Буктрейлер күрэҕин кыттыылаахтара "Сосновый бор" лааҕырга сынньаннылар - Блоги Якутии

10 месяцев назад 671

Буктрейлер күрэҕин кыттыылаахтара “Сосновый бор” лааҕырга сынньаннылар

“Саха Сирин култуурата” айар холбоһук саха тылын харыстыыр, сайыннарар, үйэтитэр уонна тарҕатар соруктаах “ҺӨҔҮҤ” хамсааһынын чэрчитинэн, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ өйөбүлүнэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ былырыын “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин киэҥ далааһыннаахтык уонна үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыта.

Алын сүһүөх кылаастартан саҕалаан, 35-тэригэр диэри саастаах ыччат дьон Булуҥтан, Мииринэйтэн, Өлөөнтөн, Абыйтан, Орто Халыматтан, Өлүөхүмэттэн, Кэбээйиттэн, Үөһээ Дьааҥыттан, Томпоттон, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Намтан кыттыбыттара.

Кылаас кылааһынан холонон көрбүт буолан, 600-тэн тахса оҕо кыттыбытын сайаапкаларынан көрөн оҥорбут испииһэкпит туоһулуур.

         Санатан эттэххэ,  куонкурус 3 бөлөҕүнэн ыытыллыбыта. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, эдэр ыччакка  Ньурба улууһун Күндээдэтиттэн Борис Габышев-Варламов “Биһик” диэн сэһэҥҥэ буктрейлера бастаабыта уонна кини дьокутаат В.Н. Лебедев туруорбут ноутбугунан наҕараадаламмыта. Маны таһынан улахаттарга бу ролик көрөөччү биһирэбилин ылан, “Айар” национальнай хампаанньаттан 5 тыһыынча солкуобай суумалаах сэртипикээти туппута.

Дьиэ кэргэнинэн кыттыыга Чурапчы улууһун Одьулуунугар олорор Максимовтар Бүөтүр Тоборуокап “Аай-ай, Уой-ой, Ээй-эй” диэн көрдөөх остуоруйатыгар буктрейлердара бастыҥынан ааттаммыта. Кинилэр Петр Бурнашев салайар “СУ-77” тэрилтэтиттэн принтер ылбыттара.

  Үөрэнээччилэргэ Аня Кириллина (Саха национальнай гимназията) кыайыылаах буолбута (бирииһэ – “Ил Түмэн” бэчээт дьиэтиттэн уруһуйдуур планшет).

Маны таһынан элбэх киһи “Күкүр Уус” буктрейлерга куоластаан, Уус Алдан улууһун Лөгөй кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Айыллаана Иванова биһирэммитэ.

Онтон атын үчүгэй үлэлэрдээхтэргэ лааҕырга путевкалар анаммыттара. Онон бу дьыл олунньу 26 күнүттэн кулун тутар 10 күнүгэр диэри “Сосновый бор” кииҥҥэ “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” куонкуруска кыттыбыт 50 оҕобут сынньанна.

Кинилэрдиин көрсүһүүнү тэрийэн, Национальнай бибилэтиэкэбит оҕолорго туһуламмыт бырайыактарын сырдаттыбыт. Холобура,https://new.nlrs.ru сайтпыт үөрэнээччилэргэ аналлаах “Школа” (https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/school), “Читаем с рождения” (https://new.nlrs.ru/to-readers/segments/kids) сегменнэрин  билиһиннэрдибит.

Национальнай бибилэтиэкэ Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтүн кытта сахалыы өйдүүр оҥоһуу өйү оҥоро сылдьалларын туһунан истибиккит буолуо. Оҕолор ол  кэскиллээх үлэҕэ кыттыһан,  https://voice.nlrs.ru/ сайтка киирэн, бэриллибит сахалыы 3 этиини доргуччу ааҕан, саҥаларын устан хааллардылар.

Эһиги, ааҕааччылар, эмиэ ити сигэни баттаан, төрүт дорҕооммутун, сахалыы саҥабытын, бэйэҕит эт куоласкытын сыыппара эйгэтигэр, куйаар ситимигэр үйэтитиҥ диэн ыҥырабыт. Хайдах тугу гынаргыт https://voice.nlrs.ru/ сайтка  сиһилии сурулла-ыйылла сылдьар.

Куонкурус кыттыылаахтара мустубучча, күрэхпитин санаан ыллыбыт. Бастыҥ буктрейлердары көрдүбүт, санаа атастастыбыт. 2000-тан тахса киһи көрбүт “Күкүр Уус” буктрейлеры сценарийдаан устубут уонна өссө оруолга оонньообут Айыллаана Иванова доҕотторун уонна аймахтарын кытта кылгас киинэ курдук ролигы хайдах оҥорбуттарын туһунан сэргэхтик сэһэргээтэ.

 Манна даҕатан эттэххэ, “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн тиэмэлээх кэллиэксийэ туох баар 93 буктрейлерын эһиги https://new.nlrs.ru/collections/3636 сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.

 Ити буктрейлердары чуолаан саха тылын учууталлара сэргиэхтэрэ дии саныыбыт. Уруокка көмө матырыйаал быһыытынан туһанарга туох да ааттаах. Онуоха аан бастаан Национальнай бибилэтиэкэ https://new.nlrs.ru/ сайтыгар регистрацияланыах тустааххыт. Ол туһуттан бу куйаар-кодунан киирэн бэлиэтэниҥ.

Бэйэҕит абыраныаххыт – толорорго аҕыйах мүнүүтэҕит бараныа, ол оннугар өрүү, хаһан баҕардаххытына, наадыйар кинигэлэргитин онлайн босхо ааҕар,  бибилэтиэкэ оҥорор өҥөлөрүнэн талбыт туһанар кыахтаныаххыт. Онон кытаатыҥ!

Оҕолору сынньата таарыйа, ким болҕомтолооҕор уонна түргэнигэр “ҺӨҔҮҤ” диэн оонньууну оонньоттубут.

Кыайыылаах саамай кыралара, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ  Ньургун Романов тахсан үөртэ, улахаттары соһутта.  

Оттон Булуҥ улууһун Бороҕонуттан сөмөлүөтүгэр 27 тыһыынча солкуобайы төлөөн көтөн кэлбит Никита Соловьев буурҕа түстэҕинэ хайдах үөрэнэллэрин, Лаптев муора сайыннары мууһунан турарын туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээнэ барыларын умсугутта.

Оҕолор лааҕыры төһө сөбүлээбиттэрин ыйыталастыбыт. Улахан аҥаардара: “Манна иккистээн үөрүүнэн кэлэбит!” – дэстилэр.

Дьэ, өссө кэлиэххитин баҕарар буоллаххытына, өссө биир күрэхпитигэр холонон көрөөрүҥ. Ол курдук, Национальнай бибилэтиэкэ “Саха Сирин култуурата” айар холбоһугу кытта аны сахалыы хоһооҥҥо ролик устуутугар куонкурус биллэриэҕэ. Онон хоһооҥҥутун тала, тугу онно дьүһүйэн көрдөрөргүтүн толкуйдуу сылдьыҥ. Холобура,  бу “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук уонна “Ойдуо” бөлөх Алампа “Төрөөбүт дойду” диэн хоһоонугар маннык ролигы оҥорбуттар.

Ити курдук бэйэҕит хайдах саныыргытынан оҥоруоххутун сөп. Оттон балаһыанньатын уонна ирдэбилин Национальнай бибилэтиэкэ сайтыгар таһаарыахпыт. Киирэн көрө сылдьар буолаарыҥ. Социальнай ситиминэн да тарҕатыахпыт.

Түмүккэ “Сосновый бор” киин дириэктэрэ Яна Николаевна Ивановаҕа уонна путевканы тыырыы, анааһын, лааҕырга киллэрии үлэтин сүрүннэспит Александр Прокопьевич Хабаровка махталбытын тэрийээччилэр ааттарыттан тиэрдэбит. Кэнчээри ыччат кэскилин туһугар өссө да бу курдук бииргэ үлэлэһиэххэ диэн этэбит.

Михаил Соргу түһэриилэрэ.

Добавить комментарий