11 лет назад 80
саппыкы кэпсээнэ
өрөбуллэргэ эмиэ отонну бара сырыттыбыт:
бу сырыыга саппыкы остуоруйатын кыратык сырдатыам)
отон үргүү сылдьан тиит мас чөҥөчөгүттэн хатыҥ үүнэ турарын көрдүм)
дьиибэ баҕайы дьи?
солуурум туоллаҕын аайы отоммун массыына5а баран то5он кэлэбин
халлааммыт эмиэ да күннээх, эмиэ да былытырар. эбиэт буолла.
аһаан баран дьүөдьэлэри кэрийэ бардыбыт
кыратык кэтэһиилээх буолла
оол да буоллар, Байанайбыт бэристэ, биир сырыыга 5 көҕөн, 1 чирок
салхыы тыаҕа отонну бардыбыт
мэнээх туһэрдим) учугэй баҕайытык тыалга хамсыы турар этэ))
тыаҕа кэллибит
отон көердүүбүт
үрдэ суох отон.
былыр сахалар “миллион” диэн тылы билбэт буоллахтара дьи? туох дииллэрэ эбитэ буолла? биир ырыаны истэн инник ыйытык үөскээтэ) “халлааҥҥа сүүһүнэн, мөлүйүөнүнэн сулус” дии-дии ыллыр. ону мин “эс!” диэн хардарабын эрэ))
иьиппит туолан, төннөрге сананныбыт. бу бутэьик оҥоойуктарбыт.
кыһыыта диэн – бараары гыннаххына дьэ отон бөҕө көстөн кэлэр! нэһиилэ тыаттан куотан таҕыстыбыт!
сылгылар… сорох кулунчуктар наһаа кыралар. хайдах идэһэ буолар буоллахтарай?
траассаҕа таҕыстыбыт. сотору дьиэбит “көстүө”)
куораппыт уотунан-күөһүнэн көрүстэ. кыл-мүччү салюту түбэһэн көрдүбүт.
ps. асфальт суолга турарбын түһэрбэтэх эбиппин. бэчээль… онтон сылайыы-элэйии да барбыта сүрдээх этэ…
Настроение:
сис буттэ!