10 месяцев назад 2801
Кэрэни көрбүппүт…
1996 сыллаахха Таатта Дьохсоҕонугар улахан тэрээһин буолбута. Чөл олох тула кэпсэтиилээх, кэмпириэнсийэлээх уонна киэһэтин кэнсиэрдээх.
Дьэ, ол кэнсиэр улаатан эрэр кыргыттарга, биһиэхэ, улаханнык сабыдыаллаабыта: ол күн кэрэни илэ көрбүппүт… Уонна бары, кинилэр курдук, кырасыабай буолуохпутун баҕарбыппыт…
“Айыы Куо” муода тыйаатырын бастакы уонна бастыҥ кэрэчээнэлэрэ: Алена Алексеева, Наталия Баишева, Юлия Чумаевская уонна Лана Лугинова, биһиги кыракый бөһүөлэкпитигэр кэлэн, кулууппут кыараҕас сыанатыгар тахсан, муусука доҕуһуолугар хааман, сахалыы, киэһээҥҥи, “коктейльнай”, аныгылыы таҥастары көрдөрбүттэрэ. Биир бэйэм хаһан да оннугу харахтаабатах киһи эстетическэй соһуйуу, сөҕүү уонна онтон дуоһуйуу туругар киирбитим, кэрэ алыбыгар абылаппытым…
Ити тэрээһин кэнниттэн үрдүкү кылаас кыргыттара бары кинилэр курдук оҥосто сатыыр, бэйэбитин көрүнэр буолбуппут, оскуолабыт “Куорсун Куо” муода тыйаатырыгар (сал. А.П. Ючюгяева) сылдьыах баҕабыт улааппыта.
Ол күлүм гынан көстөн ааспыт талба түгэн үтүөҕэ, үчүгэйгэ, сырдыкка уонна ыраах ыраҕа талаһар баҕабытын күөртээн, кыыс бары өттүнэн кэрэ буолуохтаах диэн өйдөбүлү иҥэринэн, сөптөөх сыаннастарга иитиллэн улааппыппытыгар махтана саныыбыт…
Абылаабыт ааспат ааспыты ахтан ааста Ася А.