7 лет назад 58
ОНО көрдүм…
мээнэ киинэҕэ сылдьыбат бэйэм, бэҕэһээ, дьэ, баран көрдүм э…
уонна брооЧчта ньиэрбинэйдээн өлө сыстым))) ширэҕэшш клоунун сүүрэн тиийэн саайыахпын, тэбиэлиэхпин наһаа да баҕарбытым! киһи ньиэрбэтин сиэтэ, короче) оннук миигин Ди Каприо эрэ ньиэрбинэйдэппитэ, “Джанго освобожденный” диэн киинэҕэ))
дор, ити клоун тоҕо инник буолан хаалбытый, э? киниигэтин булан аахпыт киһи) киниигэтэ быдан кутталлааҕа буолуо дуо?
уонна тугу сөхтум диэ, ити оҕолор игин сүттэхтэринэ тоҕо ким да көрдөөбөтүй? тоҕо ким да аймамматый? АХШ-лар, омуннаахтар, онтон биир эмит киһи сүттэҕинэ отой федеральнай розыск игин бөҕө биллэрээччилэр аҕай дьи, манна буоллаҕына мэлэсээй. бары ньимийэн баран сылдьаллар.
ити эргэ дьиэни эмиэ тоҕо туруоран турдахтарай? сири кытта тэҥнээн, көтүрэн кэбиһиэхтэрин! ипотека кыайан төлөөбөт дьону, онтон, уулусса5а үүрэр аатыраллар дьи, дьиэлэрин нөҥүө кун, тутатына, көтүрэн, сирин хорутан кэбиһэллэр дьииллэр. барыта сымыйа, что-ли?))
аата, умайбыт, эргэ дьиэни сылы сыллаан туруоруо суохпун э… ньиервА, короче))
куорат дьоно да баллар, барытын кистии-саба сылдьаллар, куттаммыта аатыран. “сырыттыннар оччоҕуна!” – диэхпин баҕарабын)) аата, туох да үөрэх-билии киирбэтэх дойдута диэхпэр дылы… үчүгэй баҕайы библиотекалаахтар, оскуола бөҕө, ама ким да ити проблеманы быһаара сатаабатах уһу дуо? ити ханнык эрэ оскуола оҕолоро быһааралларын кэтэһэ сырыттахтара…
биллэн турар, ити курдук кыра, аҕыйах ахсааннаах куораттарга, нэһилиэктэргэ туох эмит куһаҕан тахсаары гынна да барытын саба-кистии сатыыллар. оол биһиэхэ да баар. дьон куттанар… ону Кинг, крассавчик, уруһуйдаан таһаардаҕа дьи. эмэх буолбут Эмиэрикэ тугу бүтэй сымыыкка кистии сатыырын.
а так, киинэҕэ ити 80-с сыллары бэрткэ көрдөрбүттэр) сөбүлээтим.
кэниэһинэ, сорох түгэннэргэ
сымыйа
“уруһуй” соҕуһа биллэр, оол гынан баран харчы боппуруоһу быһаардаҕа дьи) ити киинэни уһулаары харчы бөҕө хамсаатаҕа дьи)
уо.оонньуур оҕолор бэрткэ да оруолларыгар киирбиттэр. кырачаан уолу аһынан ытыы сыстым… :(( хайдах эрэ оҕобор майгыннатан ыллым игин. арай ити еврей уол соччо бэйэтин геройун характерын арыйбата ду диэхпин баҕардым… ылбат-биэрбэт баҕайытык киинэни быһа сырытта, мэһэй-таһай. чэ, улаатан баран уолчаан тугунан эрэ бэйэтин биллэрэр ини, ди) онно эрэниэххэ.
уонна иккис чааһын көрөөрү кэтэһэр буоллахпыт дьи) күнүнэн-дьылынан ааҕан көрдөххө, онно номнуо 2016-с сыллары көрдөрүөхтээхтэр, бытта?
онтон эн Н”Оно” көрдүн да? туох диэн санаатын? ахаары баи киинэ да)))
#сахалыы
#сахалыыТатыйык
#оно
#фильмыТатьяны