Биһиги Панабыт - Блоги Якутии

2 дня назад 530

Биһиги Панабыт

Мин Пантелеймон Иннокентьевич Степановтыын биир кылааска үөрэммиппит. Кини оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх сэргэх, көрдөөх-нардаах, онон кини баар буолла да, сэһэн-сэппэн көҕүлүттэн тутуллар, көннөрү да чахчыттан үчүгэйин, көрүдьүөстээҕин булан ылан кэпсээн, биһигини куруук күллэртиир.

Биһиги кылаас уолаттарбыт элбэх буолан, мэниктэр ахсааннарыгар киллэрэллэр эбит. “Ол гынан баран, оччотооҕу оҕолор туох куһаҕаны оҥоруохтарай, көннөрү мэниктээһиннэрэ уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта тутуһан көрүүлэрэ буоллаҕа” диэн ахтыытыгар суруйбут учууталбыт Нина Алексеевна. Кырдьык, бэрээдэги кэһии, уруогу ыыттарбакка мэһэйдэһэр быһыы-майгы суоҕа. Арай уолаттарбыт переменаҕа сүүрэллэрэ дохсуна бэрт буолан, оскуола үлэһиттэрин харахтарыгар хатаннахпыт буоллаҕа.

Ол оннугар уолаттарбыт үчүгэйдэрэ элбэх этэ. Кинилэр үксүн бэйэлэрэ толкуйдаан, тэрээһин үлэни ыытар этилэр. Холобура, Иванов Валентин, тэтэрээт икки лииһигэр бэйэтэ уруһуйдаан, эркин хаһыатын тиһигин быспакка таһаарара.

Алтыс кылааска уолаттарбыт аан бастаан бэйэлэрэ кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Онно Степанов Пана, Чомчоев Толя, Акимов Аркадий, Егоров Ваня буолан ыллаабыттарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Оччолортон уолаттарбыт кыахтаах эбиттэр. Кылааспыт ыстаарыстата Анатолий Игнатьевич Чомчоев научнай үлэтинэн билигин Арассыыйаҕа, ону ааһан тас дойдуларга биллибит киһи буоллаҕа. Оттон СӨ үтүөлээх учуутала Владимир Николаевич Николаев, Саха Сиригэр аан маҥнай  парашютнай куруһуогу арыйан үлэлэтэн, Сэбиэскэй Аармыйаҕа толору бэлэмнээх ыччаты иитэн таһаартаабыта. Николай Саввич Устинов энергетик идэтин баһылаан, инженер буолан, үйэтин тухары “Якутэнерго” тэрилтэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээн, Илин Уһук бочуоттаах энергетигэ буолбута. Иван Иванович Тарасов оройуоҥҥа биллэр салайааччы, Хоро нэһилиэгин баһылыга уонна оскуола дириэктэрэ. Савва Васильевич Васильев физкультура учуутала буолан, оҕолору эт-хаан өттүнэн сайыннарбыта, похуоттарга илдьэ сылдьан, тыаҕа хайдах тыыннаах хаалары, кулуһун оттон астанан-үөллэнэн олорору, оннук чөл олоҕу тутуһарга үөрэппитэ. Ол оҕолор инники олохторугар туһаттан атыны аҕалбата чуолкай.

Барабааннаах Толя Чомчоев, кини уҥа өттүгэр Пана Степанов, аттыгар соппуун сонноох мин турабын.

Кыргыттарбыт да хаалсыбаттар: Полина Алексеевна Тимофеева уонна Розалия Дмитриевна Кузьмина Хоро оскуолатыгар учууталлаатылар. Кинилэр уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара. Полина ыллаан, оттон Розалия хомустаан, нэһилиэк олоҕун сэргэхситэр дьоҕурдаах дьон. Наталия Николаевна Петрова сааһын тухары санэпидстанцияҕа үлэлээтэ. Кини  Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, санэпидстанция туйгунун уонна бочуоттаах үлэһитин аатын ылбыта.

Ити мин сорох бэйэм кылааһынньыктарбын киэн тутта санааммын сырдаталаатым. Оттон бу быйыл ахсынньыга буолаары турар Үөһээ Бүлүү норуодунай тыйаатырын 60 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх үбүлүөйүнэн сибээстээммин, бу тыйаатырга режиссерунан, артыыһынан үлэлээбит, оройуон элбэх нэһилиэктэрин гостуруолларынан сэргэхсиппит, өрөспүүбүлүкэ култууратын туйгуна, биһиги кылааспыт эмиэ биир талба талаана Пантелеймон Степанов туһунан кэпсиэм этэ.

Пана оскуоланы бүтэрэн баран, бэйэтин дьоҕурунан Дьокуускайга  култуурунай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно үөрэнэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэҕэ буолар тэрээһиннэргэ да, кэнсиэртэргэ да көхтөөхтүк кыттара, араас сыаҥкаларга үгүстүк оонньуура. Ол сырыттаҕына, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, Ийэ дойдутугар иэһин чиэстээхтик толорон, сержант званиетын ылан, бойобуой, бэлитиичэскэй бэлэмнэнии туйгуна буолан кэлэн, барыбытын үөрдүбүтэ.

Дойдутугар кэлэн, сөмөлүөттэн түһээт, аан бастаан учуутала Василий Саввич Ксенофонтовы көрсөн, строевой хаамыынан киниэхэ чугаһаан тиийэн, чиэс биэрбит уонна хамандыырга курдук: “Сержант Степанов на Родину прибыл!” – араапардаабыт. Ону истэн, кырдьаҕас учуутала үөрэн, улаханнык долгуйбут үһү. Василий Саввич Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, гвардия лейтенана, кини биһиэхэ история уруогун бэрт интэриэһинэйдик ыытара, сэрии туһунан кэпсиирин уолаттарбыт сэргээн истэн, элбэхтик ыйыталаһаннар, уруок бүппүтүн билбэккэ да хаалар түгэннэрдээх этибит. Кэлин Василий Саввич оҕолору байыаннай дьыалаҕа үөрэппит этэ.

Аармыйаттан кэлэн баран, Пана бэйэтин идэтинэн салгыы үөрэнээри, Хабаровскайга Култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүн театральнай факультетыгар туттарсан, норуодунай тыйаатыр режиссерун идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Ол кэмҥэ Чомчоев Анатолийбыт аны офицер буолан кэлэн, эмиэ Хабаровскайга сулууспалыы сылдьара. Оттон мин эмиэ ол  Хабаровскайдааҕы Култуура үнүстүүтүгэр библиотечнай факультет устудьуона этим. Онон биһиги биир дойдулаахтар, өссө кылааһынньыктар мустаммыт, олус үөрбүппүт.

Хабаровскайга устудьуоннуу сылдьан. Тураллар хаҥастан бастакы А.И. Чомчоев, үһүс П.И. Степанов.
Мин хаҥастан бастакы олоробун, үһүс кытыы Ксения Жиркова.

Пантелеймоммут устудьуоннуу да сылдьан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирэрэ. Кини студенческай этэрээккэ өр сыллаах үчүгэй үлэтин, тэрийэр талаанын иһин ЫБСЛКС Хабаровскайдааҕы крайкомун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыта. Аны театральнай идэтигэр Пана, чахчы, талааннааҕын биллэрэн, үөрэммит үнүстүүтэ киниэхэ Хабаровскай куорат Судаарыстыбаннай драматическай тыйаатырыгар артыыһынан үлэлии хааларга направление туттарбыта. Пана толкуйдаан баран, дойдутугар төннөн, Дьааҥыга Саккырыыр норуодунай тыйаатырыгар режиссёрунан ананан үлэлии барбыта. Кини онно нууччалыы айымньылары бэйэтэ тылбаастаан, нуучча, саха классиктарын айымньыларын ситиһиилээхтик туруортаан, олохтоохторго түргэнник биһирэппитэ. Оройуон нэһилиэктэригэр тыйаатырын үгүстүк гостуруоллатан, кинилэр олохтоохтор күүтүүлээх ыалдьыттарынан буолбуттара.

Айар үлэтин бастакы хардыыларын Саккырыырга итинник ситиһиилээхтик оҥорбутун кэннэ, аны дойдутугар Үөһээ Бүлүү норуодунай тыйаатырыгар режиссерунан ананан кэлэн үлэлээбитэ.

Хаҥастан иккис Пана олорор.

1979 с. «Лоокуут уонна Ньургуһун» драматын туруорбута. Сүрүн геройу Лоокууту бэйэтэ оонньообута. Бу сыл ыһыахха көҕүлүүр биригээдэлэр күрэхтэригэр кини салайар РДК агитбригадата I миэстэни ылан, дьонун үөрдүбүтэ.

Ити сылларга Пантелеймон Степанов режиссер быһыытынан Н.Неустроев «Тиэтэйбитин», Суорун Омоллоон «Олох дьэбэрэтэ», «Ийэ сир» драмаларын, М.Зощенко «Незаменимый» диэн кэмиэдьийэтин көрөөччү дьүүлүгэр таһаарар, нэһилиэктэри кэрийэн көрдөрөр. Ону таһынан араас бырааһынньыктарга, бэлиэ күннэргэ театрализованнай дьүһүйүүлэри туруоран, дьон кэрэхсэбилин ылар.  Сунтаарга буолбут I фольклорнай күрэххэ “Лыыбырда’” диэн норуот остуоруйатынан испэктээгэ  эрэллээхтик бастаабыта. Лыыбырданы Пана бэйэтэ оонньуур. Өрөспүүбүлүтээҕи I фольклорнай күрэххэ лауреат буолаллар.

Мария Матахова суруйбут чабырҕахтарынан бэлэмнэнэн, Анастасия Кардашевская, Александр Тойтонов буолан, Москубаҕа ыытыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус аҕыйах ахсааннаах норуоттарын фольклорун сыаналаан көрөр I бэстибээлгэ үрдүкү наҕараадаҕа тиксибиттэрэ. Ол саха норуотун култууратын сайдыытын көрдөрүүгэ улахан ситиһии уонна билинии буолар.

Саха фольклорун чөлүгэр түһэриигэ, сайыннарыыга Пантелеймон Иннокентьевич үйэтин тухары сыраласта.  Онон култуура эйгэтигэр кини уратыта диэн, дьаныһан туран саха фольклорун киэҥник пропагандалаабыта буолар. Бэйэтэ ааттаах чабырҕахсыт . Фольклору урут соччо сэҥээрэ илик кэмнэригэр да буоллар, бэйэтэ дьарык гынан үөрэнэн, олоҥхону, оһуохайы, чабырҕаҕы, тойугу күн бүгүнүгэр диэри өрө тутан кэллэ.

Бу соторутааҕыта Дьиэ кэргэн сылыгар анаан, поэт, публицист, эссеист Иван Николаевич Егоров-Горнайга анаммыт тэрээһиҥҥэ дьиэ кэргэнинэн күрэхтэһиигэ Степановтар анал бирииһи тутан, кыайыылаах таҕыстылар. Онон Пантелеймон Степанов курдук энтузиастар баар буолан, сахалар төрүт култуурабыт, ырыабыт-тойукпут, чабырҕахпыт, оһуохайбыт сайдар, аан дойду билиниитин ылар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.  

Биһиги Панабыт –  4  оҕо амарах аҕата. Любатыгар тапталлаах кэргэн, элбэх сиэннэригэр эйэҕэс эһээ буолар. Кэргэнэ эмиэ Үөһээ Бүлүү, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа Яков Петрович Егоров кыыһа.  Любовь Яковлевна Степанова сааһын тухары идэтинэн бибилэтиэкэҕэ үлэлээтэ.

Степановтар улахан кыыстара Лада психолог идэлээх, үҥкүү куруһуогун салайар. Кини режиссер Геннадий Багынанов Петр Тобуруокап айымньытынан “Түүҥҥү кыыс” диэн уус-уран киинэтигэр сүрүн оруолу бэркэ табыллан оонньообута.

Иккис кыыс Александра Кытайга Харбин университетын бүтэрэн, онно хаалан преподавателлиир. Кэргэнэ Харбин таможнятыгар үлэлиир.

Үһүс кыыс Елизавета Газизова нуучча тыла үөрэхтээх, билигин өрөспүүбүлүкэ улахан тэрээһиннэрин, кэнсиэртэрин салайан ыытар, биллэр блогер. Соҕотох уоллара Яков юрист идэлээх.  

Биһиги кылааһынньыкпыт Пана санаатын ханнык да түгэҥҥэ түһэрбэт күүстээх санаалаах, олус көрдөөх, элэккэй майгылаах уонна бэйэтэ мэлдьи амарах дууһалаах. Дьону мэлдьи сэргэхситэ, үөрдэ, санааларын өрө көтөҕө сылдьар сэдэх киһи буоллаҕа.

                                                                       Суруйда  Мария Неймохова.

Мин кини ийэтигэр өрүү махтана саныыбын

Зоя Багынанова, СӨ норуодунай артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата:

– Пана аҕата Иннокентий Степанович холкуос биригэдьииринэн үлэлиирэ, оттон ийэтэ Мария Ксенофонтовна  дьиэ хаһаайката этэ. Элбэх оҕолоох ыал этилэр. Зинаны, Кешаны, Ританы улахан дьон буолбуттарын кэннэ эрэ чугастык билсибитим. Пана оҕо эрдэҕиттэн постановкаларга кыттарын сэҥээрэн көрөр буоламмын, артыыс буолуон сөптөөх эбит диэн, Щепкин театральнай училищетыгар туттарсарыгар сүбэлээбитим. Ол этиибин Пана улгумнук ылынан, Дьокуускайга туттарса кэлэ сатаабыта да, биһиги Далырбыт суола уруккуттан да мөлтөх буолан, кини болдьоммут күҥҥэ кыайан тиийбэккэ, эксээмэнигэр хойутаан хаалбыта. Сөмөлүөт уочаратыгар да кыайан тиксибэккэ, айылҕаттан артыыс ыччаппыт Щепкинтэн маттаҕа ол…

Ол да буоллар, Пана син биир култуура эйгэтиттэн арахсыбатаҕа, ол сыл кини култуура институтугар Хабаровскайга туттарсан киирэн, ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна сааһын тухары режиссерунан айымньылаахтык үлэлээтэ.

Пананы көрдөхпүнэ, мин кинилэргэ өрүү махтана саныыбын. Ийэлэрэ барахсан ыараханнык ыалдьан, Дьокуускайга кэлэн өр эмтэнэн, Далырыгар үтүөрэн кэлбитэ. Оччолорго оҕо аймаҕы барытын былчархай ыарыыта буулаабыта. Мин убайым, быраатым уонна бэйэм эмиэ ыалдьыбыппыт. Ыарыым күүһүттэн хаамар да кыаҕа суох буолбутум иһин, ийэм барахсан аҕабар: “Ити улахан ыарыыттан Лэгэнтэй кэргэнэ Маарыйа куоракка эмтэнэн үтүөрэн кэллэ дии, онон оҕолоргун куоракка илдьэн, бырааккар Дьөгүөрүскэҕэ туттар”, – диэн үнтү хаайан, биһиги аҕабытын кытта борохуотунан куораттыыр буолбуппут. Ийэм барахсан улахан чабычах тигэ охсон, онно толору ынах арыытын дьаптайбыта уонна, ол унньуктаах уһун айаҥҥа сиир өйүөбүтүн күөх окко суулаан, ат бэрэмэдэйигэр уктарбыта. Оо, онно биһиги уһуннук да борохуотунан устаммыт, куораппытыгар тиийбиппит. Ол иһин да буолуо, баҕар, мин билигин да уунан устарбын, трамвайынан айанныырбын  олус биһирээбэппин.

Мин аҕам быраата Багынанов Георгий Павлович сэбиэскэй-партийнай үлэһит этэ. Кини оччолорго Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта быһыылааҕа, кэргэнинээн, үтүөкэннээх Мария Осиповна диэн Иркутскайтан төрүттээх амарах сүрэхтээх нуучча саҥаспынаан, кинилэр бэрт эйэҕэстик көрсөн, дьиэлэригэр түһэрбиттэрэ. Ыалбыт бэйэлэрэ эмдэй-сэмдэй түөрт кыра оҕолоохторо. Ону, хата, бэйэбит оҕолорбутугар ыарыы сыстыа диэн куттаммаккалар, оҕолорун биһигини кытта бииргэ туппуттарын мин билигин санааммын сөҕөбүн.

Убайбыт барахсан кэпсэтиитинэн, биһигини Сэргэлээхтээҕи “Красная Якутия” балыыһа аттыгар турар оҕо санаторийыгар киллэрбиттэрэ. Онно үтүөрүөхпүтүгэр  диэри сыппыппыт. Оттон мин биир төгүрүк сыл онно сытан эмтэнэн тахсыбытым. Онон Пана ийэтэ барахсан Дьокуускайга эмтэммит киһи үтүөрэр эбит диэн, бэйэтин холобурунан көрдөрөн, биһиги ити ыарыыттан этэҥҥэ босхоломмуппутун, амарах сүрэхтээх дьоммутугар Дьөгүөрүскэҕэ уонна саҥаспытыгар Марусяҕа махталбыт муҥура суох.

Саха култууратын сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрдэ

 Надежда Толбонова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ

-Мин ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Норуот айымнньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтин дириэктэринэн үлэлиир этим. Бу тэрилтэ улуустар култуура дьиэлэрин, кулууптар үлэлэрин салайара, уус-уран самодеятельность сайдыытыгар утумнаахтык үлэлиирэ, араас бэстибээллэри, куонкурустары, көрүүлэри тэрийэрэ. Төһөлөөх араас элбэх кэлэктиип, талааннаах дьон биһиги иннибитигэр көстөн ааспыттара буолуой? Ол барыта, хомойуох иһин, кэм-кэрдии, бириэмэ аастаҕына, син биир умнуллан иһэр эбит… Ол эрээри актыыбынай уонна уһулуччу чаҕылхай дьон киһи өйүгэр хатанан хаалаллар.

       Биир итинник мин өйдөөн хаалбыт  киһибинэн Пантелеймон Иннокентьевич Степанов буолар – өрөспүүбүлүкэбит култуурата сайдыытыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрбит киһибит.

Кини үлэтин Саккырыырдааҕы норуодунай тыйаатырга режиссерунан саҕалаабыта. Сонун репертуары, классиктары таһааран, бу тыйаатыр үлэтин биллэрдик өрө тардыбыта, бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, хоту дойду дьонун сэргэхсиппитэ. Дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ режиссерунан ананан кэлэн,  профессиональнай тыйаатырдар репертуардарын  норуодунай тыйаатырга ситиһиилээхтик туруорбута. Ол кини режиссер быһыытынан бэйэтин кыаҕын, талаанын ырылыччы көрдөрбүтэ.

   Пантелеймон бэйэтэ артыыс талааннааҕа, испэктээктэргэ сүрүн да, характернай да оруоллары уратытык, итэҕэтиилээхтик толороро.

Саха фольклорун сөргүтээри, 1978-1980 сылларга фольклорнай бэстибээл  ыытыллыбыта. Ол икки сыл иһигэр олоҥхону толорооччулары, тойуксуттары, хомусчуттары, чабырҕахсыттары, уус-уран тыллаахтары түмэ тардан, төрүт култуураҕа болҕомто ууруллубута. Үөһээ Бүлүү норуодунай тыйаатыра “Лыыбырда”  диэн остуоруйанан лауреатын үрдүк аатын ылар чиэскэ тиксибитэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха тыйаатырын литературнай чааһын сэбиэдиссэйэ  И.А.Дмитриев,  театровед, искусствоведение кандидата Д.К. Максимов, Гостелерадио редактора Н.И.Максимов, биллиилээх суруйааччы  Н.А. Габышев бааллара. Профессионаллар сыанабыллара, чахчы, улахан ситиһии туоһута буолбута.

      Пантелеймон Иннокентьевич өссө биир талаана диэн, кини бэйэтэ чабырҕах суруйан ааҕара. Чабырҕах, омос санаатахха, көр-күлүү, киһи эрэ кыайыах курдук көстөр. Дьиҥинэн, бу олус уустук уонна сэдэх жанр буолар. Улахан дьоҕурдаах, саха тылын үчүгэйдик баһылаабыт, уһун тиэкиһи имиллэҕэстик уонна иҥнигэһэ суох түргэнник, хас биирдии тылын дорҕоонноохтук, чуолкайдык саҥарар киһи эрэ кыайан толорор жанра.

        1986 сыллаахха  чабырҕахха өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы куонкуруска балайда элбэх чабырҕахсыт кыттыбыта. Жюри бэрэссэдээтэлэ САССР үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков этэ. Дьэ, манна Үөһээ Бүлүү чабырҕахсыттара Пантелеймон Степанов, Александр Тойтонов уонна Анастасия Кардашевская кыттаннар, Мария Матахова “Биэс бүктээх бүрүкүрээт”, ”Куолуһут кумаар”, “Билэр хонтуорам” диэн чабырҕахтары холбооннор, сценка оҥорон, улаханнык сөхтөрбүттэрэ уонна чабырҕахсыттар куонкурустарын Гран-при хаһаайыттара буолбуттара. Ол кэмҥэ Үөһээ Бүлүү оройуона чабырҕахсыттарынан биллэрдик аатырбыта, маныаха өссө биллиилээх Бүөтүр, Дьуона Николаевтары махтана санаан ааһабын.

         Чабырҕахсыт трио 1989 сыллаахха Москуба куоракка Хотугу норуоттар фолклорнай  бэстибээллэригэр, Саха Сирин кэлэктиибин састаабар киирэн, дипломат буолан, ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.

          Пантелеймон Иннокентьевич олоҕун тухары култуура эйгэтигэр бэрт көхтөөхтүк, таһаарыылаахтык үлэлиир.  Кини көрөөччүлэриниин көрсөрүгэр холкутук хомуллан тахсан, болҕомтолорун кэбэҕэстик тардар. Туймаада ыһыаҕар сыл аайы ыытыллар фольклор куонкурустарыгар хас да төгүллээх кыайыылаах.

Ити курдук, Пантелеймон Иннокентьевич Степанов чаҕылхай талааннаах  артыыс, режиссер, фольклор сайдыытыгар биллэр суолталаах  үлэлээх  уонна сатабыллаах тэрийээччи буолан, кини саха култуурата сайдарыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрдэ.  

Добавить комментарий