9 часов назад 3355
Билгэ: бэйэҕин бил
Сахаларга таҥха, нууччаларга святки кэмэ саҕаланна. Тоҕо чуолаан бу кэмҥэ дьон инникитин таайа сатыыр баҕата күүһүрэрэ буолуой? Туохтан тутулуктааҕый?
Айылҕаттан. Күн кылгаан, тымныы күүһүрэн, туох барыта дөйө тоҥон, көтөр-сүүрэр утуйар, халлаан сирдиин силбэһэргэ дылы буолар. Ол уларыйыы киһи туругар дьайара чахчы. Нукаай курдук турукка түһүүрүҥ да элбээн, түгэх бүдүмүк өйбүтүгэр кистэммит бэлиэлэр түүлгэ биллэллэр, сэрэтэр-таайтарар курдук буолаллар.
Күнтэн-дьылтан. Эргэ уонна саҥа сыл ыпсыыта буолан, бэйэтэ да билгэлэнэргэ анаабыт курдук быыһык кэм.
Эйгэттэн. Кыһыҥҥы ыйдарга сахалар, дьиэҕэ хаайтаран, күнү быһа бэйэ-бэйэлэрин кытта сэлэһэн-сэһэргэһэн, олоҥхолоон-остуоруйалаһан, тыл күүһүнэн арыллан, итиэннэ кыараҕас балаҕаҥҥа элбэх киһи аалыҥнаһан-алтыһан, онтон үөскээбит нэҥир чараас эйгэни арыйыан эмиэ сөп курдук.
Ол эрээри бүгүн мин, аныгы киһи сиэринэн, уйулҕа өттүттэн этиэхпин баҕарабын. Киһи майгытын-сигилитин чинчийэн үөрэтэр исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, бу баар түгэнтэн дуоһуйар, холкутук сылдьар, бүгүҥҥү олоҕуттан үөрэр киһи диэн, нэһилиэнньэ уопсай бырыһыаныгар таһаардахха, соччо элбэҕэ суох эбит. Үксүбүтүгэр, нууччалыы эттэххэ, “тревожность” баар үһү. Ол долгуйуу, дьаарханыы, дьиксинии, куттаныы, айманыы, күүрүү туруга иннибитигэр биһигини туох күүтэрин урутаан билэ сатыырга күһэйэр. Онон таайыы, билгэ, бит диэн, кырдьыга да, психологияны кытта быһаччы ситимнээх. Ол иһин биһиги “Билгэ: бэйэҕин бил” диэн таайтарар оонньууну оҥордубут.
Эн экраҥҥар 1-20 диэри чыыһылалар түргэн-түргэнник элэҥнээн көстөн ааспыттарын скриншоттаабыт буолуохтааххын. Скриншот оҥорботох буоллаххына, манна да гыныаххын сөп.
Ити түбэспит сыыппараҥ эйиэхэ улуу уйулҕаһыттар мөлүйүөнүнэн киһи бэйэтин билэригэр көмөлөспүт бөлүһүөктүү ис хоһоонноох этиилэриттэн биири сүбэ курдук ыйан биэрдэ, ону аах уонна ырытан-анааран көр, бэйэҕин билэргэр күлүүс оҥоһун:
- Всё, что раздражает нас в других, может привести к пониманию нас самих (Карл Густав Юнг).
- Будьте заняты. Это самое дешевое лекарство на земле — и одно из самых эффективных (Дейл Карнеги).
- Прямой зависимости между счастьем и количеством денег не существует. Она возникает только в случае серьезных проблем со здоровьем. Все остальное – состояние психики. При здоровой психике человеку нужно столько денег, сколько он может проесть (Михаил Лабковский).
- Тайна человеческой души заключена в психических драмах детства. Докопайтесь до этих драм, и исцеление придёт (Зигмунд Фрейд).
- Уважать человека – значит быть заинтересованным в том, чтобы он развивался по своему собственному пути (Эрих Фромм).
- Если вы намерено собираетесь стать менее значительной личностью, чем позволяют ваши способности, я предупреждаю, что вы будете глубоко несчастной личностью (Абрахам Маслоу).
- Нужно к себе прислушиваться. Иногда стоит бросить дела и поехать на отдых, погулять, расслабиться. Не стоит ждать, когда мозг тебе скажет, что я ничего не помню (Татьяна Черниговская).
- Неудача не всегда является ошибкой, это просто лучшее, что может быть сделано в таких обстоятельствах. Настоящая ошибка – перестать пытаться (Беррес Фредерик Скиннер).
- Единственный образованный человек — это тот, кто научился учиться и меняться (Карл Роджерс).
- Люди, которые живут наиболее богатой и насыщенной жизнью, стремятся достичь баланса между тремя сферами: работой, любовью и развлечениями (Эрик Эриксон).
- Наша величайшая свобода — это свобода выбирать своё отношение (Виктор Франкл).
- Люди порой говорят о человеке «Он еще не нашел себя». Но себя не находят, а создают (Томас Зас).
- Помните: дети склонны верить родительским словам. Если вы каждый день говорите малышу, что он вредный, он начинает считать себя именно таким (Джон Готтман).
- Всё, что мы есть – это результат наших мыслей (Сиддхартха Гаутама)
- Наша зависимость делает нас рабом, особенно зависимость нашего самоуважения. Если вы нуждаетесь в одобрении и похвале от каждого человека, вы каждого делаете вашим судьей (Фредерик Перлз).
- Жизнь нужно проживать сейчас; её нельзя без конца откладывать (Ирвин Ялом).
- Если вы не будете выражать свои собственные идеи и не будете прислушиваться к своему внутреннему голосу, вы предадите себя (Ролло Рис Мэй).
- Любить друг друга, не теряя себя, – самая большая сложность эмоциональной близости (Эстер Перель).
- Оставьте мир в покое, в конце концов, а на досуге займитесь собой! (Николай Линде).
- Имея конкретную цель, человек чувствует себя в состоянии преодолеть любые проблемы, так как в нём живет его будущий успех (Альфред Адлер).
Бу таайтарар оонньууну билэр дьоҥҥор ыыт. Киһи дьылҕатын быһаарар таҥха кэмигэр сымыйаны таһаарбатах буолуохтаах…
Бэлэмнээтилэр Соргулар.