Хоһоонньуттар хоһуйбуттарын худуоһунньуктар дьүһүйдүлэр - Блоги Якутии

1 месяц назад 196

Хоһоонньуттар хоһуйбуттарын худуоһунньуктар дьүһүйдүлэр

Саха тылын  худуоһунньук хараҕынан көрдөрөр “ҺӨҔҮҤ” быыстапка ураты эйгэтигэр хоһоон дьоро киэһэтэ буолан ааста: “Тыл туһунан тыл” диэн перфоманс.

Бу информация, цифровизация, глобализация, модернизация, урбанизация, быһата, барыта ЦИЯ баһылаабыт үйэтигэр төрөөбүт тыл суолтатын толкуйдатар ыйытыылартан дьүһүйүүбүт саҕаланна.

Олоҥхо тыйаатырын артыыстара

Төрүт дорҕоону аныгылыы тэтимҥэ тыаһатар Далан дьүрүскэнин, Спиридон Иванов хомуһун доҕуһуолугар поэттар Рустам Каженкин, Саргылаана Сандаар, Анатолий Слепцов, Александра Матвеева-Долгуура уонна Елизавета Мигалкина хоһооннорун аахтылар.

Көрөөччүлэртэн ким хоһоон ааҕыан баҕарарын ыйыппыттарыгар, Розалия Новикова диэн кыыс таҕыста. Кини физик үөрэхтээх эрээри, дууһатынан лирик эбит.  Өссө эбиитин айтишник.  Олох эдэрдии эрчиминэн тыга сылдьар нэҥирдээх эрээри, “Сылайдым” диэн хоһоонун аахта. Этэргэ дылы, утарылаһар өйдөбүллэри биир ситимҥэ холбоото.

Роза “Непоэты” диэн түмсүүгэ сылдьар эбит. Айта Тимофеевалыын. Иккиэн кэлбиттэр. Айта нуучча билиҥҥи биллэр поэта Федор Сваровскай “Маша” диэн сэһэн курдук хоһоонун харахха киинэни көрөрдүү умсулҕаннаахтык аахта.

Бу кыргыттары сирдээн аҕалбыт Диана Сутакова, өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор айар куттаахтары бэйэтин бассаап бөлөҕөр булан киллэрэн, “АйАрт алгыстаах куйаара” (“Вселенная АйАрт”) диэн улахан түмсүүлэри тэрийэн, эдэр талааннар тахсалларыгар далаһа уурар үтүө дьыаланан дьарыктанар.

Ийэ тыл диэн ийэ тыла. Ол иһин кыргыттарга, кэлин кинилэр тылы иҥэрээччи, тиэрдээччи уонна иитээччи буолалларын өйдөтөн, куйаары кытта ситимниир суһуохтарыгар өбүгэни кытта сибээстиир былыргылыы оҥоһуулаах симэҕи өрөн ииллилэр – сахалыы тыын быстыбат утумун тартылар…

Бу кэмҥэ худуоһунньуктар Йен Сур, Екатерина Суржанинова, уо.д.а., хоһооннортон саҕыллар санааларын тута лиискэ түһэрэн, уруһуйдаан истилэр.

         Ити курдук, хомоҕой тылы, дьикти дьүрүскэни, уран уруһуйу алтыһыннарар кэрэхсэбиллээх киэһэ “ҺӨҔҮҤ: саха тыла – худуоһунньук хараҕынан” быыстапка чэрчитинэн буолан ааста.

Быыстапка ахсынньы бастакы күннэригэр диэри туруоҕа. Белинскэй 44-с дьиэтигэр баар “Арт-Ситим” галереяҕа. Кэлэн көрүҥ, аныгы ускуустубаны кытта алтыһыҥ.

Добавить комментарий