"ҺӨҔҮҤ" арт-тутуу арылынна - Блоги Якутии

2 года назад 238

“ҺӨҔҮҤ” арт-тутуу арылынна

Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүнэн төрүт дорҕооҥҥо, сурукка-бичиккэ анаммыт «ҺӨҔҮҤ» арт-тутууну «Саха сирин култуурата» айар бөлөх уонна СӨ Национальнай библиотеката дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэх ууналлар.

Бу арт-тутуу төрүт дорҕооннорбут сыыппара үйэтигэр сүтэн-симэлийэн хаалбакка, үйэттэн үйэҕэ туттулла турдуннар диэн санааттан оҥоһулунна.

Компьютер, телефон үйэтигэр «Һ», «Ө», «Ҕ», «Ү», «Ҥ» буукуларбыт сыыппараҕа эбэтэр атын бэлиэҕэ кубулуйан эрэллэр. Кэлэр көлүөнэ хараҕын далыттан сүтэрдэр эрэ, төрүт дорҕооннору билбэт, туттубат кутталланныбыт.

Саха тыла  Арассыыйа сүтэн эрэр 136 тылын ахсааныгар киирсэр. Чинчийээччилэр этэллэринэн, 2050 сыл саҕана тылбыт музей экспонатын курдук суолталаныан сөп.

Туох барыта кыраттан саҕаланар. Төрөөбүт тылбытын  ытыктыаҕыҥ, төлөпүөммүтүгэр сахалыы клавиатураны туруорунуҕуҥ. Сахалыы  таба суруйуоҕуҥ.

Арт-тутуу общественнай тэрээһин буолар. РФ президенин култуураҕа инициативаларын фондатын уонна СӨ Ил Дарханын граннарынан Национальнай библиотека тэлгэһэтигэр турда. Айар тыл аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  «Оттоку олугун алгыһын» эдэр көлүөнэҕэ туһаайыы арт-тутуу киэргэлэ, баайа буолла. 

«Сахабыт тылын тула мустуоҕуҥ, төрүт дорҕоону өрө тутуоҕуҥ! » – тэрээһин көҕүлээччилэрэ – «Саха сирин  култуурата» айар бөлөх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката –  ыҥыраллар. 

Добавить комментарий