Эллэй хоһооннорун аныгы ньыманан тиэрдэргэ сорунан - Блоги Якутии

16 часов назад 449

Эллэй хоһооннорун аныгы ньыманан тиэрдэргэ сорунан

Саха суруйааччыларыттан бастакынан норуодунай поэт буолбут Серафим Романович Кулачиков-Эллэй бүгүн сэтинньи 29 күнүгэр төрөөбүтэ 120 сылын туолла.

“ҺӨҔҮҤ” хамсааһын чэрчитинэн, Национальнай бибилэтиэкэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук оҕолорго видеопоэзия күрэҕин ыыппыта. V-VII кылаастарга Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин Г.В. Ксенофонтов аатынан оскуолатын  үөрэнээччитэ Лилиана Гоголева кыайыылаах тахсыбыта (сал. Л.А. Гоголева, Р.И. Самсонова).

Лилиана Эллэй “Үөрэх ыҥырыыта” диэн хоһоонун ааҕар ролигын көрүҥ.

Бу Тиит Арыы оскуолатын иһинэн “Айылгы” диэн медиакиин үлэлиир (сал. Л.А. Гоголева). Онно дьарыктанар эдэр кэрэспэдьиэннэр Эллэй “Талыы-кэрэ Сахам Сирэ” диэн хоһоонугар оҥорбут видеопоэзиялара эмиэ элбэх киһи сэҥээриитин ылбыта.

Ити “Талыы-кэрэ Сахам Сирэ”  хоһоону аны “Дьохсоҕон Боотурдара” бөлөх ааҕарын истиҥ (сал. Л.П. Тарбахова, В.Ф. Колотинская).

 Бу уолаттар тустуунан утумнаахтык дьарыктанаары, араас сиртэн кэлэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаллар. Интэринээккэ олороллор. Эдэркээн бөҕөстөр, хоһоон ааҕан, чуолкайдык саҥарарга, дьон иннигэр холкутук туттарга үөрэнэллэрэ кэлин  улахан түһүлгэлэргэ күрэхтэһэ баралларыгар олус туһалыаҕа диэн этэн туран, Эллэй айымньылара уонна кини туһунан кинигэлэр түмүллүбүт кэллиэксийэлэрин билиһиннэрэбит. Бу сигэнэн киирэн көр https://new.nlrs.ru/collections/1108

Добавить комментарий