Рудольф Елизаров: "Суолбун тэлэр сулуһум — күн күбэй ийэккэм" - Блоги Якутии

2 года назад 590

Рудольф Елизаров: “Суолбун тэлэр сулуһум — күн күбэй ийэккэм”

Сааскы ылааҥы күннэр тосхойон эрэллэр. Күөрэйбит күн сылааһын кытта дьон олоҕор-дьаһаҕар, майгытыгар-сигилитигэр тымныы, уһун кыһын кэнниттэн сэргэхсийии наада. Сааскы халлаан чэбдигин, сылаас салгын сүргэни көтөҕүүтүн ыраас нарын куоластаах ырыаһыт Ирина Елизароваҕа анаммыт кэпсэтииттэн саҕалыахха. Бу күннэргэ олоҕор саамай күндү киһитэ, уола Рудольф Елизаровтыын көрсөн кэпсэттибит.

Кулун тутар 8 күнүгэр Ирина Елизарова биһиги кэккэбититтэн туораабыта биир сылын туолар. Кини төһө даҕаны Орто дойдуттан букатын күрэннэр, аата ааттанарын тухары куруутун аттыбытыгар баар. Ирина Елизарова ураты нарын куолаһа араадьыйаҕа иһиллэр, сырдык мөссүөнэ тэлэбиидэнньэ пуондатыттан көстөр, ылбаҕай ырыалара ылланаллар. Ирина дьахтар сиэринэн Рудольф диэн уол оҕону төрөтөн, ийэ буолар дьолу билбитэ.

— Рудольф, ааҕааччыларга бэйэҕин билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

— Мин 22 саастаахпын. Ылдьыын таҥаратын күнүгэр төрөөбүтүм. Ол ардахтаах күн Хаандыгаҕа уот баран хаалбыт этэ. Дьон ийэбэр уолгун Илья диэн ааттаа диэбиттэр. Ол эрээри кини Рудольф Нуреев диэн үҥкүүһүт аатын биэрбит. Арктикатааҕы агротехнологическай университет 2 кууруһун устудьуонабын. Бастакы үөрэҕим — Саха промышленнай техникума. Саха сирин улуустарын ыччатын хабар «ZEMA» түмсүү актыбыыһа буолабын. Устудьуон олоҕум умнуллубаттыы ааһарын туһугар онно – манна көхтөөхтүк кыттарга дьулуһабын.

Оҕо сааһыҥ туһунан кыратык сэгэтэн кэпсиэҥ дуу?

— Оҕо сааһым Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгэр ааспыта. Ийэм үс сааспар диэри көрбүтэ. Онтон тоҕус сааспар диэри эһэм ииппитэ. Онтон убайым Николай Елизаров бэйэтин кынатын анныгар ылбыта. Билигин – биэс оҕо аҕата. Ийэбэр куруутун кэлэ-бара сылдьарым, хаһан да арахсыбатахпыт. Саһыл орто оскуолатын 9 кылааһынан бүтэрбитим. Оскуолаҕа сылдьан сүрдээх мэник этим эрээри, бэйэм бэйэбэр сылдьарбын ордорор этим. 16 сааспар Дьокуускайга үөрэххэ туттарса кэлбитим, онон ийэбэр чугас буолбутум.

Эһэм Николай Гаврильевич Елизаров олохпор сүҥкэн оруоллаах. Аҕабын солбуйбут киһи буолар. Саамай чугас киһим этэ. Бииргэ оттуур, бултуур этибит. Чээлэй күөх саймаархай сайынын наһаа да үчүгэй буолара. Сэттэ сааспар от охсорго үөрэппитэ, ону таһынан анал кыра кыраабыллаах этим. Күндү киһим 2016 сыллаахха ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Бүтэһигин чөл эрдэҕинэ, көрсүбэтэхпиттэн, атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэхпиттэн олус кэмсинэбин, билигин кинини олус суохтуубун.

— Ырыа эйгэтигэр хаһан киирбиккиний?

— Биллэн турар, ийэм сабыдыаллаатаҕа дии. Ол эрээри гитараҕа бэйэм 2017 сыллаахха үөрэммитим. Ийэм барахсан үөрэтэ сатыыра. Тугу эрэ тургэн баҕайытык көрдөрөрүн өйдөөбөт этим, бытааннык көрдөрүүй диирим. Ырыаҕа оҕо эрдэхпиттэн тардыһыылаах буоламмын, сыыйа-баайа бэйэм ырыа суруйар буолбутум. Оҕо сылдьан тустуунан дьарыктанар этим.

ИЙЭМ – ОЛОҔУМ ААННЬАЛА

— Ийэм ханнык баҕарар хараҥа күҥҥэ суолбун тэлэр, сирдиир сырдык сулус. Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үс сааһыгар Винокуровтар диэн ыалтан иитэ ылбыттар. 1996 сыллаахтан 2010 сылга диэри эстрада эйгэтиттэн сүтэ сылдьыбыт эбит. Мин 2000 сыллаах төрүөх буоллахпына, ийэм бэйэтин кэмигэр дьон-сэргэ тапталын ылбыт ырыаһыт буоларын билбэт, сэрэйбэт да этим. Онтон 35 сааһыгар кинини таптыыр, куруук күүтэр сэргээччилэрин, истээччилэрин туһугар төннүбүтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Сэҥээрээччилэрин олус күндүтүк саныыра, кинилэр тустарыгар айара – тутара.

Ийэм олус уйан, чараас дууһалаах киһи этэ. Санньыар санааҕа ылларааччы. Онтон хайдах быыһанар этэй? Айылҕаҕа тахсан ырыа суруйдаҕына, уоскуйара, дуоһуйара. Хоһоон эмиэ суруйара.

Икки түгэни өйдөөн кэллим. Хаандыгаҕа олорор эрдэхпитинэ, ийэм гастроллуу бараары, бакаалаһаары миигин кууспут, сыллаабыт, ону мин тэлэбиисэр пультунан төбөҕө охсубуппун. Ол баран иһэн массыыналара саахалламмыт этэ. “Оҕом таайбыт курдук эбит” дии санаабыт үһү. Билигин ону дьиктиргии саныыбын. Өссө биирдэ ийэм дьиэ иһигэр миигин сүтэрбиттин кэпсээбитэ, өр көрдөөбүт. Ону уота да суох бааннаҕа үрдүбэр бороһуогу кутта-кутта сууна олорор үһүбүн… Ийэм ханна эрэ барарыгар куруук батыһыннара сылдьааччы.

Аҕам туһунан кэпсиир буоллахха…Кини эмиэ Уус Тааттаттан төрүттээх. Ийэм бүтэһик кэнсиэригэр көрсүбүтүм. Биир кыыс оҕолоох, ол аата, мин бииргэ төрөөбүт балтылаахпын.

ИККИСТЭЭН ЭРГИППЭТ СУЛУҺУМ

— Кэнники сылларга ыарытыйара, онтун биллэрбэт этэ. Олохтон барыан эрэ иннинэ, “Amore” баҥкыаттыыр саалаҕа кэнсиэрдээбитэ. Бастакы күн атаҕа иһэн, кыттыбатаҕа. Иккис күнүгэр, олунньу 13 күнүгэр, хайаан да барабын диэн туруулаһан, истээччилэригэр ырыа киэһэтин бэлэхтээбитэ. Кулун тутар 8 күнүгэр күн күбэй ийэбэр, олоҕум биир мааны кэрэ аҥарыгар аккырыыкка, сибэкки бэлэмнээбитим. Онтон былыта суох хааллаҥҥа этиҥ эппитинии, ыар сонуну төлөпүөнүнэн эппиттэрэ…Олох итэҕэйбэтэҕим, эмискэ санньыар санаа ыга кууспута, дууһам кураанахсыйан хаалбыта, биирдэ олоро түспүтүм. Бу олоххо чахчы да, үтүө дьон уһун олоҕу олорботтор эбит дии санаабытым. Ытаабатаҕым, аймамматаҕым. Ол эрээри, биирдэ ийэм таҥастарын хомуйа сылдьан, хараҕым уута иэдэспинэн сүүрбүтүн билбэккэ хаалбытым. Сүтүкпүн кытта соҕотох хаалбатаҕым. Доҕотторо, үөлээннээхтэрэ: Николай Андросов, Николай Донской, Марианна Наумова, Сардаана Осипова, Александр, Сахая Бурнашовтар, Алексей Потапов уо.д.а. ийэбиниин алтыспыт дьон тиһэх суолугар атаарыыга кэлэн күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара. Кинилэр билигин эмиэ билсэллэр, өйүүллэр. Онон ийэбин олус суохтаппаттар, кинилэргэ махталым муҥура суох.

СЫАЛЫМ – ДЬЭҤКЭ, КӨХСҮМ – КИЭҤ

— Актыбыыс буолбатах этим. Ийэм суох буолбутун кэннэ, олус тулаайахсыйан, саас санааҕа ылларбытым. Салгыы хайыырбын, олоҕум суолун устун аны соҕотох хаамарбын – барытын санаабытым. АГАТУ-га академическай уоппуска кэнниттэн барыта уларыйбыта. Сайын Воронеж, Муоскуба куораттарга баран сынньаммытым, сэргэхсийбитим. Үтүөҕэ, сырдыкка, ырааска тардыһар күүһүм улааппыта, олоххо көрүүм уларыйбыта.

Доҕотторум өйөбүллэринэн күн ахсын үөрүүлэрбитин, ыарахаттарбытын тэҥҥэ үллэстэ, эҥэрдэһэ, эдэр сааспытын атаара сылдьабыт.

Былырыын KitJah «Хайҕаа» ырыатыгар кавер устууга куонкурус биллэрбитэ. Куоластааһыҥҥа кыайбыкка свитшот бэлэх уунуом, оттон иккис миэстэлээҕи кытта сыанаҕа ыллыам диэбитэ. Кыайаммын, «пахай, ыллаабаппын дуо ама» дии санаабытым. Онтон иккиэммитин тэҥҥэ ыллаһарга ыҥырбытыгар үөрүүм муҥура суох этэ. KitJah, Jeeda, Инвент, Понсаш, Амыычча курдук ырыаһыттар айар үлэлэрин, толорууларын сэргиибин.

Саамай чугас доҕорбунуун Дьулус Колодезниковтыын суруйбут ырыабыт Вконтакте ситимҥэ тахсыбыта. Онно мин ааппын суруйдаххытына, судургутук булан истиэххит. Мин үөрэхтэнэн, үлэһит бастыҥа, киэҥ эйгэҕэ билиниини ылбыт ааттаах-суоллаах ырыаһыт буолуохпун баҕарабын, ол туһугар үлэлиибин — хамныыбын.

РУДОЛЬФ ЫЧЧАККА БАҔА САНААТА

— Бэйэм саастыы ыччакка туһаайан этиэм этэ: ийэҕитин таптааҥ, харыстааҥ, чугас буолуҥ, элбэхтэ кэпсэтиҥ, санааҕытын үллэстиҥ. Мин ийэбиттэн ыйыппакка хаалбытым олус элбэх, онтон хомойон, кэмсинэн ылабын. Ийэм майгытынан наһаа да элэккэй, холку, туох да кэтэх санаата суох, киэҥ көҕүүстээх киһи этэ. Куһаҕан дьаллыгы батыһымаҥ, түүннэри хаамсымаҥ. Туһалаахха тардыһыҥ, сыалла — сорукта туруорунуҥ.

ҮРДҮККЭ КӨТӨР ТЫЛЛАР

Мин санаабар, Ирина Елизарованы «ураты» диэн тыл ойуулуур уонна киэргэтэр: ураты дьоҕур, тас көрүҥ, майгы, олоххо сыһыан. Кини ырыалара тапталга эрэ аналлаах, сыһыаннаах буолбатахтар. Кини ким да үктэммэтэх тоҥуу хаарын устун иэйиилээхтик хаампыт, үҥкүүлээн да ылбыт айар киһи этэ. Маны Саха сирин дьоно – сэргэтэ өйдөөбүтэ, ылыммыта. Ол курдук, «Маҥнайгы тапталым туһугар», «Сулустар», «Күһүҥҥү алып», «Эн эрэ», «Тоҕо маннык буоларый?» курдук ырыаларыттан дьон кута уйадыйар, үөрэр. Билигин иһиттэххэ, суруйбут ырыалара бэйэтигэр ананар курдуктар. Ирина — иккистээн эргиллибэт сулус. Ол да буоллар үрдүк мэҥэ хааллаантан сулус буолан сыдьаайар, угуйар.

Уола киниэхэ анаабыт тылларынан ыстатыйаны түмүктүүбүн: Ийээ, миигин ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка, иитэн киһи-хара оҥорбуккар, дьоллоох оҕо сааһы, күннэри бэлэхтээбиккэр махтанабын! Оо, ийэм барахсан, аттыбар баарыҥ буоллар… Эн ырыаларгын иһиттэхпинэ, олус да долгуйан ылабын. Уолуҥ, мин, эн ааккын эрдээхтик илдьэ сылдьыам, эйигин үйэтитиэм. Өйбөр-сүрэхпэр хаалбыты умнубаппын, ханнык да дьыл-хонук, ардах-хаар мин үйэлээх тапталбын суурайыа суоҕа!”

Эльдар Садовников

Добавить комментарий