2 месяца назад 3359
Арассыыйа Дьоруойа дойдутугар кэллэ
“Кимий?” – диибин,
“Кини”, – дииллэр,
Кими эрэ кэтииллэр…
Ити ырыаҕа сырдык уоттаах дьиэттэн Үлэ Дьоруойун оһуохайга кэлэрин күүтэр эбит буоллахтарына, биһиги, таатталар, алтынньы 9 күнүгэр сарсыардаттан Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун албан аатын сүкпүт РОДИМИР ДМИТРИЕВИЧ МАКСИМОВЫ күүттүбүт.
Оборона миниистирэ Андрей Белоусов илиититтэн Көмүс Сулуһу түөһүгэр иилиммит Дьоруой уолбут сарсыарда 7 чааска Москубаттан көтөн кэлиэхтээх этэ. Ону ити иннинээҕи күн Дьокуускайга хаардаах ардах түһэн, түүн сиик көтөн, туох да көстүбэт тумана туран, сөмөлүөтү Нерюнгрига түһэрбиттэрэ.
Дьэ, онон бириэмэтэ чопчу биллибэт буолан, кэтэһэн-манаһан, күнүс 11 чааһы ааһыыта көрсөр дьоро түгэммит тосхойдо.
Дьоруойу Тааттаттан улуус баһылыга Айаал Бурцев, солбуйааччыта Святослав Сунхалыров, Дьүлэй нэһилиэгин баһылыга Олег Осипов уонна Родимир ийэтэ, эбээтэ, эһээтэ, аймахтара көрсө кэлбиттэр.
Оттон өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба аппараатан дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Сулустаан Заболоцкай, култуура миниистирэ Афанасий Ноев, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Дмитрий Сергин, итиэннэ “Таатта” түмсүү актыбыыстара, кадеттар.
Чахчыта да, таатталарга бу историческай түгэн буоларын Петр Егорович Захаров бэркэ суруйбут: “Дьоруой диэн өйдөбүл биһиэхэ, Таатта дьонугар, олус ураты суолталаах. Ааспыт үйэ араас өксүөннэригэр, эридиистээх, эккирэтиһиилээх, үтүрүм-хатарым анньыылаах, хара балыырдаах, аат алдьатыылаах кэмнэригэр элбэҕи хам баттаабыттара, үгүһү өрө көрдөрбөтөхтөрө баар аҕай. Социалистическай Үлэ Дьоруойу ааты үлүскэн үлэлэринэн, кыайыыларынан-хотууларынан, сөҕүмэр ситиһиилэринэн ситиспит да дьоммутун өрө туттарбатахтара, хам баттааһын баарын оччотооҕу кырдьаҕастартан хам-түм истэн сонньуйар буоларым. Национализмы күөттээбит улуус диэн балыллан ааттанан, хара мэҥнээх сылдьар оруйуон дьоно этибит буоллаҕа. Онон, доҕоттоор, бу ураты бэлиэ күнү төһөлөөх үрдүктүк тутуохтара этэй аҕа саастаах көлүөнэ дьоммут?.. Кинилэр ыччаттара, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ, тымыр-сыдьаан дьонноро, Ытык Тааттам бар дьоно, уруйдуу көрсүөҕүҥ – Дьоруой Оҕобутун, Уолбутун, Хотойбутун – Родимир Максимовы!”
Үс күннээх, икки түүннээх төгүрүктээһинтэн төлөрүйбүт, соҕотох бэйэтэ, бааһыран да баран, 27 өстөөҕү кыдыйбыт хорсун буойун, Туора Күөл Кузьминнарыттан төрүттээх киэн туттар ыччаппыт Родимир Максимов алтынньы 13 күнүгэр дойдутугар Тааттаҕа тахсыаҕа. Ол иннинэ Ил Дархан кинини көрсүөхтээх. Оттон бүгүн киэһэ “Таатта” түмсүү Дьокуускай “Тото-хана” рестораныгар Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһиигэ, чиэстиир бэлиэ тэрээһиҥҥэ биир дойдулаахтарын ыҥырар.
Хаартыскалар, видеолар социальнай ситимтэн.