2 дня назад 388
Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт
Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааххын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах. Ол туоһута бу роликтар – дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары оҥорбуттарын сэҥээрэн көрүҥ.
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сыллара түмүктэнэн эрэр. Ил Дархан кэлэр 2025 сылы Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Онон Кэбээйиттэн Марианна, Харысхал уонна Клим Иванович Эверстовтар поэт Тимофей Сметанин “Сирдээҕи дьол иһин” хоһоонугар видеопоэзияларынан бу кэллиэксийэни түмүктүүбүт.