Дьиэ кэргэн олимпиадата - Блоги Якутии

10 месяцев назад 289

Дьиэ кэргэн олимпиадата

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларынан,  Балыктаахха кулун тутар 14 күнүгэр өр сылларга Балыктаах оскуолатыгар  математика учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, СӨ Учууталларын учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Марфа Захаровна Федорова аатын үйэтитэр сыаллаах V-VI кылааска үөрэнэр оҕолордоох дьиэ  кэргэттэргэ математикаҕа олимпиада буолла. Матта, Тарат, Төҥүлү, Тумул, Дьабыыл оскуолаларыттан барыта 27 үөрэнээччи, 24 төрөппүт кытынна.

 Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан М.З. Федорова балта Галина Федорова Дьокуускайтан, кыыһа Тыыллыма орто оскуолатыгар учууталынан, интэринээт иитээччитинэн үлэлээбит Валентина Терентьева  буоллулар.

Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр тус-туһунан кылаастарга олорон, биир тиэкиһинэн балтараа чаас устата 6 садаачаны суоттаатылар.Түмүк таһаарыытыгар оҕо уонна төрөппүт баалларын суумалара эбиллэр.

Олимпиада буола турдаҕына, арыаллаан кэлбит учууталларга анаан математика учуутала Светлана Габышева Марфа Захаровна туһунан дириҥ ис хоһоонноох ахтыыны оҥордо, үлэтин уопутун кэпсээтэ.

Быыстапкаҕа М.З. Федорова уруоктарын былааннарын, кэниспиэктэрин, бэйэтэ оҥорбут дидактическай матырыйаалларын, дьоҕурдаах оҕолору кытта үлэлээбит араас тематическай паапкаларын, оҕолор садаачаны кэпсиир уруһуйдарын, о.д.а. туруорбуттар.

Марфа Захаровна хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэрэ. Балыктаах оскуолатыгар, бөһүөлэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэри хаартыскаҕа үйэтиппитэ кичэллээхтик альбомнарга  тиһиллибиттэрэ көрөөччүлэр болҕомтолорун тарта.

14-с төгүлүн ыытыллар олимпиада түмүгүнэн V кылаастарга:

 I миэстэни  Артур, Альбина Андросовтар (Матта) ыллылар.

II миэстэ –  Миша, Евдокия Ноговицыннар (Балыктаах).

III миэстэ – Христофор, Вероника Дохунаевтар (Балыктаах).

Алтыс кылаастарга:

I миэстэ – Сайнаара, Татьяна Стручковтар (Балыктаах).

II миэстэ – Нарыйа, Варвара Березкиннар (Дьабыыл).

III миэстэ – Виталий, Зинаида Цыпандина (Балыктаах).

Бастаабыттарга 5000, иккистээбиттэргэ 3000, үһүстээбиттэргэ 2000 солкуобай харчыны бириис быһыытынан туттардылар.

Түмүк тахсыар диэри оҕолор интеллектуальнай турнирга күрэхтэһэн, Дьабыыл V кылааһын үөрэнээччитэ  Горохов Ярослав I миэстэ буолла.

II миэстэ – Вероника Эверстова, V кылаас (Тумул).

III миэстэ – Артур Андросов (Матта).

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Марфа Захаровна үөрэнээччитэ Мавра Говорова олохтообут анал бирииһин Сайнара, Татьяна Стручковтар; Винокуровтар дьиэ кэргэн олохтообут анал бириистэрин Березкиннар дьиэ кэргэн (Дьабыыл) ылан, үөрүүлэрэ үрдээтэ.

Үлэ бэтэрээнэ Мария Габышева олохтообут анал бирииһин Дьабыыл орто оскуолатын математикаҕа учуутала Ольга Слепцова тутта.

Олимпиада бириистээх пуондатын Марфа Захаровна кылаас салайааччытынан үлэлээбит, оскуолабытын 1964, 1965, 1973, 1977, 1985, 1989 сыллардаахха бүтэрбиттэр үбүлээтилэр.

Ахсаан курдук ыарахан предмети интэриэһиргэтэн, умсугуйан туран үөрэнэллэригэр бары сатабылын, билиитин биэрбит ытыктыыр учууталбыт Марфа Захаровна Федорова аатын үйэтитэр сыаллаах олимпиада бэрт үчүгэйдик, үрдүк таһымнаахтык ааста.

 Марфа Захаровна үөрэнээччитэ Галина Сотникова, эдэр кэллиэгэтэ Светлана Габышева, настаабынньыктарын үлэтин салҕаан, Марфа Захаровна аймахтарын  кытары ыкса сибээһи тутуһан үлэлии-хамсыы сылдьаллара хайҕаллаах.

Мария Зхарова

Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас.

Добавить комментарий