3 дня назад 1261
Тыйаатыр баарын тухары кини аата ааттаныа
Бу күннэргэ РСФСР, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Федот Федотович Потапов төрөөбүтэ 95 сылын туолар.
Амма улууһугар үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбыттар – Ф.Ф. Потапов огдообото, саха норуодунай, үтүөлээх артыыһа, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Зоя Багынанова, кыыһа СӨ үтүөлээх артыыһа Елизавета Потапова, сиэнэ Спартак Слепцов, күтүөтэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Павлов уонна Саха тыйаатырыттан култуура үтүөлээх үлэһитэ Даниил Петрович Марков –буолан бара сырыттыбыт. Маҥнай Ф.Потапов төрөөбүт-үөскээбит Абаҕатын сиригэр тиийдибит.
Абаҕатааҕы Устин Нохсоров аатынан Духуобунас киинэ, хайдах эрэ, ыал дьиэтинии сылаас, сырдык, нууччалаатахха, уютнай эбит. Барыта уурбут-туппут курдук ыраас, аккуратнай, ханна да, атын кулууптарга курдук, мээнэ сытар биэдэрэ, буочука, бөх суох. Истиэнэтэ сырдык кырааскалаах матырыйаалынан эпсиэйдэммит. Уота-күөһэ аныгылыы таҥыллыбыт. 200 киһи киирэр улахан саалалаах. Кириэһилэлэрэ тыйаатыр курдук сымнаҕас олбохтоох. Костюмернайдарыгар араас испэктээктэр таҥастара ыйаммыт, сонно хас да иистэнэр массыына баар. Барыта бэрээдэктээхтик хараллыбыттар.
Устин Нохсоровка аналлаах кыракый фойе эркинигэр У. Нохсоров хаартыскалара ыйаммыттар. Биир истиэнэҕэ бу киин наҕараадалара кэчигирэспиттэр. Үгүс күрэхтэргэ, куонкурустарга, бэстибээллэргэ кыайбыт бэлиэлэрэ. Сөхпүтүм диэн, үксэ Гран-при: испэктээктэргэ, ырыаларга, үҥкүүлэргэ. Тыа сирин кулууба диэтэххэ, киһини сөхтөрөр, астыннарар.
Абаҕалар көхтөөх олохтоох дьон эбит. Ону барытын Устин Нохсоров, Федот Потапов, Ольга Иванова-Сидоркевич сыдьааннара, биир дойдулаахтара оҥороллор буоллаҕа, ситиһиилэрэ да баһырхай дии саныыгын. Ол ситиһиилэр дириэктэрдэр Наталья Алексеевна Драгунова, Екатерина Семеновна Яковлева, режиссёр Евгения Николаевна Попова сыраларынан кэллэҕэ.
Уһун кэм устата Абаҕа кулуубугар Наталья Алексеевна Драгунова дириэктэрдээбитэ, кулуубу үрдүк таһымҥа таһаарбыта. Ф.Ф. Потапов төрөөбүтэ 65 сылыгар кини «Очурдаах оҕо сааһым» кинигэтинэн испэктээк туруорбута. Өксөкүлээх «Сэттэ мэтириэтин» туруорбута – олох хатыламмыт уобарастары дэриэбинэ олохтоохторо айбыттара.Онно куорат кыыһын Екатерина Семеновна Яковлева чаҕылхайдык оонньообута.
Н.А. Драгунова улуус киинигэр Аммаҕа үлэҕэ ыҥырыллыбытын кэннэ, Абаҕаҕа дириэктэринэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Семеновна Яковлева ананан, күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Кини култуурунай-сырдатар училищены 1982 с. бүтэрэн, хор салайааччыта идэтин ылан, Абаҕаҕа олохсуйбута. Кэлин үрдүк менеджергэ, социальнай педагогка үөрэнэн үрдэтиммитэ.
Режиссёр – СӨ култууратын туйгуна Евгения Николаевна Попова. Кини Дьокуускайга Култуура кэллиэһин бүтэрэн, Абаҕаҕа ананан кэлбит. Хаһан да сыанаҕа тахсыбатах, хачыгаардары эҥин оонньотон, “Анна Каренина” курдук улахан испэктээги ситиһиилээхтик туруорбута, Саха тыйаатырын сыанатыгар көрдөрбүттэрэ.
Е.Н. Попова оҕолорго анаан Морис Метерлинк 1905 с. суруйбут “Синяя птица” диэн остуоруйатын туруорбутун, Саха тыйаатырын кылаабынай режиссёра Р.И. Тараховскай көрөн сөхпүтэ, хайҕаабыта.
Потапов 80 сылыгар «Үрүҥ Дьураа аттаах Һөдүөт Боотур уол” олоҥхону олохтоох ааптар Илья Семеновка сакаастаан суруйтаран, ситиһиилээхтик туруорбута. Мин бачча тухары аныгы киһи, личность туһунан олоҥхо айан туруорбуттарын истэ да, билэ да иликпин. Евгения Николаевна саҥардыы үлэлээн эрэр кыыс баһырхайдык үлэтин саҕалаабыт. Онно Федот Федотович баай ис хоһооннох, араас түһүүлээх-тахсыылаах сэргэх олоҕо олук буоллаҕа.
Оҕолору үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар талааннаах педагог Егения Николаевна 2006 с. Федот Потапов аатынан «Мааска» диэн оҕо театральнай устуудьуйатын аһан үлэлэтэр.
Абаҕаттан Аммалаатыбыт. Федот Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтин иннигэр баар сквергэ Ф.Ф. Потапов бүүһүгэр тыл эттилэр, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.
Бу Норуот айымньытын дьиэтин мин сайын көрбүтүм. Олох ырай дойдутун садын саната, бүтүннүү сибэккигэ симэнэн олороро сүрдээх үчүгэй, кэрэ көстүү этэ. Ол иннинэ итиччэ элбэх сибэккини ханна да көрбөтөҕүм. Өссө быйыл Олоҥхо ыһыаҕа буолбута, онно анаан симэннэхтэрэ диэн, мэник санаа киирбитэ. Онтум, кэлин билбитим, куруук маннык үһү, 5 тыһыынчаттан тахса араас сибэккини олордоллор эбит. Өссө оччолоох элбэх сибэккини көрүөххэ-харайыахха, уу кутуохха наада ээ.
Итинник дьэрэкээн сад элбэх сыраттан тахсарын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Ол быыһыгар сардаана көстүүлээх икки фонтан уута күлүмүрдүү чаҕылыйар – «Амма уута ып-ыраас» диэн ырыа иһиллэргэ дылы.
Федот Потапов бүүһүн аатырбыт скульптор Семен Прокопьев дьүһүйэн, чочуйан оҥорбута. Үкчү бэйэтинэн олорор, аҥар илиитинэн сыҥаах баттаммыта – артыыс, айар киһи уобараһын ситэрэн биэрэр. Бэрт кыра да деталь сүрдээх суолталаах, дириҥ ис хоһооннуур эбээт.
Улахан таас дыбарыаска – Ф.Ф. Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр киирэбит. Дьэ, мааны уораҕай диэтэҕиҥ! Аҥардас курустаал улахан лүүстэрэлэрэ кэрэтин! Анаан Москубаттан сакаастаан аҕалтарбыттар. Дьиэ ис бараана, интерьерэ – барыта аныгылыы креативнай оҥоһуу.
Ф.Ф. Потапов үбүлүөйүн бэлиэтээһин үөрүүлээх чааһыгар ыҥырыылаах ыалдьыттар сыанаҕа таҕыстыбыт. Экраҥҥа Ф.Ф. Потапов мэтириэтэ уонна кини: “Киһи аймах баарын тухары театр тыыннаах” диэн ох этиитэ тыктарыллыбыт. Артыыстар тыл эттилэр, хоһоон аахтылар.
Ол кэннэ Нерюнгри тыйаатырын куукуланан испэктээкилин көрдүбүт. Онно били «Хирурдар» телесериалга омсолоох дьоруойу оонньообут артыыс Николай Пономарев уонна нуучча кыыһа артыыска бэрт сэргэх испэктээкили нууччалыы оонньоон көрдөрдүлэр. Сериалга оонньуур артыыс көннөрү олоххо олох атыннык ис киирбэхтик көстөр эбит. Сериалга омсолоох дьоруой уобараһыгар сырыттаҕа. Ыллаан-туойан, дьэ, уол оҕото эбит.
Федот Федотович тус олоҕун, дьиэ кэргэнин, айар үлэтин кэрэһилиир хаартыскалардаах истиэндэ бөҕө баар. Онтубут подсветкалаах. Уопсайынан, аммалар биир дойдулаахтарын Федот Федотович Потаповы сүрдээҕин кэриэстииллэрэ, киэн тутталлара харахха быраҕыллар. Ону бэркэ сэҥээрдим. Бу дыбарыаска кини аатын иҥэрэргэ маҥнайгынан тыл көтөхпүт Дмитрий Трифонов буолар. Ф.Ф.Потапов похоронатын кэмигэр эппитэ. Кини урут Ленинград блокадатын саҕана театральнай институкка үөрэнэ сылдьыбыт, Георгий Борисовы кытта сымыйанан балыллан, хаайыыга олорбут.
Салгыы дириэктэр Наталья Алексеевна Драгунова сыралаһан, аатын иҥэттэрбитэ. Өссө Куукула тыйаатырын оҕолорго аһар былааннааҕа, хомойуох иһин, ыарахан ыарыыттан эрдэ олохтон туораабыта. Оччолорго Амма нэһилиэгин баһылыга Василий Иннокентьевич Слепцов сүрдээҕин өйөөбүтэ, көмөлөспүтэ.
Билигин Н.А. Драгунова оннугар эдэр эрчимнээх дириэктэр Петр Алексеевич Кулаковскай үлэлии сылдьар. Кини Нерюнгрига куукула тыйаатырыгар Амма норуодунай тыйаатырын артыыстарын ыытан үөрэттэрбит, онон сотору Н.А. Драгунова барахсан баҕа санаата туолуо диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Бу улахан дыбарыас үчүгэй хаһаайыннааҕа биллэр. Наһаа үчүгэйдик дьаһанан олороллор.
Ньургуйаана Ивановна Илларионова Аммаҕа үлэлиир эбит, улуус баһылыгын солбуйааччы. Мин кинини оччолорго Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирковка көмөлөһөөччүнэн үлэлиирин саҕаттан билэбин. Кэлин Култуура министиэристибэтигэр үлэлээбитэ, ону тэҥэ Амматтан төрүттээх дьон түмсүүтүн салайара. Кэрэ бэйэлээх дьүһүннээх нарын куо билигин улуус дьаһалтатын эппиэттээх үлэһитэ буолан сүүрэ-көтө сылдьар.
Федот Федотович Потапов өр сылларга П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын кылаабынай режиссёрунан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саха тыйаатырын аныгылыы таһымҥа таһаарбыт үтүөлээх. Кини олох устудьуон эрдэҕиттэн тыйаатыр сайдыытын туһунан толкуйдуур, онно анаан бэлэмнэнэр эбит. Федот Потапов «Режиссёрские дневники» кинигэтин ааҕан баран, наһаа сөхпүтүм. Онно кини күннүгэ (дневнигэ) баара. Күн аайы тугу гыммытын, хайдах үөрэммитин, хайа тыйаатырга ханнык испэктээги көрбүтүн сурунан иһэр эбит. Өссө киһиҥ испэктээкиллэри тэҥнии тутан ырытар, сорох түгэҥҥэ кириитикэлиир, ханнык тыйаатыр туох күүстээх, туох мөлтөх өрүттээҕин ыйар. Ааҕа олорон, сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт устудьуон уол буолбакка, сиппит-хоппут тыйаатыр диэйэтэлэ диэн сыана быһаҕын. Оннук ылыннарыылаахтык, дириҥник ырытар. Эдэр режиссёрдарга, артыыстарга үөрэх босуобуйата буолуон сөптөөх.
Өссө биир сүрүн кэрэхсэнэрэ – Щепкиҥҥэ Ф. Потаповтаах устуудьуйаларын куратора, преподавателлэрэ бэлиэтэммит суруйуулара буолар. Олох бэлэм үөрэх бырагыраамата. Куурсунан, семестринэн ханнык кэрчиги бэлэмниирин, ханнык испэктээкили туруорарын барытын суруммут. Онно устудьуоннар хайдах үөрэммиттэрин кытта бэлиэтэммит. Билигин аахтахха, «студент Сергучев, студент Потапов» диэн тыллар биһиги ытыктыы ыраахтан көрөр, сүгүрүйэр артыыстарбытын бэрт боростуойдук этэн кэбиһэрин сүрдээҕин сэргии ааҕаҕын, кинилэр да оҕотук буола сырыттахтара дии саныыгын. Уопуттаах педагог устудьуон оҕолору хайдах үөрэппитин, араас ардыгар соччо бэрдэ да суох быһылааннары хайдах туораабыттарын, нуучча үрдүк култууралаах интеллигент преподавателигэр биһиги хотулуу хааммыт, менталитеппыт хайдах дьайбытын соһуйа да, сөҕө да билсэҕин. Былырыын Щепкини бүтэрбит кыыс ааҕан баран: “70 сыл тухары туох да уларыйбатах, биһиэхэ да итинник этэ”, – диэн саҥа аллайбыт. Саха аата саха буоллаҕа, уларыйыы да баар буоллаҕына, кэм уларыйыыта, оттон саха хаана, хараактара үйэлэри биирдик уҥуордаан кэллэҕэ, эһэлэригэр, эбэлэригэр, сиэннэригэр даҕаны.
Бу кинигэни ааҕан баран, ким баҕарар актерскай маастарыстыбаны үөрэтиэх курдук тиийимтиэтик суруллубут. Ол иһин бу кинигэни элбэх тиражтаах таһаартаран, хас биирдии улууска, нэһилиэккэ тарҕатыах баара. Наһаа туһалаах дьыала буолуо этэ.
Федот Потапов үөрэҕэр кыһаллан, туйгуннук үөрэнэр, кыһыл дипломнаах бүтэрэр. Ол күннүгүн нууччалыы тылынан олох ыраастык грамотнайдык суруйар. Оччолорго сэрии кэмин тыа сирин оҕото хайдах итинник нууччалыы үчүгэйдик билэрин, төрөөбүт тылын курдук кудуххайдык суруйарын соһуйа ааҕаҕын. Баҕар, оччолорго Аммаҕа, Абаҕаҕа нууччалары кытта алтыспыт буолуон эмиэ сөп. Ол эрэн, оччолорго тыа сиригэр туох нууччата кэлбит үһү? Билигин да суох. Федот Федотович олох оҕо эрдэҕиттэн сыал-сорук туруорунан, бэйэтин улахан олоххо, үрдүк миссияҕа бэлэмнээбит. Ол инниттэн нуучча классиктарын кинигэлэрин анаан туран аахпыт, үөрэппит. Сэрии кэмигэр хоргуйууну, быстыыны этинэн-хаанынан билэн улааппыт уол «тыыннаах хааллым, хоргуйан өлбөтүм, онон хайаан да киһи буолуохтаахпын, дойдубар, норуоппар туһалаах буоларга кыһаныахтаахпын» диэн ыра санаалаах үөскээтэҕэ. Онно кини күүстээх санаатын, дьулуурун эбэн кэбис. Ол иһин устудьуон уол улахан биллиилээх тыйаатырдар, артыыстар үлэлэрин ырытарын ылынаҕын, тэҥҥэ сыана быспыт саҕа сананаҕын.
Үөрэҕин туйгуннук бүтэрэн кэлээт, урукку холкуоһунай тыйаатырдар намыһах таһымнарын үрдэтии соругун туруорар. МХАТ, Малай тыйаатыр уо.д.а. тыйаатырдар үлэлэрин көрөн, ырытан, онтон үөрэнэн, нуучча классическай театральнай оскуолатын иҥэриммит режиссёр уол, өссө Москубаҕа Үрдүкү режиссёрскай кууруһу бүтэрэн, билиитин хаҥатан кэлэн, Саха тыйаатырын сайыннарбытынан барар.
Режиссёр быһыытынан артыыстар ис кыахтарын арыйан, артыыс айар таһымын үрдэтэн, испэктээкили туруорууга дьаныһан үлэлээбитэ, пьеса философскай ис хоһоонун арыйарга дьулуспута. Испэктээкилгэ условность ньыматын киллэрэн, туруору бытовой олох-дьаһах примитивнэй тас көстүүтүгэр охтубакка, дьоруой ис туругун, кини өйүн, дууһатын айманыытын көрдөрөргө дьулуспута – көрөөччүнү сэҥээрдибитэ, кэрэҕэ-үрдүккэ дьулуһуутун күүһүрдүбүтэ. Оччотооҕу 60-70-с сыллар ыччата, дьоно-сэргэтэ сөбүлээн сылдьар тыйаатырыгар кубулуппута.
Светлана Петровна Лугинова аатынан Амматааҕы норуодунай тыйаатыр тэриллибитэ 55, биллиилээх режиссёр Ф.Ф. Потапов төрөөбүтэ 95 сылларын бииргэ бэлиэтээбиттэрэ сөптөөх. Онно Ф.Ф. Потапов тэрийбит Нерюнгри тыйаатыра кытынна, салайааччылара Федот Потаповтан эстафета палочкатын туппут үөрэнээччитэ Петр Туруханович Скрябин. Светлана Петровна Лугинова – Саха тыйаатырын эдэр кэскиллээх артыыһа Айсен Лугинов эбээтэ.
Киэһэ итии чэйдээх сандалы тула муһуннубут, ирэ-хоро сэһэргэстибит. Онно биир-биир олохтоох ырыаһыттар тахсан ыллаан-туойан, бэркэ сэргэхситтилэр. Ити быыһыгар олох сүтэрэн кэбиспит сөбүлүүр ырыаһыппын Александр Ушницкайы көрөн-истэн үөрдүм. Кини «Туймаадаларга” ыллаабыта, кэлин Опера уонна балет тыйаатырыгар көстө диэбиттэрэ. Онтубут бу Аммаҕа кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьар эбит. Абаҕа күтүөтэ. Александр Ушницкай көмүс куолаһын истэн дьоллоннум.
Ити курдук биллиилээх режиссёр, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа Федот Федотович Потапов төрөөбүтэ 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһин бэркэ ааста. Биһиги астынан, дуоһуйан, түүннэри куорат диэки айанныы турдубут…
Мария Неймохова.
Ахсынньы 15 күнэ, 2024 с..