэх ыллыгын ыйабын.

Мин –

ап тыллар кистэлэҥ уохтарын

кылааннаах туйгуна буолабын,

сир хаана чоккуруу тохторун

соҕотох тылбынан буойабын



Иван Арбита,



1940–1941 гг.

Добавить комментарий