Устудьуон икки күҥҥэ таһаҕасчытынан үлэлээн төһө хамнаһы ылла? - Блоги Якутии

2 года назад 348

Устудьуон икки күҥҥэ таһаҕасчытынан үлэлээн төһө хамнаһы ылла?

Хас биирдии киһи эдэр сааһын былыта суох халлааны кытта тэҥниир. Эдэр саас – киһи кэрэҕэ тардыһыыта, кэлэр олоҕо туһалаах буолар уопуту мунньунуута муҥутуурдук сайдар кэмэ.

Аныгы кэм устудьуоннара үлэлииллэрэ-хамсыыллара үөрдэр. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет физико-техническэй институтун 2 кууруһун устудьуона Степан Протопопов эрдэҕэс сааһыттан айаҕын бэйэтэ ииттэргэ үөрэммит. Уол кэпсээнэ атын устудьуон дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах буолуон сөп.

Үлэ киһини киэргэтэр

-Мин Нам улууһун 2-Хомустаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үс оҕолоох Степан Николаевич, Анна Николаевна Протопоповтар дьиэ кэргэннэрин саамай аччыгыйдарынабын. Ханнык баҕарар тыа сиригэр буоларын курдук, кыра оҕо эрдэхпиттэн үлэлииргэ үөрүйэхпин. Убайбыныын аҕабытыгар күүс-көмө буолан улааппыппыт. Ону таһынан, бааһынай хаһаайыстыбалаах, сылгы-сүөһү иитэр буоламмыт, хотон күрүө-хаһаа, от-мас үлэтигэр буһан-хатан улааппыппыт. Хара үлэ иитэр – үөрэтэр күүстээҕинэн ураты. Оскуолаҕа сылдьан көҥүл тустуу, мас тардыһыыта, теннис, сүүрүү курдук успуорт көрүҥнэригэр холонон көрбүтүм. Билигин бу устудьуоннуу сылдьан ууга харбааһынынан дьарыктанабын. Ыччат чөл туруктаах, бэйэтин кыанар буолуохтаах дии саныыбын, – диэн Степа кэпсиир.

Үөрэҕи уонна үлэни дьүөрэлээн

Университеппыт үөрэҕи, билиини-көрүүнү иҥэрэрин таһынан, устудьуон бары өттүнэн сайдарыгар кыаҕы, тирэҕи биэрэр, усулуобуйа оҥорор. Көхтөөх ыччат үөрэҕинэн эрэ муҥурдаммат.

«Сэргэлээҕим уопсайын кэрэ да киэһэлэрэ…» диэн ырыаҕа ылланарын курдук, уопсай романтиката өрө оргуйар. Университет – устудьуоннар доҕотторун кытта өйөһөн-убансан, кыһалҕаларын уонна үөрүүлэрин бииргэ үллэстэн олорор сирдэрэ

Степа үөрэҕин кэмигэр тоҕо үлэлиирин маннык баһаарар:

-Төрөппүттэрбиттэн харчы көрдүүрбүн сөбүлээбэппин, ити мин өйбөр-санаабар хайдах да батан киирбэт, олус олуона. Дьонум – орто олохтоох-дьаһахтаах дьиэ кэргэн. Дьиҥинэн, төһө баҕарар көмөлөһөр кыахтаахтар. Ол гынан баран, бэйэм борбуйбун көтөҕөн, этим-сииним арыый бөҕөргөөбүтүн кэннэ тута араас быстах үлэлэргэ үлэлиир буолбутум.

-Билиҥҥи кэмҥин, туруккун хайдах сырдатыаҥ этэй?

-Устудьуон сыллара – олохпут биир сүрүн түһүмэҕэ. Бу сылларга биһиги киһи-хара буолар суол төрдүгэр үктэнэбит, итэҕэстэрбитигэр үөрэнэбит, суолбутун тобулабыт, дьиҥнээх истиҥ доҕотторбутун, тапталбытын көрсөбүт. Ону таһынан, элбэх саҥаны билэбит, көрөбүт, мүччүргэннээх сырыылары, тургутуулары ааһабыт. Тус бэйэм туох эмэ кыһалҕа тирээтэ да, ыгылыйбакка-ыксаабакка, холкутук толкуйдаан быһаара сатыыбын. «Манна холоон көрүү миэхэ инникитин туһалаах буолуо» диэни өйдүүбүн.

Университекка устудьуоннар идэлээх сойуустарын таһынан, интэриэстэринэн араас куруһуоктар уонна успуорт сиэксийэлэрэ бааллар. Мин төһө да улахан актыбыыс буолбатарбын, устудьуоннар информацияҕа ааҕыны чилиэнэбин.

Блогу устуу. Идэлэргэ холонуу. «Рабочие руки» сыһыарыы

Устудьуон үөрэнэрин таһынан, өскөтүн үөрэҕин кыайар уонна үөрэх быыһыгар бириэмэ баар буоллаҕына, үлэлирэ диэн бэртээхэй дьыала буоллаҕа. Оннук гынан кини бэйэтин айаҕын ииттэр, дьонугар көмөлөһөр, баҕар, таптыыр киһитигэр күндү бэлэх оҥорор буолуон сөп. Киһи олоҕо – араас.

Степа бу күннэргэ ютуб блог арыйбыт, үчүгэй хаачыстыбалаах уонна туһалаах видео-контент оҥорон таһаарбыт. Ону дьон-сэргэ сэҥээрбит. Ол курдук, бүгүҥҥү туругунан, 500-тэн тахса киһи көрбүт, 30-ча киһи хоруйдаабыт. Саҥа саҕалыыр киһиэхэ ити дьоһун ситиһии. Быһата, Степа көрөөччүлэрин, сэҥээрээччилэрин саҥа хомуна сылдьар эбит. Ону кини сиһилии сэгэтэн маннык кэпсээтэ:

-Мин куруусчутунан I куурустан, I сэмиэстиртэн саҕалаан үлэлиибин. Бастаан таһаҕаһы таһыы үлэтин «Юла» сыһыарыыттан булбутум. Үлэлээн-хамсаан, элбэх табаарыстанан, «Атлас» биригээдэ уонна «Рабочие руки» сыһыарыы баалларын туһунан истибитим. «Рабочие руки» сыһыарыынан, уопсайа, 11 үлэни толордум.

Холобур, биир тэрилтэ ыскылаатыгар үһүө буолан үлэлээбиппит. Алта чаас үлэлээн 1950 солк. хамнас ылбытым. «Рабочие руки» хамнаһа нөҥүө күнүгэр тута түһэр. Ити аһара табыгастаах эбит. Куһаҕана диэн, ый ахсын 20-с чыыһылаҕа кыра нолуок ылар.

-Видеоҕар устубуккун көрдөххө, иккис күҥҥүтүгэр биир уолгут тулуйбатах эбит. Эн ыарырҕаппатыҥ?

-Оннук. Иккис күммүтүгэр 26 туонналаах эти таһыыга «Атлас» биригээдэттэн 5 этибит. Мин эмиэ лаппа сылайбытым. Эппит ыйааһына ыарахана бэрт курдук этэ. Ол эрээри хаһан баҕарар үлэбин тиһэҕэр тиэрдэр үгэстээхпин. Үлэбитин төрдүө буолан бүтэрбиппит. Бу үлэм иһин, хамнаһым кыра эбиискэлэнэн, 2750 солк. илиибэр туппутутум.

Ол эрээри биири бэлиэтиэхпин сөп. Ситэ – хото дьарыга суох киһи доруобуйатыгар ыараханы таһыы охсуулаах буолуон сөп. Онон маннык хабааннаах үлэҕэ чөл туруктаах, бэйэлэрин кыанар уолаттар сылдьаллара ордук. Маны таһынан, «Индрайвер» сыһыарыы иһинэн «Мастера» хайысхаҕа араас үлэни эмиэ көрүөххэ сөп.

Салгыы өссө ханнык үлэлэргэ холонон көрүөххүн баҕараҕын?

-Куруусчут үлэтин таһынан, ыччат киэҥник билэр, үлэлиир идэлэригэр холонон көрөр былааннаахпын. Холобур: бариста(бар остуойкатыгар туран үлэлиир киһи), официант, бармен, кассир уо.д.а. Таһаарбыт матырыйаалбар дьон бэйэтин баҕатын, санаатын эппититтэн үөрэбин.

Оттон видео, медиа хайысхатынан харчы өлөрөр былааныҥ суох дуо?

-Бу чааһыгар саҥа үөрэнэ сылдьабын, элбэхтик быраактыка наада. Онно үөрүйэх, сатабыллаах буолуу ирдэнэр. Дьэ, онтон толору баһылаатахпына, араас барыйааннар, этиилэр көстөн иһиэхтэрэ.

-Бэйэҕин дьоллоох киһинэн ааҕынаҕын дуо?

-Ааҕынан бөҕө буоллаҕа. Мин наһаа дьоллоохпун дьонум этэҥҥэ сылдьалларыттан, чугас доҕордоохпуттан, көй салгыны тыынан көҥүл айа-тута сылдьарбыттан, олоҕум барыта иннибэр күүтэриттэн. Олох олоруу диэн бэйэтинэн дьол буоллаҕа. Эдэр киһиэхэ туох барыта интэриэһинэй. Инникибин уоттаах харахтаах, төлөннөөх сүрэхтээх күүтэбин.

-Чэ, Степа, кэпсээниҥ иһин махтал! Ыраламмытыҥ барыта туолан истин.

Бу кэпсэппит дьоруойбар «туох барыта кыраттан саҕаланар» диэн этии толору барсар. Киһи эдэр сааһыттан киирэр-тахсар, үүтү-хайаҕаһы тобулар, хамсанар буоллаҕына, кэлин үлэһит, өссө элбэҕи үлэлээн бар дьон сэҥээриитин, махталыны ылыаҕа. Эдэр киһиэхэ ситиһиилэри баҕарабыт!

Эльдар Садовников

Добавить комментарий